Бүтүн Арассыыйатааҕы устудьуоннар этэрээттэрин сүлүөтүн бырагыраамата

Ааптар: 
25.10.2017
Бөлөххө киир:

Алтынньы 27-29 күннэригэр Дьокуускайга 58-с үлэ симиэстирин түмүктэниитигэр аналлаах Бүтүн Арассыыйатааҕы устудьуоннар этэрээттэрин сүлүөтүгэр Арассыыйа 74 субъегыттан 2000-тан тахса киһи кыттыаҕа.

edersaas.ru

 

Алтынньы 27 күнэ

14:00-17:30 – Спартакиада мандатнай хамыыһыйатын үлэтэ (“Модун” СК)

18:00-21:00 – Киин штаб хамандыыра Михаил Киселевтуун көрсүһүү (ХИФУ үөрэтэр-лабораторнай куорпуһун 102)

Алтынньы 28 күнэ

09:00-10:00 – делегациялар салайааччыларын мунньаҕа (66-с нүөмэрдээх уопсай Б блогун актовай саалата)

10:00 — РФ устудьуоннарын этэрээттэрин Бүтүн Арассыыйатааҕы IV спартакиадата (туспа бырагырааманан)

10:30-13:00 — “Quiz” интеллектуальнай оонньуу (ХИФУ КФЕН атриум)

10:30-13:00 – Үөрэх былаһааккалара (ХИФУ туспа бырагырааманан)

10:30-13:00 — “Устудьуоннар медицинскэй этэрээттэрин бастыҥ байыаһа” Бүтүн Арассыыйатааҕы профессиональнай маастарыстыба куонкуруһа (ХИФУ медицинскэй институтун аактабай саалата)

10:30-13:00 — “Арассыыйатааҕы устудьуоннар этэрээттэрин хаар десана” “төгүрүк остуол” (үөрэтэр-лабораторнай куорпус бибилэтиэкэтин конференц-саалата)

10:30-13:00 — Устудьуоннар бастыҥ педагогическай этэрээттэрэ (түмүк таһаарыы) (ХИФУ үөрэтэр-лабораторнай куорпуһун 102)

10:30-18:00 #ТрудКрут профессиональнай маастарыстыба Бүтүн Арассыыйатааҕы III куонкуруһа (ХИФУ КФЕН спортивнай саалата)

12:00- 12:45 — РФ устудьуоннарын этэрээттэрин Бүтүн Арассыыйатааҕы IV спартакиадаларын үөрүүлээхтик арыйыы (“Кыайыы 50 сыла” спорт Дыбарыаһа)

12:00- 17:00 —  Устудьуоннар этэрээттэрин Бүтүн Арассыыйатааҕы творческай бэстибээллэрин эрэпэтииссийэтэ (ХИФУ “Сэргэлээх уоттара” КК)

12:00- 15:00 “Чочур Мураан” ЭЭК трансфер

12:00- 15:00 — “Олоҥхо дойдутун кистэлэҥэ” станцияларынан оонньуу (ХИФУ КФЕН)

12:00-15:00 СӨ устудьуоннар этэрээттэрэ 50 сылыгар “Арассыыйатааҕы устудьуоннар этэрээттэрэ” пааматынньыгы үөрүүлээхтик арыйыы (ХИФУ устудьуоннар куораттара)

12:00-17:00 — “Кыһын-куорат” ыччат бэстибээлэ (“Чочур Мураан” ЭЭК)

17:00-18:00 – устудьуоннар куораттарыгар трансфер

18:30-20:00 – Арассыыйатааҕы устудьуоннар этэрээттэрин регионнааҕы салааларын салайааччылара РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илин федеральнай уокругун боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлин уонна СӨ Ил Дарханын кытта көрсүһүүлэрэ (ХИФУ үөрэтэр-лабораторнай куорпуһун Учуонай сэбиэтин мунньахтыыр саалата)

19:30-20:00 — хомуллуу, устудьуоннар этэрээттэрин быыстапката (“Триумф” СБК)

20:00-21:30 58-с үлэ симиэстирин түмүктэниитигэр аналлаах Бүтүн Арассыыйатааҕы устудьуоннар этэрээттэрин сүлүөтүн үөрүүлээхтик  арыйыы (“Триумф” СБК)

 

Алтынньы 29 күнүгэр

09:30-17:00 — РФ устудьуоннарын этэрээтин IV Бүтүн Арассыыйатааҕы спартакиадалара (туспа бырагырааманан)

10:00-13:00 — “Арассыыйатааҕы устудьуоннар этэрээттэрэ” регионнааҕы ыстааптарын салайааччыларын мунньаҕа (ХИФУ үөрэтэр-лабораторнай куорпус 102)

10:00-17:00 — #ТрудКрут профессиональнай маастарыстыба Бүтүн Арассыыйатааҕы III куонкуруһа (ХИФУ КФЕН спортивнай саалата)

10:00-13:00 — “Устудьуоннар медицинскэй этэрээттэрин бастыҥ байыаһа” Бүтүн Арассыыйатааҕы профессиональнай маастарыстыба куонкуруһа (ХИФУ медиинскэй институтун аактабай саалата)

10:00-17:00 — устудьуоннар этэрээттэрин Бүтүн Арассыыйатааҕы творческай бэстибээллэрэ (“Сэргэлээх уоттара” КК)

10:00-17:00 — үөрэх былаһааккалара (ХИФУ туспа бырагырааманан)

10:00-17:00 – “СӨ устудьуоннарын этэрээттэрин 50 сыла” устудьуоннар этэрээттэрин бэтэрээннэрин көрсүһүүтэ (ХИФУ үөрэтэр-лабораторнай куорпуһа 102)

10:00-17:00 – “Медицинскэй этэрээттэр. Үлэ түмүгэ. Инники сайдыылар” “төгүрүк остуол” (ХИФУ)

17:00-17:45 — Спартакиада сабыллыыта, көрүҥнэринэн кыайыылаахтары, призердары наҕараадалааһын (“Кыайыы 50 сыла” спорт Дыбарыаһа)

18:00-19:00 – кыттааччылар хомуллуулара, устудьуоннар этэрээттэрин быыстапката (“Триумф” СБК)

19:00-21:30 — 58-с үлэ симиэстирин түмүктэниитигэр аналлаах Бүтүн Арассыыйатааҕы устудьуоннар этэрээттэрин сүлүөтүн үөрүүлээх сабыллыыта (“Триумф” СБК)

22:00-06:00 – Культурнай бырагыраама, “Мисс Российские Студенческие Отряды” кырасаабыссалар уонна талааннаахтар куонкурустара  (23:30-01:30) (“Европа” кулууп).

“Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0