«Бүлүү» уонна «Халыма» федеральнай суолларга өрүстэргэ кыһыҥҥы суол аһыллыытын болдьоҕо
«Бүлүү» суолун управлениета иһитиннэрбитинэн, Бүлүү федеральнай суол 660-с км учаастагар Бүлүү өрүскэ (Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин аннынан) уонна 807-с км учаастагар (Ньурба улууһун Күндээдэтин аннынан) ахсынньы 1 күнүгэр кыһыҥҥы суол аһыллара былаананыллыбыт.
Ону тэҥэ, ахсынньы 5 күнүгэр Халыма федеральнай суол 365-с км учаастагар Ардан өрүскэ «Хаандыга – Мэҥэ-Алдан» туорааһыҥҥа кыһыҥҥы суол аһыллара күүтүллэр. Оттон «Дьокуускай – Аллараа Бэстээх» хайысханан кыһыҥҥы суол 2022 сыл тохсунньу 5 күнүгэр аһыллара күүтүллэр. Кыраапык күн-дьыл туругуттан уларыйан биэриэн сөп.
Тимир көлөлөр ыйааһыннарынан өрүһү туоруур кыраапыктара (2021 сыл сэтинньи 19 күнүнээҕи туругунан)
№ | өрүс | Өрүһү туоруур кыһыҥҥы суол | Аһыллыытын күнэ
4 т. диэри |
Аһыллыытын күнэ
10 т. диэри |
Аһыллыытын күнэ
20 т. диэри |
Аһыллыытын күнэ
30 т. диэри |
Аһыллыытын күнэ
40 т. диэри |
«Бүлүү» федеральнай суолга | |||||||
1 | Бүлүү өрүс | 660-с км,
Үөһээ Бүлүү сэл. |
01.12.2021 | 10.12.2021 | 25.12.2021 | 15.01.2022 | 20.01.2022 |
2 | Бүлүү өрүс | 807-с,
Күндээдэ сэл. |
01.12.2021 | 10.12.2021 | 25.12.2021 | 15.01.2022 | 20.01.2022 |
3 | Бүлүү өрүс | 956-с км,
Устье сэл. |
05.12.2021 | 13.12.2021 | 25.12.2021 | 15.01.2022 | 20.01.2022 |
4 | Бүлүү өрүс | 1049-с км,
Кириэстээх сэл. |
10.12.2021 | 17.12.2021 | 25.12.2021 | 15.01.2022 | 20.01.2022 |
«Халыма» федеральнай суолга | |||||||
5 | Өлүөнэ өрүс | 6-с –18-с км,
«Дьокуускай –Аллараа Бэстээх» |
— | 05.01.2022 | 13.01.2022 | 20.01.2022 | 05.02.2022 |
6 | Алдан өрүс | 365-с км,
«Хаандыга – Мэҥэ-Алдан» |
05.12.2021 | 13.12.2021 | 25.12.2021 | 15.01.2022 | 20.01.2022 |