Бүлүү улууһун Тылгыны нэһилиэгэ быйыл 100 сылын бэлиэтиэҕэ
Бу күннэргэ Бүлүү улууһун Тылгыны нэһилиэгин дьаһалтата үбүлүөй тэрээһиннэрин сүрүннүүр хамыыһыйаҕа үбүлүөйга анаан былааннаабыт соруктарын билиһиннэрдэ.
edersaas.ru
2019 сыл муус устар 2 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Бүлүү улууһун Тылгыны нэһилиэгэ тэриллибитэ 100 сылын бэлиэтиир туһунан 239 №-дээх анал дьаһалга илии баттаабыта. Үбүлүөйү сүрүннүүр хамыыһыйа бэрэсэдээтэлинэн Бырабыытылыстыба бэрэсэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина анаммыта.
Улуустааҕы дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, хамыыһыйа мунньаҕын улуус баһылыга Сергей Винокуров салайан ыытта. Кини нэһилиэк баһылыга үбүлүөйү тэрийэргэ анаан оҥорбут былаанын биһирээтэ уонна олунньу 17-20 күннэригэр диэри былааны өссө хос сааһылыырга, чочуйарга соруйда.
Улуус кырдьаҕас нэһилиэгин дьоһуннаах үбүлүөйүн биир дойдулаахтара Тылгыныттан төрүттээх өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун кытыннаран, бары сомоҕолоһон, түмсэн тэрийиэхтэрэ.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru