Коронавирус дьаҥа тарҕамматын туһугар Үөрэҕи уонна билими кэтээн көрөр федеральнай сулууспа Бүтүн Арассыыйатааҕы бэрэбиэркэлиир үлэни (ВПР) күһүҥҥүгэ көһөрбүт.
Бүтүн Арассыыйатааҕы бэрэбиэркэлиир үлэни быйыл күһүн балаҕан ыйын 19 күнүттэн алтынньы 24 күнүгэр ыытар былааннаахтар. Күннэрэ чопчу балаҕан ыйын саҥатыгар диэри биллиэ диэн этэллэр. “Бэрэбиэркэлиир үлэҕэ элбэх үөрэнээччи, учуутал кыттар. Ордук оҕолор ортолоругар ыарыыны хат көбүппэт туһугар көһөрөргө быһаардыбыт. Бэрэбиэркэлиир үлэни эрдэ ыыппыт оскуолалар хаттаан толорботтор. Түмүгүн систиэмэҕэ киллэрэн биэрэр эрэ эрэйиллэр”, — диэн Үөрэҕи уонна билими кэтээн көрөр федеральнай сулууспа салайааччыта Анзор Музаев иһитиннэрбит.
Манна даҕатан эттэххэ, эксээмэннэр ыйыллыбыт болдьохторугар ыытыллаллар диэн суруйаллар. Кулун тутар 21 күнүттэн сүрүн түһүмэх иннинээҕи (досрочный период) номнуо саҕаламмыта.
Хаартыска: СИА