БӨРӨНҮ БУЛТААҺЫҤҤА БАППАҔААЙЫЛАР САҤА НЬЫМАЛАРА

Ааптар: 
27.01.2022
Бөлөххө киир:

СӨ Айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ ааҕарынан, ааспыт сылга бөрөлөр 5693 дьиэ табатын уонна 124 сылгыны тардыбыттар. Инньэ гынан, тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар уонна булт хаһаайыстыбатыгар бөрөлөр сыл устата 400 мөлүйүөн солкуобай холобурдаах хоромньуну таһаарбыттар. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 2021 сылга 242 бөрө бултаммытыттан 35 бөрөнү Бүлүү булчуттара бултаабыттара.

АРДЬАЙ АҺЫЫЛААХТАР ТАҺААРАР ХОРОМНЬУЛАРА

Биллэрин курдук, кэнники сэттэ сылга бөрөлөр тыа ха­­һаайыстыбатын салаатыгар уонна булт хаһаайыстыбатыгар таһаарар хоромньулара сыллата улаата турарын исписэлиистэр бэлиэ­тииллэр. Ол курдук, Бүлүү улууһун охотоведа Александр Николаев: “Биир сыл Мастаах эҥээр нэһилиэктэрин буулаабыт бөрөлөр кыһын устата 40-тан тахса сылгыны тардыбыттара. Кэтээн көрөрбүнэн, бэтэринээринэй сулууспа отчуоттуур сыыппараларыттан бөрөлөр, эһэлэр сир харатыгар тардар дьиэ кыылларын, ойуур кыылларын ахсаана 2-3 төгүл элбэх. Аһыылаах кыыллар сүөһүнү, сылгыны ууга мөрөйдөөн киллэрэн өлөрөллөрө, тиэхиньикэ сатаан тиийбэт сирдэригэр кыылы, сылгыны тардыбыттара сатаан докумуоннаммат. Сиргэ-хонууга сылдьар сылгылары аһыылаахтар сииллэрэ 4-5 төгүлүнэн элбэх буоларын саарбахтаабаппын,” — диэн кэпсиирэ киһини толкуйдатар.

Аһыылаах кыылларбыт сыллата дьон олорор сирдэригэр, са­­йылыктарыгар ыкса кииртэлиир түгэннэрэ элбээн иһэр. Кэнники сылларга бөрөлөр да, эһэлэр да сылгыны, ынаҕы кыайа-хото тардаллар. Бэл нэһилиэктэр сыбаалкаларыгар хорҕойоннор дьоҥҥо кутталы үөскэтэллэр.

Бүлүү улууһугар өскө биир убаһа ортотунан 50000 солк., биэ 80000 солк. буоллаҕына, бөрөлөр уонна эһэлэр тыа хаһаайыстыбатыгар сыллата кырата суох хоромньуну таһаараллара эмиэ учуоттаныан сөп.

Улуустааҕы бэтэринээринэй сулууспа сүрүннүүр бырааһа Гаврил Петров үс бүтэһик сылга маннык сыыппаралары көрдөрөр. Холобура:

2019 сылга улуус үрдүнэн 74 сылгы араас төрүөттэн өлбүтүттэн 48 бырыһыанын, ол аата 35 сылгыны бөрөлөр тардыбыттар.

2020 сылга 64 сылгы өлбүтэ докумуонунан бигэргэнэр. Мантан бөрөлөр 37 сылгыны, ол иһигэр 9 кулунчугу тардыбыттар.

2021 сылга 53 сылгы өлбүтүттэн 56 бырыһыанын ардай аһыылаахтар сиэбиттэр.

2022 сыл бастакы ыйыгар бөрөлөр 5 сылгыны тардыбыттара докумуоннаммыт.

БУЛТААҺЫН КӨРҮҤНЭРЭ

Саха сиригэр, биллэрин курдук, сүнньүнэн хапкаанынан уонна туһаҕынан бултууллар. Биллэн турар, ол булчуттан элбэх бириэмэни ыларын таһынан, сыратын-сылбатын, үбүн-аһын ылбахтаһар.

Сэбиэскэй былаас саҕана бултааһын судаарыстыба суотугар салгынынан (“МИ-8” бөртөлүөтүнэн) ыытыллара. Бу төһө да улахан ороскуот­тааҕын үрдүнэн, үөһэттэн көрө сылдьан кылгас кэм иһигэр үөрү барытын олоччу ытан ылар кыах баара. Маны таһынан, алдьатыылаах уонна тулалыыр эйгэҕэ кутталлаах көрүҥүнэн ол саҕана көҥүллэнэр дьаатынан бул­­тааһын баара.

Билигин бөртөлүөт көтөр чааһын сыаната олус ыарахан, онон бааһынай хаһаайыстыбалар, нэһилиэктэр дьаһалталара, биирдиилээн булчуттар оннук өҥөнү кыамматтар. Оттон дьаатынан бултааһын аны сокуонунан көҥүллэммэт.

БӨРӨҺҮТ ТУРУОРСАР КЫҺАЛҔАТА ТУГУЙ?

Аны билигин бөрөһүт өлөрбүт бөрөтүгэр ылар бириэмийэтэ, хомойуох иһин, хойутаан кэлэр түбэлтэлэрэ өрүү тахсар суол. Онон булчут бу биир кыһалҕа­лаах боппуруоһа буоларынан, бириэмийэни утарынан ылары өрүү туруорсар.

Тыа хаһаайыстыбатын ми­­нистиэристибэтэ “Сахабулт” хампаанньаҕа биир бөрө төбөтүгэр 20 000 солк. төлүүр дуогабардаах. Оттон булчут би­­риэмийэни ылаары “Сахабулду” кытта дуогабардастаҕына, хампаанньа тириитин 2000-тан 5000 солк. диэри сыаналаан атыылаһар. Булчут бултууругар көрсүбүт ороскуоттарын сабынарыгар, улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын департамена ирдиир докумуоннарын хомуйан туттардаҕына, Бүлүү улууһун дьаһалтата улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын департаменын нөҥүө бөрөһүккэ 10 000 солкуобайы төлүүр. Онон биир төбө бөрөҕө булчут 30-тан тахса тыһыынчаны ылар кыахтанар эрээри, биллэрин курдук, бу ботуччу бириэмийэни ылара эриэ дэхситик барбатын булчуттар этинэллэр.

Билигин урукку курдук тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар нэһилиэк аайы баар буолбатахтар. Аны идэтийбит бөрөһүт нэһилиэк аайы баар буолбатах. Ол түмүгэр кэтэх ыаллар сылгылара бөрөттөн, ынахтара эһэттэн көмүскэллэрэ суох хаалаллар. Бөрөҕө, эһэҕэ идэтийэн бултуур булчуттар Баппаҕаайыга, Тылгыныга, биирдиилээн булчуттар Бастакы Күүлэккэ, Иккис Күүлэккэ, Хаҕыҥҥа, Дьөккөҥҥө, Тыымпыга, Лөкөчөөҥҥө бааллара иһиллэр. Ол булчуттар тарбахха ааҕыллалларынан, ардай аһыылаахтары бултаһыы бүгүҥҥү күҥҥэ сытыы боппуруос быһыытынан дьүүллэһиллэр.

ОЙУУР БАҺААРДАРЫН СОДУЛА

Ааспыт сайын Дьокуускай тулатыттан саҕалаан: Хаҥалас, Горнай, Кэбээйи, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Ньурба, Сунтаар улуустарынан өтөрүнэн буолбатах ойуур баһаара буолбута. Бу баһаар кыылга-сүөлгэ, сиргэ-уокка улахан хоромньуну таһаарда, аны аһыылаах кыыллар сылдьар ыырдарын уларытта.

Сайыны быһа Горнай, Кэбээйи өттүттэн суоһаабыт ойуур уотун Баппаҕаайы эр дьоно сыралаһан туран “кыраныыссаҕа” тохтоппуттара. Ол кыайыы өрөгөйө уоста да илигинэ, аны, Горнай, Кэбээйи хара көмөрүнэн бүрүллүбүт умайбыт ойуурдарыттан, кыстык хаар түһээтин кытта бөрөлөр чөл мастаах-оттоох Бүлүү улууһун сирин буулаатылар. Аҥаардас Баппаҕаайы нэһилиэгин тулатынан 30-40-ча араас үөрдээх бөрөлөр эргийбиттэрин булчуттар аахпыттара.

САҤА НЬЫМА

Бу сырыыга баппаҕаайылар урукку өттүгэр бөрөнү бултааһыҥҥа Саха сиригэр киэҥник туһаныллыбатах ньыманы туһанарга быһаарыналлар. Урукку өттүгэр Нам, Уус Алдан улуустарыгар өрүстэр арыыларыгар былааҕынан эргитэн, туһах, хапкаан туруоран бөрөлөрү бултаабыттара. Былырыын Тылгыны булчуттара өрүс арыытыгар кыһыл былаах иһигэр хаайан, 2 бөрөнү бултаабыттара.

Бу сырыыга Айылҕа харыстабылын министиэристибэтигэр уһуннук үлэлээбит биолог-охотовед үөрэхтээх Егор Николаев уонна Константин Орлов төһө да ыт кэтэҕэ үктэллээх, “Буран” тиэхиньикэ сатаан сылдьыбат арыы ычык мастардаах сири аахсыбаккалар, ойуур тыа систэри бы­­лааҕынан быһан, онно хаа­йан бултаһарга быһаарыналлар. Кинилэр элбэх булчуту бы­­лаахтары сөпкө тардарга, иилэргэ, кыраһалыырга, көннөрөргө, хайдах сирдэринэн тардарга, бөрө суолун хайарга үөрэттилэр, такайдылар. Нэһилиэк таһыттан булчуттары ыҥыран, үүрэн бултааһын быраабылатын сөпкө тутуһан, дэҥ-оһол тахсыбатын курдук тэрээһиннэри ыытан, барыларын биир санааҕа түмэн түбүгүрэ сылдьаллар. Саҥаттан саҥа үөрү булан, былаах иһигэр хаайан, бултаһыы ньыматын сырыы ахсын тупсаран иһэллэр.

Баппаҕаайы сиригэр ааспыт сыл тохсунньутуттан ыам ыйыгар диэри булчуттар сэп уураннар 14 бултаабыттара, ахсынньы ыйга – 14. 14 бөрөттөн 10-нун – бы­­лаах ньыматынан. Үүммүт сылга ый аҥаарыгар – 10. Бултаһары тохтотор санаалара суох, күн ахсын бөрөлөрү сонордоһоллор.

БУЛТААҺЫН ӨРҮТТЭРЭ

Былаахха киллэрэн бул­­тааһын үчүгэй уонна мөкү өттүлэригэр туох санаалааҕын нэһи­лиэк баһылыга Егор Николаевтан ыйыталастым:

— Үчүгэй өттө, бастакынан, кылгас кэм иһигэр элбэх бөрөнү бултуохха сөп.

Иккиһинэн, бу ньыманан Саха сирин ханнык баҕарар муннугар бултуохха сөп эбит, булчуттары үөрэттэххэ, аһыылаах кыыллары уодьуганныыр кыах баарын биллибит.

Үсүһүнэн, бөрөһүт булчуттар биригээдэлэрин өрөспүүбүлүкэҕэ тэрийэр көдьүүстээх буолсу.

Тоһуурдаан, үүрэн бул­­тааһыҥҥа хапкааны, туһаҕы туттуу бултааһын ситиһиитин бырыһыанын улаатыннарар, онон бары албаһы бу көрүҥҥэ туһанар кыах баар.

Урукку өттүгэр өрүс арыыларыгар хаайар буоллахтарына, аны, сис тыалары быһан, эргитэн бултуохха сөп.

Маннык бултааһын болҕом­тоҕо ылыллар өттө – былаах иһигэр уһуннук кирийэн олорбот эбиттэр, онон түргэнник бултаһыллыахтаах. Күрүүр үүтү-ха­­йаҕаһы өрүү көрдүүллэр, биир сыыһа дьаһаныыттан сылтаан тоһууртан мүччү туттарбыт түгэннэрин эмиэ көрүстүбүт.

ҮБҮЛЭЭҺИНИ ЭРЭЙЭР

Былаах иһигэр хаайан, тоһуурга үүрэн бултааһыҥҥа иккитэ сылдьыбыт киһи быһыытынан толкуйдаатахпына, ити ньыма элбэх киһи ресурсатын ирдиир көрүҥ эбит. Булчут бы­­лаах иһигэр хаайыар диэри бу­­раанынан элбэх сири кэрийэр, онон тэрээһин үлэлэртэн саҕа­лаан бултааһыҥҥа диэри элбэх уматык, тиэхиньикэ туттуллар. Ол да буоллар, бөртөлүөт наймылаһардааҕар быдан кыра ­ороскуотунан кылгас кэмҥэ элбэх бөрөнү бултуур кыах үөскүүрүн биһирээтим.

Маннык ньыманан бултаа­һыҥҥа ГСМ ороскуотун сабынарга бүддьүөттэн аады­рыстаммыт үбүлээһини улуустарга көрдөххө, көдьүүһэ улахан буолуо этэ.

БАППАҔААЙЫ БУЛЧУТТАРЫН ЭТИИЛЭРЭ

Билигин бөртөлүөт көтүүтүн улуустар сайаапкалыыры ыарырҕаталлар. Кистэл буолбатах, бөрөлүүргэ анаан сайаапкалааһыҥҥа түүлэһэр тэрилтэ элбэҕиттэн бөртөлүөт өҥөтө хабаана суох үрдүк. Ол оннугар “POBINSON” курдук кыра бөртөлүөттэри министиэристибэ бөрөлүүргэ туһанара буоллар.

УЛУУСТАРГА ТАРҔАТЫАХХА

Баппаҕаайы булчуттара бөрөлөрү сонордоһон, сис тыа ортотугар былаахтаах тоһуурга хаайан, үүрэн бултуур ньымаларын Саха сирин бары улуустарыгар тарҕатан туһаныахха.

Андрей ЯКОВЛЕВ-ЧУОС, суруналыыс, Бүлүү улууһун Айылҕа харыстабылын судаарыстыбаннай иниспиэктэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0