Бу күннэргэ 65-тэн аҕа саастаах дьоҥҥо туһуламмыт Ил Дархан Айсен Николаев анал дьаһалыгар олоҕуран саастаах дьон дьиэлэриттэн быкпаттар.
edersaas.ru
Дьокуускай куорат олохтооҕо Петр Шишигин бу дьаһал Москва куорат мээрэ Сергей Собянин таһаарбыт ыйааҕын уопутугар олоҕуран ылыллыбытын бэлиэтиир.
— Кырдьык, тыа сиригэр холоотоххо, киин сиргэ саастаах дьон сылдьар, аралдьыйар эйгэтэ үгүһэ чахчы. Эбиэт астаныытын саҕана маҕаһыыҥҥа баран кэлии — саастаах дьон орох тэппит суола буоллаҕа. Мин санаабар, саамай сөптөөх дьаһал кэмигэр таҕыста. 65 саас — кырдьаҕас киһи уорганнарын үлэтэ мөлтөөн барар кэмэ. Куртах, күөмэй, харах сүлүһүннэригэр араас бахтыарыйа иҥэн хаалан, сүлүһүрдэн барар. Саамай чараас сиргэр сыстан баран, сүлүһүнүнэн «эмэр» . Ордук саас — салгын сылыйыыта. Кутталлааҕа диэн бу ыарыы, нууччалыы эттэххэ, «инкубационнай» кэмэ олус уһун. Ый аҥара курдук киһи ыалдьыбытын билбэт, туох да сибики биллибэт. Онтон эмискэ номнуо эмкэ бэриммэт буолбутун кэннэ охторор. Сутуллубут дьон ону билбэккэ киирэн биэрэн өлөллөр эбит. Ол баар куттала! Онон саамай сыстыганнаах кэмэ үүннэ диир кэмнэригэр дьиэҕэ бүгэн олорор ордуга чахчы. Кыһын эбитэ буоллар өссө син да этэ. Биһиэхэ бу ыарыы халлаан сылыйан эрдэҕинэ кэллэ. Саас коронавируһа да суох сыстыганнаах дьаҥ турар кэмэ. Аны кириип курдук киирэр буолан, ыалдьыбыт киһи эмиэ албыннатыан сөп. «Тымныйдым быһыылаах» диэн. Онон ыарыы сибикитин биллигит, мөлтөөтүгүт да эмчиттэнэргит ордук диэн үөлээннээхтэрбэр сүбэлиэм этэ. Дьон былаастар сэрэтиилэрин улахаҥҥа уурбакка, күүлэй, холку олох саҕаламмытын курдук ылыналлара олох сыыһа. Шашлыктаабыта буола сылдьан, сутуллубут киһи аттыгар турдуҥ да, коронавируһуҥ:»Пирибиэт!» — диэтэҕэ ол.
Мин идэбинэн физикпин. Биэнсийэҕэ тахсыахпыттан ахтыылары, мемуардары суруйабын, архыыптары хасыһабын. Онон көмпүүтэри» кууһан» олорор кырдьаҕаспын. Ардыгар байаанынан оонньуур дьарыктаах буолан, табаарыстарым үбүлүөйдэригэр, олохторун бэлиэ күнүгэр ыҥырдахтарына, баран байааммынан оонньоон кэлэбин.
Бырааһынньыктарга сиэннэрбин тиийэн көрсөбүн. Онон аралдьыйарым үгүс. Дьиэҕэ бүгэн, хаайыллан олоробун дии санаммаппын. Киинэ көрөрүм быыһыгар кумааҕыларбын бэрийэбин, суруксуттуубун. Оттон кырдьаҕастарга харчынан көмө туох куһаҕаннаах буолуой? «Дьиэҕэ олордуннар» диэн манчыык курдук буолбатах. Дьаҥ, ыарыы кэмигэр санаа бөҕөргөтөн, моральнай да, материальнай өйөбүл оҥороллоро бэрт буоллаҕа дии.
Ити курдук, Петр Антонович дьиэтигэр олорорун сирбэт киһи, күннээҕи түбүгэ үгүс. Аһын-үөлүн чааһыгар, син эмиэ атын биэнсийэлээх дьон тэҥэ, куулунан, дьааһыгынан ылан хаһаанар үгэстээх буолан, маҕаһыыҥҥа күн аайы тиэстибэт. Оҕолоро да хааччыйаллар.
… Дьиэҕэ олорор дьон, күннээҕи наадаларын ылларан, көмөнөн туһаныахтарын баҕарааччылар 8965996 4808; 8924 867 8858; 8924 178 4377 төлөпүөннэргэ эрийэн, социальнай үлэһиттэри кытта билсиэххитин сөп.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru