Бэс ыйын 6 күнүгэр «Полярные авиалинии» АХ Ми-8 бөртөлүөтүгэр кыыс оҕо төрөөтө. Бу туһунан авиа-хампаанньа пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
edersaas.ru
Кыыс 3,5 киилэ ыйааһыннаах, 50 см уһуннаах. Ол курдук, Маҕан – Чагда – Маҕан маршрутунан көппүт санитарнай рейскэ (Владимир Бовшик хамандыыр, иккис пилот Николай Кримашевскай уонна штурман Евгений Овчаренко) маннык ураты уонна хатыламмат түгэн буолла.
Бөртөлүөт куорат таһыгар Окружной шоссе оройуонугар баар авиа-былаһааккаҕа түспүт. Билигин эдэр ийэ уонна оҕото 2-с нүөмэрдээх Перинатальнай кииҥҥэ бааллар.
Биһ. корр., edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1