Бүлүү умнаһын ыраас уунан хааччыйарга — 1,9 миллиард

26.04.2019
Бөлөххө киир:

Экология тыҥааһыннаах боппуруостарын дьүүллэһиигэ «Бүлүү бөлөх 29 нэһилиэгин ыраас уунан хааччыйыы» бырагырааматын СӨ бырабыыталыстыбата бигэргэтэн, бу сыалга 1 миллиард 937 мөлүйүөн солкуобайы  көрүөҕэ, онтон 833 мөлүйүөнүн «АЛРОСА» хампаанньа биэриэҕэ. Бүлүү өрүс кытылыгар олорор нэһилиэнньэ доруобуйатын, тулалыыр айылҕа туругун кэтээн көрүү алмаастаах хампаанньа уонна өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн суотугар оҥоһуллуоҕа. Бары күүспүтүн түмэн, бырамыысыланнас айылҕабытын киртитэр содулун кыччатарга үлэлэһиэхпит», — диэн эппитэ Ил Дархан Айсен Николаев  «АЛРОСА» хампаанньа хаһаайыстыбаннай актыыбын сыллааҕы мунньаҕар.

edersaas.ru


Аны аҕыйах хонугунан өрүс мууһа эһиннэҕинэ, Бүлүү эбэбит хайдах туруктааҕа көстүөҕэ, экология үлэһиттэрэ чинчийэн көрүөхтэрэ.

«Былырыын Иирэлээх даамбата тоҕо баран, Бүлүү өрүс киртийбитин кэнниттэн аны итинник быһылаан хатыламматын туһугар биһиги гидропост туруордубут, ол тэрил уу таһыма үрдээтэ даҕаны, тута биллэрэ туруо, ону быйыл халаан уутун аһарарга тургутан көрүөхпүт», — диэн этэр Сергей Иванов.

Онон Бүлүү бөлөх улуустарын ыраас уунан хааччыйарга үп-харчы көрүллэн, тустаах үлэ ыытыллыаҕа.

Марианна ТЫРТЫКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0