Бүөтүр Тобуруокап ытыс саҕа хоһоонноро

20.03.2018
Бөлөххө киир:

Саха норуотун кэмэ суох биһирэппит айымньылардаах норуодунай  бэйиэтэ, сахалыы оҕо литературатын классига, суруйааччыта Бүөтүр Тобуруокап ааспыт сыл алтынньы 25 күнүгэр төрөөбүтэ 100 сыла буолбута.


Кини үгүс айымньылара, хоһоонноро үөрэх бырагырааматыгар киирэннэр, уһуйааннарга, оскуолаларга үөрэтиллэллэр, үүнэр көлүөнэни билиигэ-сайдыыга сирдииллэр.

Уһуйаан иитээччилэрэ Бүөтүр Тобуруокап ытыс саҕа хоһооннорун күннээҕи олоххо үлэ араас көрүҥнэригэр туттабыт. Бэйиэт хоһооннорун оҕолор умсугуйан туран өйтөн ааҕаары үөрэтэллэр. Суруйааччы хоһооннорун тыла-өһө оҕоҕо тиийимтиэ, хоһоонноро биллэрэр-көрдөрөр сыаллаахтар, иитэр-үөрэтэр суолталаахтар. Петр Тобуруокап айымньылара айылҕаны кытта сибээстээхтэр.

Кырачаан оҕолорго анаан таһаартарбыт «Чыычаахтар күнү көрсөллөр» уонна «Күннүүн оонньуур күөрэгэйдэр»  диэн хомуурунньуктара хас да көлүөнэ ыччат дьон тапталлаах кинигэлэрэ буоллулар.

Бүөтүр Тобуруокап  33 сыл оскуолаҕа оҕолору кытта үлэлэспит буолан, оҕо тулалыыр эйгэтин, билэ-көрө сатыыр интэриэһин таба тайанан, айылҕа, хамсыыр-харамай, олох, сиэр-майгы, чөл олох туһунан тиэмэлэри киллэрэн, айар-суруйар үлэтигэр туһаммыт.

Ааптар айылҕабыт эҥин-эгэлгэ сиэдэрэй көстүүлэрин тыыннааҕымсытан ойуулааһына оҕо уйан дууһатын таарыйар:

Ырыаҕа ылламмыт,

Хоһооҥҥо холбоммут,

Маӊанчаан хатыҥым

Мааныгын даҕаны.

Мап-маҥан туоскуттан

Үүт-сүөгэй кэлииһи,

Сэбирдэх аайыттан

Күөх былаат үүнүүһү.

Оргууйдук, оргууйдук

Суугунаа, суугунаа,

Намылхай лабаанан

Далбаатаа, далбаатаа.

 

Тобуруокап олох муудараһыгар үөрэтэр «Тоҕо» диэн хоһооно бу сиргэ олох суолтатын оҕоҕо өйдөнүмтүөтүк быһаарар. Олоххо туох барыта бэйэ-бэйэтин кытта ситимнээҕин, оҥоһуллар аналлааҕын көрдөрөр. Холобур, күн сири сылытар, сиргэ бурдук үүнэр, бурдуктан килиэп, буулка оҥоһуллар, буулканы сиэн оҕо күүстээх-уохтаах, үлэһит киһи буола улаатар.

Оҕо-аймах тапталлаах суруйааччытын айымньылара иитэр суолталара улахан. Кини «Чэгиэн-чэбдик буолуоҕуҥ» диэн хоһооно оҕону кыра эрдэхтэн чэгиэн-чэбдик буоларга, спордунан дьарыктанарга, чөл олоҕу тутуһарга ыҥырар.

Оонньуу көрүҥүнэн суруллубут айымньылара кырачаан оҕолор интэриэстэрин тардыан-тардар. Холобур, «Баар буолуо дуо?» хоһооҥҥо ааптар сыыһатын кыра да оҕо булан ылар: “ынах курдук ыллааччы, ымыы курдук маҥырааччы, тураах курдук хатырыктаах, собо курдук кынаттаах, хоруо курдук мап-маҥан, баата курдук хап-хара?».

Сиэрдээх быһыыга-майгыга үөрэтэр Бүөтүр Тобуруокап киэҥник биллэр дьоруойдарын билбэт саха дьоно суоҕа буолуо. Холобур, манньаҕа эрэ хамсыыр Танюшаны, саахарга топпот бэйэлээх сахсырҕа саарыстыбатын Саар ыраахтааҕыта Сахаары, сымыйалаан уоһа хараарбыт Куома уолу.

Бу хоһооннорго суруйааччы мэниктэри-тэниктэри күлүү гыммат. Ааптар оҕо кыра эрдэҕиттэн бэйэтин быһыытын-майгытын сыаналана улаатарыгар үөрэтэр.

Ити курдук, Бүөтүр Тобуруокап ытыс саҕа хомоҕой хоһоонноро кэнчээри ыччаты сырдыкка, кэрэҕэ, үтүөҕэ угуйа, уһуйа тураллар.

Валентина СИВЦЕВА, педагог, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru 

 Томпо улууһа, Мэҥэ-Алдан.

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0