ОҔУС. (1913, 1925, 1937, 1949, 1961, 1973, 1985, 1997, 2009). Оҕус уонна Бөтүүк биир хотон “олохтоохторо” буоланнар, олус иллээхтэр, тапсаллар. Онон кэлэр 2017 сыл Оҕус сылыгар төрөөбүттэргэ табыллыыны, ситиһиини аҕалыа. “Туохха?” диэн ыйытар эбит буоллаххытына, “оҕустар” харчы кырыымчыгын билиэххит суоҕа, дьиэҕит иһигэр түс-бааччы олох тосхойуо. Туспа дьыала тэриниэн баҕалаахтар саҕалыыргыт саамай тоҕоостоох кэм. Атыы-эргиэн өттүгэр дьыала тэриннэххитинэ барыһырыаххыт, үп-харчы эһиги хармааҥҥытыгар уу курдук устан киириэ диэн билгэлээн көрөөччүлэр этэллэр. Сыл устата “оҕустар” элбэҕи үлэлиэххитин наада. Оччотугар ситиһиигит үксүө, баҕарбыккыт барыта баар буолуо. Ол эрээри, кэлэр сыл биири сэрэтэр – олоххутун таҥнары туппуттуу уларытарга ыксаамаҥ, барыта бэйэтин кэминэн баран истиҥ.
АТ. (1918, 1930, 1942, 1954, 1966, 1978, 1990, 2002, 2014). Аттаах Бөтүүк эмиэ доҕордуу кыыллар. Онон кэлэр сыл үтүөнү эрэ түстүүр. Улахан сыаллары-соруктары туруоруммут буоллаххытына хайаан да ситиһиэххит. “Аттар” үүнэр сыл устата бириэмэҕитин туһалаахтык атаарарга кыһаллыҥ. Үлэ чааһыгар киирдэххэ, элбэх айан, кэлии-барыы күүтэр эбит. Ол эрээри, сыраҕыт, түбүгүрбүккүт икки бүк сыаналаныа – үлэҕитигэр дуоһунаскытын үрдэтиэхтэрэ эбэтэр хамнсакытыгар эбиэхтэрэ. Онон кыах баарын туһанан, хамсаан-имсээн иһин. Эр киһиэхэ – дьахтар, дьахтарга – эр киһи өттүттэн сылаас сыһыаннар, таптал да баар буолуохтара. 2017 сылга “аттар” олорор сиргитин уларытаргыт эһиэхэ үчүгэйинэн эрэ дьайыа.
СИБИИННЬЭ. (1923, 1935, 1947, 1959, 1971, 1983, 1995, 2007, 2019). 2017 сыл сибиинньэ сылыгар төрөөбүт дьоҥҥо ситиһини, баҕа санаалар туолууларын түстүөҕэ. Биир сиргэ олорон эрэ үлэлиир дьон үлэҕитин уларытарга сулустар сүбэлииллэр. Элбэхтэ хамсаныҥ, спордунан дьарыктаныҥ, оччоҕо доруобуйаҕыт туруга биллэр тупсуо. Бөтүүк сылын устата эһигини соһуччу көрсүһүүлэр, умнуллубат сырыылар күүтэллэр эбит. Дьиэ кэргэҥҥитигэр сыһыаҥҥыт өссө тупсуо. Үбү-харчыны суоттаан- учуоттаан туттуҥ. Бэйэҕит кыаххытыҥ билиммэт буоллаххытына, дьоҥҥо ону-маны эрэннэримэҥ. Араас интэриэһинэй этиилэр киириэхтэрэ, ол эрээри, балартан сэрэхэчийэр ордук, олоххутун тосту уларытарга ыксаамаҥ.
ЫТ. (1922, 1934, 1946, 1958, 1970, 1982, 1994, 2006, 2018). Уоттаах Бөтүүк сыла ыт сылыгар төрөөбүт дьоҥҥо үтүө сылы түстүүр. Ол курдук, эһиги дьиэ кэргэҥҥитигэр, үлэҕитигэр, хаһаайыстыбаҕытыгар таһаарыылаах сыл буолсу. Үлэттэн, дьиэттэн-уоттан быыс булаҥҥыт, өссө умнуллубаттык сынньаныаххыт, күүлэйдиэххит. Аны харчыгытын бу аайы мээнэ барыырга ыксаамаҥ, тиийиммэт- түгэммэт кэмнэри тумнарга бу уурунуугут көмөлөһүө. Кэмиттэн кэмигэр доруобуйаҕытын көрүнүҥ, харыстана сылдьыҥ диэн сулустары кэтээн көрөөччүлэр билгэлииллэр. Кэлэр сыл “ыттарга” уоттаах-күөстээх тапталы, иллээх-эйэлээх олоҕу түстүүр. Сулумах сылдьааччылар дьоллоох сылы быһа түһүмэҥ, аҥаргытын буларга ыксааҥ. Үлэҕитигэр эһигини быһа түһэ сатыыр дьон баар буоллаҕына, хайа да түгэҥҥэ олорон хаалымаҥ, киирсиҥ!
ЭБИСИЙЭЭНЭ. (1920, 1932, 1944, 1956, 1968, 1980, 1992, 2004, 2016). “Бөтүүктэн” үтүрүллүбүт “эбисийээнэлэргэ” үүнэр сыл уоттаахтык- күөстээхтик, умнуллубаттык ааһыа. Олохторун оҥосто, үлэ көрдөнө сылдьар дьоҥҥо барыта уурбут туппут курдук табыллан иһиэ. Кыра этиһиилэр, хом санаалар даҕаны ханна барыахтарай? Эбисийээнэлэр айылҕаттан бэриллибит өркөн өйгүт барытын таах быһаарыа. Ол эрээри, Бөтүүк сылыгар уопсастыбаҕа аптарытыаттаах миэстэни ыларга дьулуһумаҥ диэн билгэлииллэр. Олоххутун уларытар улахан уларыйыылар күүтүллүбэттэр, кыра баар буоллаҕына даҕаны, барыта үчүгэй эрэ өттүгэр уларыйыа. Дьиэни-уоту саҥардар кэм кэлбит эбит, кирэдьииккэ, ипотекаҕа даҕаны киирэн туран бу боппуруоһу быһаарарга дьулуһуҥ. Дьон көрдөстөҕүнэ быһа гынымаҥ, барытыгар сөбүлэһэн, көмөлөһөн иһиҥ. Үтүөҕүт бэйэҕитигэр уон оччонон эргиллиэ.
КУРУОЛУК. (1915, 1927, 1939, 1951, 1963, 1975, 1987, 1999, 2011). Бөтүүк сыла “куруолуктарга” үгүс түбүктээх, сыралаах үлэлээх сылы бэлэмниир эбит. Хомойорго ыксаамаҥ, хара көлөһүҥҥүт, түбүккүт барыта сыаналаныа диэн сулустар кэпсииллэр. Атын дьон туһугар буолбакка, бэйэҕит тускутугар, дьиэ кэргэҥҥит туһугар олоро сатааҥ. Улахан уларыйыылар күүтүллүбэттэр — үлэни уларытар, дьиэни- уоту саҥардар соччо наадата суох. 2017 сыл сайына – бэйэ дьыалатын арынарга, уруккуттан санаабыккытын олоххо киллэрэргэ тоҕоостоох кэм. Бэйэҕитигэр эрэллээх буолуҥ, барыта табыллан иһиэ. Доҕордоһор, эрэнэр киһилээх буоллаххытына, кэлэр сылга сокуонунан холбоһуҥ, Бөтүүк сыла “куруолуктарга” таптал сылын түстүүр.
ДРАКОН. (1916, 1928, 1940, 1952, 1964, 1976, 1988, 2000, 2012). Дракон уонна Бөтүүк биир майгылаах кыыллар буолаллар. Онон, дьэ, “драконнар” сулустаах чааскыт үүнэрэ аҕыйах хонук хаалла. “Доҕоргут бөтүүк” олоххут тухары элбэх умнуллубат түгэннэри бэлэхтээри кэтэһэ сылдьар эбит. Бу сылга эһиги кистэлэҥ талааннаргытын арыйыаххыт, бу талааҥҥытынан, баҕар, олоххут суолун уларытан, саҥа үлэҕэ көһүөххүтүн сөп. Сыл бастакы аҥара устар уулуу чуумпучутук, аа-дьуотук ааһыа, бу кэми бэйэҕитин сайыннарарга, үөрэнэргэ атаарыҥ. Иккис аҥарга – биир эмит улахан соругу ылынар эппиэттээх күҥҥүт үүнүө.
КЫРЫЫСА. (1912, 1924, 1936, 1948, 1960, 1972, 1984, 1996, 2008). Бу кыыл сылыгар төрөөбүт дьон төрүкү барыстааҕы, табыгастааҕы булан ылар кыраҕы харахтааххыт. Ол эрээри, “кистэлэҥ талааҥҥытын” кырыктаах эрэ дьыалаларга буолбакка, үчүгэйгэ туһаннаххытына, үүнэр сыл эһиэхэ дьолу, доруобуйаны, табыллыыны эрэ тосхолуур. “Бөтүүк” эһиги дьоллоох буоларгыт туһуттан, үүнэр сылга үгүс саҥаны, кэрэни, сырдыгы бэлэмнээн сытыарар эбит. Кими даҕаны хомоппот, бэйэҕит эрэ тускутунан санаабат буола сатааҥ. Мунньубут уурунуу харчылаах эбит буоллаххытына таах барыырга ыксаамаҥ, хата, ол оннугар бэйэ дьыалата тэринэн, үпкүтүн-хамнаскытын элбэтэргэ дьулуһуҥ.
ЭРИЭН ҮӨН. (1917, 1929, 1941, 1953, 1965, 1977, 1989, 2001, 2013). 2017 сыл “эриэн үөннэргэ” элбэх түһүүлээх-тахсыылаах сыл. Бэйэни сайыннарарга, эбии үөрэнэргэ, куурустары кэрийэргэ тоҕоостоох сыл. Бөтүүк сылын кыаһлҕата суох атаарыаххытын баҕарар буоллаххытына, сүрэҕэлдьээмэҥ, көрөн баран турумаҥ, барыга ылсан, түсүһэн иһиҥ. Ыарахан кэм тирээтэҕинэ, куттанан, саһымаҥ, саҥа үүтү-хайаҕаһы буларга тиэтэйиҥ. Хамнастаах үлэҕит таһынан атын дьарыкта булунуҥ, хата, бу дьарыккытынан барыһырыаххыт. Үүнэр сылга куруук саҥаттан саҥаны билэргэ-көрөргө дьулуһуҥ, оччотугар бэйэҕит даҕаны билбэккитинэн, олоххут тупсуо. 2017 сыл устата эриэн үөн сылыгар төрөөбүт дьон иэскэ, кирэдьииккэ кииримэҥ диэн сулустары билгэлээн көрөөччүлэр сүбэлииллэр.
КОЗА. (1919, 1931, 1943, 1955, 1967, 1979, 1991, 2003, 2015). Коза сылыгар төрөөбүт “муостаах, туйахтаах” дьоҥҥо үүнэр сыл “былыта суох халлааны” билгэлиир. Өр сыллаах үлэҕитин, дьэ, сыаналыахтара, билиниэхтэрэ, баҕар хамнаскыт үрдүө, харчыгыт, бэйэҕит даҕаны билбэккитинэн, элбээн иһиэ. Үлэҕэ, үөрэххэ сыһыаннаах интэриэһинэй этиилэр киириэхтэрэ. Сулустар бу этиилэри толкуйдаабакка эрэ тута ылыныҥ диэн билгэлииллэр. Кэлэр сыл устата тугу даҕаны мүччү тутумаҥ, барытыгар олорсон, быһаарсан, кыах баарынан үлэлэһэн иһиҥ. Дьиэ кэргэннээх дьон дьолгутун харыстааҥ, оҕолоргутугар, төрөппүттэргитигэр болҕомтоҕутун ууруҥ.
БӨТҮҮК. (1921, 1933, 1945, 1957, 1969, 1981, 1993, 2005, 2017). “Бөтүүктэр”, дьэ, “сулустаах” чааскыт үүнэр сыла үүнэн эрэринэн барыгытын эҕэрдэлиибит. “Сулустаах” сылыгытын мүччү туппакка дьылҕаҕыт бэлэхтэрин барытын ылынан иһиҥ. Ааспыт сылларга бэйэҕитигэр бүгэн сылдьыбыт эбит буоллаххытына, кэлэр сыл “тоҕута бэрдэрэн”, күлүҥ-үөрүҥ, оонньооҥ-көрүлээҥ! 2017 сылга “бөтүүктэри” үгүс дьоруойдуу быһыылар күүтэллэр. Ол эрээри, аһара барымаҥ, аһаҕас этиһиилэртэн, быстах тылга киирсиилэртэн туттунуҥ. Хата, ол оннугар, уопсастыбаҕа саҥа киллэрэргэ, сонун этиилэри олохтуурга тоҕоостоох кэмнэри куоттарымаҥ.
БААБЫР. (1914, 1926, 1938, 1950, 1962, 1974, 1986, 1998, 2010). Баабыр сылыгар төрөөбүттэр үүнэр сылга урут саҕалаабыккытын барытын тиһэҕэр тиэрдэргэ дьулуһуҥ. Үгүс былааҥҥыт туолбатаҕына даҕаны улаханнык хомойумаҥ. Бөтүүк оннооҕор буолуох интэриэһинэй түгэннэри бэлэмнии сылдьар эбит. Урукку этиһиилэргит, өйдөспөт түгэннэргит 2017 сылга умнуллуохтара. Дьиэ, учаастак ылынарга саамай тоҕоостоох кэм. Оттон муус устарга итии дойдуга күүлэйдииргит, сын- ньанаргыт бэйэҕитигэр олус туһалаахтык дьайыа. Үп-харчы дэлэй буолсу, лотуоҕа, лотереяҕа сүүйэн да кэбистэххитинэ көҥүлгүт! 2017 сыл бүтүүтэ элбэх үөрүүлээх түгэннэр күүтэллэр.