Суруйааччы, суруналыыс Иван Никитич Корякин-Уйбаан Бөтүүнүскэй Амма улууһун Бөтүҥ сэлиэнньэтигэр олорор. Сүүрбэттэн тахса кинигэ, отучча ырыа ааптара Бөтүүнүскэй араас кэмнэргэ суруйбут хоһооннорун ылан көрдөххө, саха киһитин олоҕор-дьаһаҕар, күннээҕи түбүгэр, сыл араас кэмигэр тоҕоостоох хоһооннору тута булаҕын. Ол эбэтэр, кини хоһоонноро эдэр да, эмэн да ааҕааччыга хайдахтаах да кэмҥэ хас биирдии күн суолтатын, күндүтүн, дьоһуннааҕын санатар курдуктар.
edersaas.ru
Билигин саха киһитэ хайыы үйэ кыстыгы туоруур туһунан толкуйдаан, от үлэтигэр ылсар. Онуоха Уйбаан Бөтүүнүскэй тылларыгар, Аркадий Самойлов муусукатыгар “Үлэҕэ ыҥырда” диэн ырыа хас биирдии отчут-масчыт сүргэтин көтөҕөр буолуохтаах.
“Саҕаҕы арыйан
Саҥа күн таҕыста
Сып-сылаас кыымынын
Сыдьаайа манньытта.
Сүргэни көтөҕөр,
Сүһүөҕү тэнитэр,
Үтүөкэн күн үүннэ
Үлэҕэ ыҥырда.
Хос ырыата:
Чэй эрэ,
Ыччаттаар,
Ходуһаҕа киирэммит
Хоруйа охсуоҕуҥ.
Кыталык кэриэтэ
Кынтаспыт кыргыттар
Кыраабыл тутаҥҥыт
Кытаатан хамсаныҥ!
Оччоҕо от үксүө
Олохпут барҕарыа
Сахалыы сиэринэн
Саҥалыы салаллыа”.
Бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэбитигэр норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах араас тэрээһиннэр ньиргиэрдээхтик аастылар. Аан дойду ааттаахтарын, виртуоз-хомусчуттары түмпүт улахан түһүлгэҕэ ама бу хоһоон ананыа суоҕа этэ дуо?
Хомус уонна кырыымпа
Үөһэттэн, үөһэттэн
Кый ыраах үрдүктэн
Киэҥ куйаар үөһүттэн
Хомус уонна кырыымпа
Хоһуласпыт дорҕоонноро
Кулгаахтарбар кутуллан
Куппун-сүрбүн туттулар
Тымырбынан сүүрэлээн
Тыыммын-быарбын астылар
Эттиин-сиинниин ылынан
Иһиллээммин турбутум
Истиҥ кэрэ кылыһах
Эриэккэһин сөҕөммүн
Аптаах дохсун муусука
Абылаҥнаах күүһүгэр
Абылатан куустаран
Тулам сырдаан хаалбыта.
Туймаарытан ылбыта
Көтүөх санаам кэлбитэ.
Хомус уонна кырыымпа
Хоһуласпыт дорҕоонноро
Куба кыыллыы хоҥкунаан
Кыталыктыы кыҥкынаан
Кырдьар сааспын баттаһа
Кылыһахтаан ааспыта
Хоһоон тылын тиспитэ
Умнуллубат өйдөбүл
Сырдык тыынын сахпыта.
Үчүгэйиэн, кэрэтиэн
Тыыннаах саха дорҕооно
Дохсун сүүрүк кэриэтэ
Доллоһута туойбута
Ахсым сылгы кэриэтэ
Атаралыы сиэлбитэ
Аҕыс ыйдаах кыһыннаах
Аҥаһыйар тымныылаах
Өлгөм быйаҥ сайыннаах
Үлэ-үөрэх аргыстаах
Барҕа баһаам сир баайдаах
Бултаах-астаах, быйаҥнаах
Сахам сирэ барахсан
Сайдар кэмэ кэлбитин
Аан дойдуга тахсарын
Этэн-тыынан ааспыта
Эриэккэһин эбитин!
2020 сылтан СӨ Ил Дархана Айсен Николаев ыйааҕынан Саха сиригэр Национальнай бэчээт күнэ бэлиэтэнэр буолла. Бу күн хас биирдии хаһыатчыт талан ылбыт идэтин, сурукка түһэрбит ыстатыйаларын, бар дьон билиитигэр таһаарбыт дьоруойдарын хайаан да санаан ылар. Ытыктабыллаах Иван Никитич, бэйэтэ суруналыыс уонна суруйааччы киһи, бу күн эмиэ ааспыт олоҕор эргиллэн ылбыт, хаһыатчыт идэтин талбытыгар дьылҕатыгар махтаммыт буолуохтаах.
Хаһыатчыт
Көрдөххүнэ, туос иллэҥ
Кэлэр, барар, сэлэһэр
Кимниин эрэ көрсүһэр,
Кимниин эрэ мөккүһэр.
Онтон, дьиҥэр, кини баар
Уһаппакка үлэлиир,
Күннээҕи сонуну, олоҕу
Сойуппакка сэһэргиир.
Үлэ киһитин киэргэтээри
Үлүмнэһэ хачыгырыа
Үйэлэргэ хааллараары
Үгүс түүнү кылгатыа.
Итэҕэһи арыйарга
Илбис тылы этиэҕэ,
Куһаҕаны куччатарга
Кутаа тылы булуоҕа.
Хаһыатчыт айар үлэһит
Хайаан да силигин ситэриэ
Кыларыйар кырдьыгын туһугар
Кылгас да соннонуо..
Сэрии сылын оҕото
Иван Никитич Корякин —— Амма улууһун Бөтүҥ нэһилиэгин төрүт олохтооҕо. Кыһалҕалаах оҕо сааһа сэрии сылларыгар ааспыта.
Суруйааччы, суруналыыс Уйбаан Бөтүүнүскэй сэрии сылларыгар сэрииттэн айгыраабыт олоҕу тутууга нуолдьаҕай сааһыттан үлэҕэ эриллибитин, буспутун-хаппытын, эрэйи-кыһалҕаны билбитин бэйэтин айымньыларыгар киллэрэн суруйбута.
Кини Амма улууһун Бөтүҥ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, СӨ бочуоттаах бэтэрээнэ, «СӨ Ытык аҕата» бэлиэ, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайына, СССР, РФ, СӨ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, Норуоттар икки ардыларынааҕы Суруйааччылар сойуустарын түмсүүтүн уонна СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, СӨ Бэчээтин туйгуна, сэбиэскэй эргиэн туйгуна.
Оҕолорго кинигэлэрэ: «Кырымах», «Сандал уонна Пампуусик», «Сандал омук сиригэр», «Дьикти түбэлтэ», «Ньаалбаан кулгаах», «Тууйас туһалаабыта», «Хаар күрүөҕэ», «Туллук хараҕа».
Кинигэлэрэ:
«Төрөөбүт буорум» хоһооннор, «Амма эбэм сылаас тыына» очеркалар, «Аммам устан суһумнаа» ырыанньык, «Тиэрт сырдык кыымҥын». Ону сэргэ нэһилиэк, улуус устуоруйатын кинигэлэрэ, «Тапталлаах Бөтүҥүм», «Дьон олоҕун чэпчэтиһэр баҕанан», «Сэбиэт Аана», «Сыллар быыстарын сэгэтэн, кэлэр кэми түстэһэн», «Туора алаас хотуна» о.д.а. кинигэлэри оҥорсубута.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru