“Бөтүүк сылын үлэ үөһүгэр көрүстүм”, — диир “элбэх дьиктилээх” суруйааччы Иван Иннокентьев

03.01.2017
Бөлөххө киир:

Кини 1957 с. Кэбээйигэ төрөөбүтэ. 1980 с. Иркутскайдааҕы госуниверситет суруналыыстыкаҕа салаатын үөрэнэн бүтэрбитэ. 1992 с. Россия Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ. Айымньылаах үлэтин иһин Пушкин мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Россия Улахан литературнай бириэмийэтин лауреата. СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ.  Иван айар үлэтин 1980 с.“Молодежь Якутии” хаһыаттан саҕалаабыта. Билигин “Полярная звезда” сурунаал кылаабынай эрэдээктэрин солбуйааччы. Аан бастакы кинигэтэ “Куст, который грел” аатынан 1990 с. тахсыбыта. Онтон сыыйа, утуу-субуу “Некто и некий”, “Проклятые воители”, “Колодезь познания”, “Тайна”, “Тамбур Тутанхамона”, о.д.а. айымньылара күн сирин көрбүттэрэ.  Уопсайа уонча кинигэ ааптара.

Татьяна Маркова, “Саха сирэ”, https://edersaas.ru/

Үүммүт 2017 сыл Иван Ивановичка үбүлүөйдээх сыла, онон, Саҥа сылы хайдах көрүстүҥ, диэн үгэс буолбут ыйытыыга:

— Үлэ үөһүгэр буоллаҕа! Кулун тутарга 60 сааспын туолабын. Онон, “МАЛОЕ ИЗБРАННОЕ” диэн – “Малая советская энциклопедия” диэн баара дии (күлэр), ол курдук, саҥа кинигэбин бэчээккэ бэлэмнээтим. Бу 11-с кинигэм буолуоҕа, — диир кини.

Прозаик, драматург, нууччалыы тыллаах саха суруйааччыта Иван Иннокентьев киэҥ ааҕааччыга, мин санаабар, бэрт судургута суохтук суруйар, уустук да диэххэ сөп, ааптар быһыытынан литератураҕа киирбитэ. Кини кэпсээннэрэ, ордук эрдэтээҥҥилэрэ, классическай – саха киһитин олоҕун-дьаһаҕын, тапталын, айылҕатын туһунан буолбакка, аан дойду проблемаларын  быһаарарга уонна, өйдөөн көрдөххө, омуга биллибэт дьон, уопсайынан киһи аймах  уустук сыһыаннаһыыларын, дьон майгытын-сигилитин, психологическай өрүттэрин  аһан көрдөрөргө дьулуһар, бу олоххо КЫРДЬЫК диэн ханна баарын көрдьүүр  бөлүһүөктүү айымньылар. Уратытык суруйар, бэйэтэ туспа буочардаах, куоластаах суруйааччы. Сорохтор кинини “дьикти” кэпсээннэри суруйар ааптарынан ааҕаллар. Саха литературатыгар маннык урут суоҕун кэриэтэ этэ… Ол иһин буоллаҕа, бастаан бэчээттээн испэтэхтэрэ, кинигэлэрэ “уларыта тутууну”  кытта тэҥҥэ күн сирин көрбүттэрэ… “Дьай. Дьол. Имэҥ”, “Пророк”, “Трихина”, “О Соломоне Мудром, Александре Македонском и Весах Мироздания” итиэннэ  “Таро – добрый странник”, о.д.а.   пьесалара өрөспүүбүлүкэ тыйаатырдарыгар ситиһиилээхтик туруоруллаллар. Иван Иванович маны таһынан саха суруйааччыларын айымньыларын нууччалыы тылбаастыыр, саха худуоһунньуктарын хартыыналарын коллекциялыыр. Дьиэтигэр дьоҕус чааһынай мусуойдаах.

Биһиги Иванныын кэпсэтиибитин, биллэн турар, кини “Жизнь и приключения Ваньки Быкова на Говорящей Горе” диэн бэчээккэ соторутааҕыта тахсыбыт кинигэтиттэн саҕалыыбыт.

— Иван, сэрэйдэххэ, бу эн автобиографическай айымньыҥ – сэбиэскэй кэм уолчаанын араас мүччүргэннээх сырыыларын туһунан. Геройуҥ — уолуҥ Быков диэн араспаанньаламмыта түбэспиччэ буолбата ини?..

— Суох, түбэспиччэ буолбатах. Иван Быков диэн – аҕабынан хос эһэм аата. 1860-с сыллардаахха кинини, Саратовскай губернияттан төрүттээх дворянины, ол кэмнэргэ Польшаҕа бастаанньа буола турдаҕына поляк офицера-доҕорун көмүскэспитин ким эрэ донуостаан, Сибииргэ сыылкаҕа ыыппыттар. Дьылҕата кинини Маачаҕа тиэрдэр.

Оттон мин оҕо сааһым Сангаарга – шахтердар бөһүөлэктэригэр ааспыта. Сангаар – Саҥарар – “Говорящая Гора” диэн буолан тахсыбыта.

Оҕолорго суруйар олох чэпчэкитэ суох. Аныгы сайдыылаах оҕолор ылыныахтара, өйдүөхтэрэ дуо, дии саныыгын. Ол эрэн, билиҥҥи көлүөнэ ыччат компьютерга наһаа хам хатанна. Биһиги курдук “түҥ” дэһэ,  “казаки и разбойники”, “саһа буола” оонньообот, таһырдьа үөһэнэн-алларанан сүүрбэт-көппөт… Уонна туох доруобай киһитэ киниттэн тахсыай?!

Бу кинигэҕэ кэпсэнэр 4 уол аҕаларбыт бары сэрии бэтэрээннэрэ этилэр. Онон, биһиги бары патриотическай тыыннаах дьоммут. Санаабар, кырдьыксыт, суобастаах буола улааппыппыт. Ону кэпсээтим. Баҕар, интэриэһиргээбиттэрин ылыныахтара диэн…  Дьон, биир тыынынан ааҕан кэбистибит, эн, биһиги көлүөнэ оҕо сааспытын уот харахха суруйбуккун, дииллэрин үөрэ истэбин.

— Эйиэхэ байыаннай тиэмэ баар. Холобур, “Рассказы отставного поручика” бүтүн цикл. Тоҕо? Хайдах? Эн байыаннайдарга туох сыһыаннааххын?

— Хос эһэм поручик чыыннаах этэ буоллаҕа. Били Маачаҕа (оччолорго Иркутскай губернияҕа киирэрэ, билигин Саха сиригэр) сыылкаҕа кэлэр. Лаппа сааһыран баран кэргэннэнэр. Соҕотох кыыс оҕолоохторун эһэм, Ньурба Чуукаарын киһитэ Баһылай Иннокентьев тайҕаттан байан тахсан, кэргэн кэпсэтэн дойдутугар илдьэ барар. Онно 1911 сыллаахха мин аҕам төрүүр. Аҕам адвокат идэлээҕэ. Саха национальнай байыаннай оскуолатын 1930 с. бүтэрбитэ, юридическай эмиэ үөрэхтээҕэ. Бэйэм саппаас старшай лейтенанабын, уруккунан поручикпын (күлэр).

— Аны туран… Ньурба тыйаатыра эн “Көрбүөччү” диэн пьесаҕын туруорбута. Өссө “Черный шаман” пьесалааххын…  Бу дьикти да, уустук да тиэмэҕэ хайдах кэлбиккиний?

— Уопсайынан, мин олохпор дьиктилэр наһаа улахан оруолу оонньууллар. Суруйааччы Сойууһун чилиэнэ буоларбын мэктиэлиир бастакы билиэтим 07077 нүөмэрдээх. Ону талисман курдук, суолталаах тэрээһиннэргэ куруутун илдьэ сылдьабын. Аны биир “дьикти”…  80-с сыллар саҥаларыгар нуучча поэта доҕорум, уонча кэпсээммин уларсан ааҕа ылбыт кэмигэр, кэргэнин быраата (бэйэтэ да Беда диэн араспаанньалаах киһи…) алҕаска дьиэтин уматан кэбиһэр. Табаарыһым бэйэтин биир чымадаан хоһоонноро эмиэ баһаарга былдьаналлар. Мин кэпсээннэрим буоллаҕына, кыратык кытыыларынан эрэ уокка кэриэрбиттэр, баһаарынайдар куппут ууларыттан илийбиттэр эрэ. Онуоха поэт Владимир Федоров маннык эппитэ: “Смотри, Иван, твои рассказы прошли огонь и воду, остались только медные трубы”, — диэн. Ийэбинэн эһэм Уоһуйдаан Ойуун хаһан да дүҥүр тутан ойууннаабатах эрээри, биллэр гипнозтаах киһи этэ. Миигин элбэхтик араас моһоллортон быыһаабыта. Иркутскай уобалас буряттарын сиригэр тиийэ. Ону кэргэним үчүгэйдик билэр. Ити эн ахтыбыт “Черный шаман” диэн пьесабын суруйарбар, киһи дьиксиниэх курдук сылтаҕынан харалла сытар сиригэр — Модукка — ыҥыран ыла сылдьыбыта… Онтон саамай дьикти түгэн 2009 с. кулун тутар 31 күнүгэр күнүс түөрт аҥар чаас саҕана буолбута. Эмискэччи хоһум иһэ, хаһан да көрбөтөх сырдыкпынан туолбута уонна киһи киэниттэн ураты сөҥ, дириҥ куолас “Благость и смирение” диэбитэ. Кэлин ити туһунан Дьокуускайдааҕы Епархияҕа ыытыллыбыт биэчэрбэр кэпсээбитим. Ону, буолар буолуохтааҕын курдук ылыммыттара. Холку баҕайытык бэйэлэрин сайтарыгар: “после пережитого духовного опыта…” диэн суруйбуттар этэ. Бэйэм туспар буоллаҕына ити “өлөрөбүт” да диэтэхтэринэ оччолорго билбэт, билиммэт тылларым этэ. Билигин ким эрэ сорудахтаабытын курдук, хас баскыһыанньа аайы суунан-тараанан, ыраас таҥас кэтэн, Үрдүк Таҥараҕа, Үөһээ Айыыларбар үҥэбин-сүктэбин, махтанабын…

— Кырдьык, дьикти эбит… Нууччалыы суруйар саха суруйааччыта буолаҕын. Бу эмиэ дьикти…

— Сангаарга 4-с эрэ кылааска диэри саха кылааһа баара, онно үөрэммитим. Онтон Нам улууһугар көһөн кэлэбит – эмиэ сахалыы үөрэнэбин. Кылааһынньыктарым (I Хомустаах) Николай Федотов, Анатолий Софронов-Онтуон, Галина Гуляева-Намыына билигин хастыы да кинигэ ааптардара. Өссө биир дьикти буолбатах дуо?! Биһиги айымньыларбытын аан маҥнай поэт, суруналыыс Николай Михайлович Рыкунов “Ленин суола” хаһыакка бэчээттэппитэ. Намнар миэхэ рекомендация биэрэннэр, Иркутскайга суруналыыстыкаҕа үөрэнэ бардаҕым. Онно тиийэн Агабын — Агафья Афанасьевнаны көрсөбүн. Кэргэним омугунан бурятка. Ол эрээри, сахалыы, хаһан эрэ Савва Иванович Тарасов дьээбэлээн бэлиэтээбитинии,  миигиннээҕэр ордуктук саҥарар буолан турар…  Кыыһым Анастасия, күтүөтүм Евгений идэлэринэн иккиэн юристар. Этэҥҥэ үлэлии-хамсыы сылдьаллар.

— Эйигин бүгүн туох долгутар, Иван?

— Долгутар элбэх буоллаҕа… Ол эрэн, өйбөр бастакынан кэлбитэ — идеологическай иитии суох. Ити Украинаны көрөҕүн дии – детсад, оскуола саастаах оҕолорго дэлби “промывка мозгов” оҥороннор, билигин сүүрбэччэлээх уолаттар үгүстэрин өйдөрө-санаалара националистыы дии… Кинилэргэ кыра эрдэхтэриттэн бандеровскай (УПА,ОУН) идеаллары соҥнууллар.  Аҕа дойду Улуу сэриитин историята токурутуллар.  Оттон биһигини ылан көрүөҕүҥ — “История России” учуобунньукка, “Сталинградская битва, Курская битва…”  диэн соппутуой нөҥүө суруйа сылдьабыт… Бу олус ынырык, сүрдээх дьыала буолбатах дуо?! Бу барыта хайаан даҕаны көннөрүллүөн наада! Оҕолору патриотическай тыыҥҥа иитиэхтээхпит. Билигин ыччаппыт 40-ча бырыһыана дииллэр дуу, омук сирдэригэр талаһар буолла, диэн… “Гражданин мира”, “гражданин планеты” буолаары… Оттон американецтар бэйэлэрин оҕолоругар “гражданин мира” буол, дииллэрин тоҕо эрэ истибэппит ээ…

— Омукпут дьылҕатын туһунан эн санааларыҥ…

— Саха – түҥ былыргы омук. Бачча ыраах сиргэ Үөһээ Айыылар киэҥ истиэптэн сахалары эрэ талан ылан мээнэҕэ анаан-минээн ыыппатах буолуохтаахтар. Түүр омук дьиҥ култууратын сүтэрбэккэ, бу кэмҥэ тириэртиннэр диэтэхтэрэ. Инники дьылҕабыт…

Даачабар ыаллыы олорор нууччам киһитэ биирдэ: “Элбэх сири кэрийдим, араас омугу биллим да, эһиги курдук амбициялаах норуоту өссө көрсө иликпин…”, — диэтэ ээ… Ону мин утарсыбатым, сөпкө этэр диибин. Ити саха киһитин, тугу баҕарар кыайыам, тулуйуом диэн бигэ эрэллээҕиттэн, ис-тутулун күүһүттэн тахсар. Атын омуктар ону өйдөөн көрөллөр эбит.  Аны кэпсээҥҥэ киирбит өһөспүт! Бу эмиэ, сөпкө тутуннахха, туох даҕаны куһаҕана суох өрүппүт дии саныыбын. Айылҕаттан мындырбыт, саҥаны, кэскиллээҕи ымпыгар-чымпыгар тиийэ билэ сатыырбыт, ама, омнуоланыа үһү дуо?! Саха киһитигэр Үрдүк таҥаралар, Үрүҥ Айыылар үөһэттэн элбэҕи анаан тураллар… Онон, айылҕабытын кэлэппэтэхпитинэ, Орто Дойдуга кэскиллээх омук кэккэтигэр киириэхпит. Кэм көрдөрөн иһиэ. Саамай кылаабынайа билигин, судаарыстыбаннаспытын көмүскээн, олохпутун, быһыыбытын-майгыбытын тупсарынарбыт наада. Оччоҕо дойдулаах, сирдээх-уоттаах дьон быһыытынан, ыччаттарбыт дьиэлэригэр тардыһыахтара.

Татьяна Маркова, “Саха сирэ”, https://edersaas.ru/

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0