Бөҕү-саҕы тиэйэр анал тиэхиньикэлэр аҕалыллаллар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр бөҕү-саҕы тиэйэр анал тиэхиньикэлэр аҕалылыннылар.

«2020-2024 сылларга хаачыстыбалаах дьиэнэн хааччыйыы уонна олох-дьаһах хомунаалынай өҥөтүн хаачыстыбатын тупсарыы» өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагырааманан ылыллыбыт бөҕү-саҕы тиэйэргэ аналлаах саҥа анал тиэхиньикэлэри Арктика уонна Киин оройуоннар регоператордара ылыахтара.

Ахсынньы 11 күнүгэр СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Алексей Колодезников аҕалыллыбыт анал тиэхиньикэ бастакы партиятын көрдө.
Кини үлэ бу хайысхатыгар СӨ Бырабыыталыстыбата 2020-2022 сылларга 323 мөл.солк. анал тиэхиньикэни ыларга лизинг дуогабарынан үс сыл устата төлүүргэ тыырыллыбытын эппит.
«Тиэхиньигэ үгүс өттө Арктика оройуоннарыгар, сороҕо Дьокуускайга хаалар. Манна бөҕү тиэйэр көлөлөр, самосваллар, погрузчиктар бааллар. Хомунаалынай тиэхиньикэни саҥардыы үлэтэ, наадыйар сирдэринэн көрөн, уопсайынан тиһиктээхтик ыытыллан иһиэхтээх«, — диэбит кини.
Тэрилтэ хантараагынан барыта 51 анал тиэхиньикэ аҕалыллыбытыттан, 33 — Өлөөн, Муома, Анаабыр, Аллайыаха, Булуҥ оройуоннарыгар ыытыллаллар, 18 тиэхиньикэ Дьокуускайга хаалар.
«СӨ ОДьКХ» ГУП генеральнай дириэктэрэ Виталий Чикачев саҥа анал тиэхиньикэлэринэн нэһилиэнньэҕэ оҥорор өҥөлөр тупсарыллыахтарын эппит.
Билигин Дьокуускайга 4 мусоровоз, 2 самосвал (КАМАЗ), 3 самосвал (Урал), 5 «БЕЛАРУС» тыраахтар, «Термит -1000» көлүөһэлээх погрузчик, 6 бырысыап аҕалыллыбыт. Тиэхиньикэлэр кыһыҥҥы суолунан «СӨ ОДьКХ» ГУП хотугу филиалларыгар ыытыллыахтаахтар.
Онтон өссө хаалбыт анал тиэхиньикэлэр Дьокуускайга ахсынньы бүтүүтүгэр, 2021 сыл тохсунньутугар кэлиэхтээхтэр.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0