Бүлүү улуустарыгар Чысхаан сырыыта түмүктэннэ

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ Тымныы Полюһун — Өймөкөөн хаһаайына Чысхаан Бүлүү улуустарыгар айанын түмүктээтэ. Айылҕаны харыстыыр аһымал аахсыйаны тэрийэр соруктаах буолан, Чысхааны арыаллыы сылдьар бөлөх Ньурба, Үөһээ Бүлүү уонна Бүлүү улуустарыгар “Бүлүү Эбэ кырдалын ыччата” диэн ыччаттар түмсүүлэрин тэрийэр туһунан кэпсэтиини ыыттылар. Маны тэҥэ Бүлүү Эбэни харыстааһыҥҥа илии баттааһына хомулунна.

Суолталаах тэрээһин “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһатын кытта холбоһуктаах бырайыактара буолан, Тымныы полюһуттан сылдьар ыалдьыт, бастатан туран, оҕо тэрилтэлэригэр, оскуолаларга сырытта. Чысхааны арыаллыы сылдьар “Кэскил” хаһыат ырытыччыта Екатерина Киприянова бэлиэтииринэн, Үөһээ Бүлүү Кэнтигэр күүтүүлээх ыалдьыты көрсүүгэ эрдэттэн бэлэмнэммиттэр. Ол курдук, Дьүөгэ Ааныстыырап аатынан орто оскуолаҕа Чысхаан кыһыҥҥы остуоруйа ат сыарҕатыгар айаннаан тиийэн, үөрэх кыһатын олбуоругар баар буола түстэ. Кэнтик оҕолоро Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри оҥоро олорор бэйэлэрэ уста сылдьар киинэлэригэр Чысхааны анаан уһуллулар. Оттон өрөспүүбүлүкэтээҕи интернат-лицейгэ оҕолор научнай-чинчийэр экспедициялара “Бүлүү умнаһыгар Ричард Маак айана” диэн бырайыактарын билиһиннэрдилэр.

Елена ПОТОЦКАЯ, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0