Бу күннэргэ «Саха» НКИХ үлэһиттэрэ норуодунай бэйиэт Бүөтүр Тобуруокапка аналлаах документальнай киинэни Үөһээ Бүлүү улууһун Нам с. уһуллулар.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Документальнай киинэ быйыл төрөөбүтэ 100 сааһын туолар Бүөтүр Тобуруокапка ананар. Киинэ ааптара уонна устуу режиссера Наталья Михалева-Сайа үлэтин өссө 2016 с. «Тобуруокап көмүс күһүнүн» тэрээһиннэригэр бара сылдьан саҕалаабыта.
Киинэҕэ П.Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырын уонна олохтоох тыйаатыр артыыстара уһулуннулар. Таҥан оҥоруу режиссера – Саймон Сергеев.
«Петр Николаевич Сталинград сэриитигэр пулеметчигынан сылдьан, илиитин эчэппит эбит. Ону хаһан да кэпсии сылдьыбатах сэмэй киһитин олус сөҕөн сылдьабын. Онон, кини хара өлүөр диэри инники кирбиигэ сылдьыбыт саллаат, патриот буоларын ордук чорботон көрдөрөр санаалаахпын», – диэн Наталья Владимировна санаатын үллэһиннэ.
Литэрэтиирэ бары жанрыгар үлэлээбит, ырыа буолбут хоһооннордоох, оҕо литэрэтиирэтин классига Бүөтүр Тобуруокап туһунан киинэни кини төрөөбүт ыйыгар – алтынньыга көрүөхпүт.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru