Бөрөлөөххө сарсыардаттан Кыайыы ырыата дьиэрэйдэ (ВИДЕО)

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Улуу Кыайыы күнүн Аллайыаха улууһун Бөрөлөөх нэһилиэгин олохтоохторо өрө көтөҕүллүүлээхтик көрүстүлэр.

edersaas.ru

Бөрөлөөх нэһилиэгэ саамай ыраах сытар. Чокуурдаахтан 130 км тэйиччи.  Ол да буоллар, нэһилиэк олохтоохторо олус көхтөөхтөр. Быйылгы Кыайыы үбүлүөйдээх күнэ төһө да дьаҥ тарҕана турар кэмигэр аастар, бырааһынньыгы бэлиэтээтибит. Уратыта диэн – дьиэттэн тахсыбакка олорон. Ол курдук, ыам ыйын 9 күнүн сарсыардатыгар уулуссаҕа Кыайыы ырыаларын иһитиннэрэн көрүстүбүт. Бөрөлөөхтөн төрүтээх, улуус киинигэр уонна нэһилиэккэ олорор сэрии кэмин 13 оҕотугар аадырыстаах көмө харчыны уонна эҕэрдэлэри үөрүүлээхтик туттардыбыт. Ону тэҥэ, бу күҥҥэ аналлаах “Өлбөт үйэлээх полк” уонна “Кыайыы түннүктэрэ” аахсыйаларга көхтөөхтүк кытынныбыт.

Өрөспүүбүлүкэҕэ Ил Дархаммыт Айсен Николаев уонна өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата ыытар тэрээһиннээх үлэлэрин түмүгэр, бу ыарахан дьаҥ хаптайыа, олох-дьаһах этэҥҥэ буолуо диэн эрэнэбит, — диэтэ ыраах дойду олохтооҕо, бибилэтиэкэ  үлэһитэ Людмила Колесова.

Бэлэмнээтэ Женни СТРЮКОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска Людмила Колесова тиксэриитэ

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0