Бүлүү бөлөх улуустарыгар этиҥнээх ардах, күүстээх тыал түһэрэ күүтүллэр

Бөлөххө киир:

Сарсын, бэс ыйын 7 күнүгэр, Сунтаар, Ньурба, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи, Ленскэй, Өлүөхүмэ, Горнай,  Хаҥалас улуустарыгар этиҥнээх ардах кэмигэр сөкүүндэҕэ 15-18 миэтэрэ түргэннээх тыал  түһэрэ күүтүллэр.

Түүнүн хотугулуу-арҕаа,  Аллараа Халыма улуустарыгар, күнүһүн арҕаа, соҕуруу уонна киин улуустарга сорох сиринэн кыралаан ардыаҕа. Этиҥнээх ардах кэмигэр сөкүүндэҕэ 15-18 миэтэрэ түргэннээх тыал түһэрин синоптиктар билгэлииллэр.  Температура түүн +9+14°, хоту +2+7°,  Арктика улуустарыгар  -2,+3°, күнүс +27+32°, арҕаа +22+27°,  хотугулуу-арҕаа  +17+22,  Халымаҕа, Арктика улуустарыгар +7+12° диэри итийиэҕэ.

Бэс ыйын 8-9 күннэригэр   сорох сиринэн кыралаан ардыаҕа.  Халыма, Индигир алын өттүнэн инчэҕэй хаар түһүөҕэ.   Температура күнүс киин улуустарга, соҕуруу, илин  +27+32°, арҕаа  +20+25°, хотугулуу-арҕаа,  хоту  +17+22°, Халымаҕа +9+14°, муора кытылынан  0,+5° кыраадыс буолуоҕун сабаҕалыыллар.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0