Бүлүү улууһа окко былаанын 100 % толордо

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Быйыл сайын уот кураан уонна ойуур баһаардара оттооһуҥҥа төһө да ыарахаттары үөскэттэллэр, сорох улуустар сорудахтарын толордулар, өссө куоһара толордулар.

edersaas.ru

Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ окко былааннарын 95 % толорбут улуустары ааттаталаата.

Онон, Абый улууһа 2 210 туоннаны оттоон, былаанын 151 % куоһарбыт.

Бүлүү улууһа 27 241 туоннаны оттоон, былаанын 100 % толорбут.

Уус Маайа улууһа 3 059 туоннаны оттоон, былаанын 97 % толорбут.

«Дьокускай куорат» куораттааҕы уокурук 10 306 туоннаны оттон, былаанын 97 % толорбут.

Үөһээ Бүлүү улууһа 23 006 туоннаны оттоон, былаанын 96 % толорбут.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0