Бөрөлөөхтөр тохтоон ааһар дьиэлээхтэр

Ааптар: 
13.12.2020
Бөлөххө киир:

Хоту дойду дьонун айана уустук. Суолга быстарбыт айанньыкка абыраллаах дьиэлэри тутар буолбуттар. Ол ханна?

Ахсынньы аан-даам тымныыта түһэн, күн аайы онно оччо кыраадыс тымныйбыт, манна оччо буолбут дэһэ олоробут. Тымныы, туман айан дьонугар ордук кутталлаах. Тиэхиньикэ хайдаҕын тургутар күннэр-дьыллар үүннүлэр.

Суолга быстарбыт дьону  ЫБММ үлэһиттэрэ быыһаабыттарын туһунан сурахтар кэлэллэр. Оттон ыраах хоту дойду дьонугар маннык тымныы күннэр олус кутталлаахтар. Аллайыаха саамай кытыы нэһилиэгин Бөрөлөөх олохтоохторо айаннарыгар араас уустуктары көрсөөччүлэр. Хата, бу аҕыйах сыллааҕыта Чокуурдаах уонна Бөрөлөөх икки ардыгар бурана алдьаммыт, сылайбыт айанньыт тохтоон ааһарыгар анаан дьиэ тутуллан абыраабыт. Ол туһунан Бөрөлөөх олохтооҕо, туундара хоһуун дьахтара Екатерина Николаевна Малардырова кылгастык бу курдук кэпсээтэ:

Биһиги, бөрөлөөхтөр, айаммыт олох түүн, буурҕа-туман иһинэн ааһааччы. Мин ити хас да сыллааҕыта буолбут түгэни ахтан-санаан ааһыахпын баҕарабын. Арай сир ортотугар салааҕа бураан уота көһүннэ. Чугаһаабыппытыгар көрбүппүт улууспут баһылыга Эдуард Иванович Слепцов (урукку баһылык) эбит. Үөрэ-көтө Улуу Кыайыы күнүнэн эҕэрдэлэстибит. Онно кини биһиэхэ күһүн кэлэргитигэр-бараргытыгар сылаастык сынньанан ааһаргыт туһугар каркас дьиэ тутуохпут диэтэ. Онно наадалаах араас тэриллэри илтим диэн үөртэ. Онтон Эдуард Ивановичпыт үрүҥ бурааныгар олорон үрүҥ көмүстүү кылбаҥнаан ылар хайыһарыгар уйдаран, кыырай халлааны сабардаабыт буурҕа, туман быыһыгар киирэн, Чокуурдаах эбэ диэки суола сүтэн, симэлийэн хаалбыта. Ону биһиги алгыы-атаара хаалбыппыт.

Эдуард Иванович күһүн сэтинньигэ нэһилиэнньэ иннигэр дьаһалта үлэһитэ Дмитрий Юрьевич Рожинныын кэлбиттэрэ уонна Арыы Маска  тохтоон ааһар дьиэ бэлэм буолбутун туһунан иһитиннэрэн үөрдүбүттэрэ. Айан кыһалҕаларын өйдөөн бөрөлөөхтөргө олус наадалаах дьиэни туттаран абыраатаҕын.  Ити кэнниттэн өр-өтөр буолбатаҕа, ахсынньы 6 күнүгэр оҕолорум Арыы Мас таһыгар алдьаммыттар этэ. Онно Бөрөлөөхтөн көмө кэлэн, өрөмүөннэнэн, салгыы айаннаабыттара. Кинилэр Арыы Мас дьиэтэ тоҥортон өрүһүйдэ диэн олус махтанан кэпсээбиттэрэ.  Айаммыт ыарахана сүр буоллаҕа, туундара дьоно бэйэ-бэйэбитин итинник өйөһөн олордохпутуна сатанар. Ити курдук,  суол ортотугар (Чокуурдаахтан Бөрөлөөххө кэлиигэ 9 хас көстөөх сиргэ турара буолуо)  турар дьиэ бөрөлөөхтөрү өссө да өрүһүйэ, абырыы туруо диэн эрэнэбит. Маннык дьиэлэри, үүтээннэри атын хоту дойду улуустарыгар эмиэ кыах баарынан тутуохха. Эдуард Слепцову уонна дьиэ тутуутугар көмөлөспүт уолаттары барыларын Саргылаах саҥа дьылынан эҕэрдэлиибин!

Бэлэмнээтэ: Женни Стрюкова

Хаартыска: Бөрөлөөххө бөртөлүөт эрэ тиийиэн сөп. (Колесова Л.В. түһэриитэ) -архыып

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0