«Бүлүү» суолугар понтуон муосталары бэс ыйыгар туруоруохтара

Бөлөххө киир:

«Бүлүү» федеральнай суол управлениетын пресс-сулууспата иһитиннэрэринэн, «Бүлүү» федеральнай суолга баар үрэхтэргэ понтуон муосталары бэс ыйыгар туруоруохтара. Онон бу хайысханан айан-сырыы кэлэр ыйтан олохтонуоҕа.

edersaas.ru

Түүкээн үрэххэ (702-с км) бэс ыйын 15 күнүгэр диэри, Аччыгый Ботуобуйаҕа (1151-с км) бэс ыйын 10 күнүгэр диэри понтуон муосталар тэлгэниэхтэрэ.

Санатан эттэххэ, 2018 сылтан Түүкээн үрэҕи туоруур муоста тутуута саҕаламмыта. Муоста 267 погоннай миэтэрэ уһуннаах буолуохтаах уонна 2020 сылга үлэҕэ киллэриллиэхтээх.

Биһ. корр., edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0