Бөрө бытата

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Төрүөх этэҥҥэ ааһан, сааскы көһүү саҕаланна. Тыаҕа, ордук ыстаада турар сиригэр, саас өрүһүспүттүү, омуннаахтык эрдэ кэлэр. Ол быыһыгар хаардаан-куустаан да турдаҕына, туох да боруок суох. Кыратык ардаатаҕына, сарсыарда атах уллуҥаҕынан эрэ туораан ааспыт үрэҕин киэһэ төннөргөр мотуоктаан да кэбистэҕинэ көҥүлэ. Айылҕа барахсан дьикти даҕаны.
Таба – олус дойдумсах кыыл. Сыл аайы тохтоон ааһар сирбитигэр көһөн кэлэн балааккаларбытын туруортаан, суума табаны (үөр табаны) сур таһыгар эргитэ сырыттахха, саҥалара-иҥэлэрэ хойдор, этэҥҥэ кыһыны туораан, төрөөн-ууһаан, билэр сирдэригэр кэлбиттэриттэн үөрбүттэрэ өтө көстөр. Уоскуйан, сыта түһэн баран, субуруһан тумулларыгар тахсаллар.
Саҥа кэлбит сирбитигэр бөрөлөр бааллара билиннэ. Күнүс табалары хомуйан, балааккалар диэки үүрэн истэхпитинэ, туора ойуталаан ааспыт суолларын көрдүбүт. Үрэх кумаҕын диэки киирбиттэр. Иккиэлэр эбит диэн быһаардыбыт. Күнү-күннүктээн табаларбытыгар сылдьабыт. Киэһэ онон-манан улахан уоттары оттобут. Өр буруолаатын диэн, инчэҕэй бөдөҥ мастары охторон, уоппутугар эбэн биэрэбит. Дулҕалаах арыылары өртүүбүт. Өртөммүт сиргэ таба таптаан сиир ото, хара төбөлөөх чурукта көрөн турдахха үүнэр.

* * *

Үһүс күммүтүгэр Сахаар бөрө бытатыгар түбэспитин эттэ. Түүн оҕолоругар хайаан да кэлиэхтэрэ, кэтээн сытан ытыалаан ылыахха диэн сүбэлэстибит. Киэһэ аҕа саастаахпыт Ылдьаа бөрө бытатын маныы диэн ааттаан хоно барда. Сарсыарда кураанах кэллэ: «Эмискэ биирдэ баар буола түстүлэр. Ыксаан хаалан, кыайан ыппакка хааллым. Атыыр бөрө үс атахтаах. Киһиттэн толлубат чинчилээхтэр. Сотору бу да диэки кэлииһилэр», – диэтэ. Иккис түүнүгэр эдэр уол Валера барда. Сарсыарда кэлэн: «Түүн дэлби тоҥон, чэй оргуттан иһэ олордохпуна, кэллилэр. Ытыалыы сатаатым да, куоттартаатым. Туоһапканан ыппытым буоллар, саатар биирдэстэрин табарым хаалла», – диэн кэпсээннээх буолла.
Үһүс түүн мин Сахаардыын бардыбыт. Бөрө бытатын урут көрө илик киһи олус долгуйабын. Мин көрдөхпүнэ, үрэх кытыытыгар уу алдьаппыт куолаҕайыгар кыра хайаҕас баарыгар тыһы бөрө батан киирэн төрөөбүт. Биир бэйэм өйдөөн көрүө суох эбиппин. Быта иһэ кыараҕас, төҥкөйөн көрдөххө, бөрө оҕолоро суулаһан, бары бииргэ чөмөхтөһөн сыталлар. Киһи илиитэ холкутук тиийэр. Сахаар биир оҕону таһааран, тоһоҕо мас саайан баран, өртөөн кэбистэ. Бөрө оҕото ньааҕынаабытынан барда. Бөрөлөр хантан кэлэллэрэ биллибэт, онон иккиэн икки аҥыы олорон манаатыбыт. Мин долгуйабын, тулабын биир кэм кэтэнэ олоробун. «Киһим урут ытара буоллар» дии саныыбын. Мин урут ыта сылдьан кыайан таппатахпына, сылы быһа ыыстыахтара диэн сэрэнэбин.
Аны туран, халлааммыт хаардаан барда. Киһим: «Кэл, чэйдиэххэ!» – диэн хаһыытаабытыгар үөрэ санаатым. Бачча ыраах кэлэн баран хайдах кураанах төннүөхпүтүй. Өртөммүт бөрө оҕото көһүйэн, саҥата тахсыбат буолбут. Сахаар саҥа оҕонон солбуйан биэрдэ. Инчэҕэй хаар тохтоло суох түһэн, уоппутун быспатыбыт. Бөрөлөр биллибэтилэр. Кэлбит да буоллахтарына, уот оттунан кэпсэтэ олорор уучахтаах дьоҥҥо хайаан чугаһыахтарай.
Сарсыардааҥҥа диэри биир эрэ бөрө оҕото тиийээхтээтэ. Ол даҕаны биллэр-биллибэттик тыынан сурдургуур. Бөрөлөрбүт оҕолорун сүлэн баран, бэйэлэрэ дьаһайдыннар диэн, быталарыгар угаттаан кэбистибит. Хомуна туран көрбүтүм, киһим уларыйан хаалбыт, күта-сүрэ тостубукка дылы буолбут: «Хоҥ мэйиилэр улахан сыыһаны оҥордубут быһыылаах», – диэтэ. «Ээ, чэ, ону-маны барытын иччилээн… Кинилэр даҕаны кыһыннары-сайыннары сөбүн сордууллар», – диэччи буоллум. Хомсомуоллаах, сэбиэскэй оскуоланы ааспыт киһи буолан.
Ити итинэн ааста. Дьоммутугар тиийбиппит, көһөөрү бэлэм олороллор эбит. Сис нөҥүө атын үрэххэ түһэн хааллыбыт. Аҕыйах хонук кэтэннибит да, бөрөлөр биллибэтилэр.
Ити түгэн кэнниттэн эмискэ Сахаардаах хаамара чугаһаабыт этиргэн оҕолоро улаханнык ыалдьан хаалаахтаабыта. Кыайан өрүттүбэтэҕэ. Онтон тумуу да киирбэт муус доруобай кэргэнин эмиэ ыарыы хам ылбыта. Хойутуу Сахаар: «Сирим-дойдум хомойоохтообут. Сатаныа суохпун, сыһыыга киирииһибин», – диэн барбыта.

* * *

Ыстаада олоҕо диэн сайыннары-кыһыннары биир да өрөбүл күнэ суох атаҕын үрдүгэр сылдьар үлэ. Кыһын Чэбилик диэн сиргэ, быыс бүтэйгэ, балаакканан харабыллыы сытабын. Халлаан сырдаата да, быыс бүтэйбин кыйа кэрийэн көрөбүн. Утары баран, табалары өрө үүрэн кэлэбин. Киирэ-тахса сылдьан, уҥуоргу тэҥкэлээх ойуурга харахпын хатаан ылабын. Онно араҥастаах киһи уҥуоҕа баарын билэбин. Саллар курдукпун.
Биир түүн бөрөлөр улуйдулар. Иччилээхтик, илбистээхтик…
Араҥастаах ойуур диэкиттэн.

Василий Юмшанов-Хонтой Уола,

Боруулаах, Үөһээ Дьааҥы.

Уруһуй Goodfon.ru ылылынна

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0