Бүтэһик алта сылга оҕо төрөөһүнэ элбээтэ

Бөлөххө киир:

Бу туһунан СӨ Ил Дархана «Саха» ГТРК ханаалыгар  «Сахам сирин сарсыардата» биэриигэ эттэ. Бу иннинэ өрөспүүбүлүкэ демографическай көрдөрүүтэ намтаан  испитэ. Бүтэһик алта сыл иһигэр оҕо төрөөһүнэ элбээн, билигин кыра оҕо ахсаана уон үс тыһыынчаны кыратык кыайбат буолбут.

edersaas.ru

— Урукку көрдөрүүлэргэ, биллэн турар, тиийэ иликпит. Ол эрээри, хамсааһын саҕаланна. Бу барыта дойду президенэ систиэмэлээх быһаарыныыларын, уураахтарын, сокуоннарын түмүгэ буолар. Билигин оҕоҕо бэриллэр көмө харчы, ийэ хапытаала улаатта, араас социальнай төлөбүрдэр олоххо киирдилэр. Аҥардас биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр оҕоҕо көрүллэр үп-харчы  2018 сыллаахха 3 миллиард солкуобай буоллаҕына, быйыл 12 миллиардтан таҕыста. Бу үксүн оҕо төлөбүрүгэр туһуланар. Тоҕус миллиарда федеральнай бүддьүөт, уоннааҕыта өрөспүүбүлүкэ харчыта. Онон, дойду салалтата оҕо бэлиитикэтигэр улахан хамсаныылары оҥорон, оҕо төрөөһүнэ улаатта диэн этиэххэ сөп.

Иккиһинэн, дьон олоҕун хаачыстыбата тупсан, өрөспүүбүлүкэ сайдан эрэрин көрөннөр, эдэр дьон төрүүр буоллулар диэн этиэххэ сөп. Биһиги үөрэрбит диэн элбэх оҕолоох ыал элбээн эрэр. Холобура, оҕо төрүүр уопсай коэффициенын, ол аата сүүс киһи хас оҕолонорун көрөр буоллахха, Уһук Илин үрдүнэн биһиги эрэгийиэммит маҥнайгы миэстэҕэ сылдьар. Оттон бүтүн Арассыыйаны ылар буоллахха, сэттис миэстэбит.

Билигин өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтэ 985  тыһыынчаҕа тиийдэ. Маннык тэтиминэн, баҕалаах мөлүйүөммүтүгэр тиийэрбит чугаһыыр, – диэн Айсен Николаев үөрүүлээх сонуннары кэпсээтэ.

Виктория Бястинова, edersaas.ru

Хаартыска СИА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0