Бүгүҥҥүттэн, от ыйын 25-тэн, Турция Самсун куоратыгар ыытыллар сурдлимпийскай оонньуларга көҥүл тустууга күрэхтэһии саҕаланар.
Манна Саха сирин спорду сэҥээрээччилэрэ Арассыыйа чиэһин көмүскүүр Егор Скрябиммит (57 кг), Валерий Чемпосовпыт (65 кг) уонна Василий Стрекаловскайбыт (70 кг) хапсыһыыларын кэтээн көрүөхтэрэ. От ыйын 25 күнүгэр 57, 65, 74 уонна 97 киилэлээхтэр тустуохтара, оттон сарсыныгар 61, 70, 86 уонна 125 киилэҕэ диэри ыйааһыннарга хапсыһыылар саҕаланыахтара.
Өссө биир спортсмеммыт, сурдлимпийскай оонньуулар икки төгүллээх призердара, спорт үтүөлээх маастара Евдокия Каторгина буулдьанан ытыыга тохсус миэстэни ылла. Бу көрүҥҥэ Арассыыйа өссө биир бэргэн ытааччыта Валерия Кладовикова үһүс түмүгү көрдөрдө.
Ыспыраапка.
Сурдлимпийскай оонньуулар истибэт уонна мөлтөхтүк истэр спортсменнар анал күрэхтэһиилэринэн буолаллар. Бастакы Сурдлимпиада 1924 сыллаахха Париж куоракка ыытыллыбыта.
Роман Попов, “Саха сирэ” хаһыат