Н.Г.Чернышевскай аатынан Бүлүү училищетын бүтэрбиппит 50 сыла.
Незабываемые годы
За годы своей работы в Вилюйском педагогическом училище я выпустила как классный руководитель четыре курса. Всех своих студентов я любила и знала о них всё. Мне казалось, что мои студенты самые лучшие и лучше группы в училище нет.
Ваша группа «В» отличалась своей сплочённостью и активностью. Студенческие годы – это приятные воспоминания, которые греют всю жизнь. И дружбу, проверенную временем вы пронесли через года. Мне отрадно видеть, как вы общаетесь через расстояния в созданной вами группе на просторах Интернета.
Вам досталось учиться в нелёгкое время. После пожара главного учебного корпуса в 1966 году занятия проводились в разных корпусах: читальном зале, мастерской, спортзале и общежитиях, обустроенных под учебные классы, и вам приходилось во время перемены перебегать из одного корпуса в другой. Новое учебное здание было достроено в 1972 году, в год вашего выпуска, и где прошёл 50-летний юбилей училища.
Не смотря на эти трудности, вы хорошо учились и мне никогда не доводилось краснеть за вас перед преподавателями. В училище жизнь была насыщенной и интересной, работало много кружков и спортивных секций, хор и три оркестра. После уроков проводились индивидуальные занятия по музыке. С теплотой вспоминаю проведение мероприятий, в которых вы принимали активное участие и получали призовые места: отчётные концерты групп, «А ну-ка, девушки», «А ну-ка, парни», новогодние вечера, спортивный праздник, пионерский день и даже студенческие свадьбы.
Занятия в кружках и секциях способствовало развитию ваших индивидуальных способностей, успешной учёбе, сплочению и дружбе. Например, Валера и Дима играли в духовом оркестре, Варя и Роза посещали литературный кружок, Аня хорошо пела, Сергей занимался спортом, Толя талантливо рисовал, а Ирина комсорг училища – лидер и заводила.
Между группами ежегодно проводились соревнования по учёбе, спорту и художественной самодеятельности. Победители награждались правом сфотографироваться у знамени училища.
Вы выпустились и разьехались по нашей необьятной родной Якутии- Якутск, Нюрба. Чурапча, Борогонцы. Усть-Мая, Намцы, Таттинский улус, Мегино-Кангаласский улус, Вилюйск. Такая вот география курса выпуска1972года.
С некоторыми из вас мне даже довелось поработать в одном коллективе. По инициативе директора педучилища Иванова М.С. талантливо одаренных выпускников оставляли работать в училище. С вашего курса ими стали Иванов Анатолий и Егоров Валерий.
Анатолий работал оформителем и преподавателем рисования Его живописное панно на стене при входе в здание училища с портретом Чернышевского Н.Г завораживало всех.
За творческий подход к работе Иванов А.Н. был включен в «Педагогическую энциклопедию Вилюйского педагогического колледжа им. Н.Г.Чернышевского » в 2008 г.
Валерий в училище преподавал баян и продолжал играть в духовом оркестре Санникова В.И.В дальнейшем остался верен своему делу, и продолжал работу учителем музыки в сельской школе. Очень доброжелательный и трудоспособный, пишет красивые мелодии, которые имеют большой успех у зрителей.
Приезжая в Вилюйск на юбилеи родного училища, мы с некоторыми из вас встречались, общались, делились впечатлениями и успехами.
Много хороших и теплых слов мне хочется сказать каждому из вас и пожелать успехов в вашей работе, благополучия и здоровья вам и вашим близким. Я вижу у вас большие и дружные семьи. Вы не изменили своей профессии. Многие из вас получили заслуженные и достойные звания и награды. Я горжусь вами. И не это ли лучшее признание работы учителя
Каратаева В.Д., классный руководитель выпуска
1968-1072гг. г.Невинномысск.
Эдэр сааспыт биһигэ
Хас биирдии киһи олоҕор ханнык учууталга үөрэммитиҥ, кими кытта доҕордоспутуҥ, ханнык идэни талбытыҥ, кимнээҕи кытта алтыһан дууһаҕар төһө сырдыгы сахпыттара эн хайдах үлэһит буоларыҥ ол онтон улахан тутулуктаах.
Оннооҕор тулалыыр айылҕаҥ кытта дьайар күүстээх.
Саха сирин биир саамай быйаҥнаах кэрэ айылҕалаах Бүлүү эбэ хотун хотойор таһаатын үрдүгэр турар Саха өрөспүүбүлүкэтин биир бастыҥ үөрэҕин салаатыгар- Н.Г.Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай учуулуссаҕа 1968 сыллаахха үөрэнэ киирбиппит. Бэйэлэрин идэлэрин баһылаабыт дэгиттэр талааннаах учууталларга түөрт сылы быһа такайыллан, алын сүһүөх оскуола оҕотун үөрэтии ньымаларыгар, сатабылларыгар уһуйуллан, араас үөрүйэҕи иҥэринэн, куорсун анньынан учуулуссаны 50 сыллаах үбүлүөйдээх сылыгар 1972 сыллаахха Өрөспүүбүлүкэ араас улуустарынан үлэлиир баҕа санаалаах элэркээн ыччаттар бастакы уруокка толло, килбигийэ, ол эрээри бэйэҕэ эрэмньилээх кылаас аанын аһан киирбиппит 50 сыла буола охсубут…Кэм-кэрдии тэтимэ эчи түргэнин…
Биһиги үөрэнэр кэммитигэр учуулусса дириэктэринэн дьиҥнээх саха саарына Михаил Спиридонович Иванов үлэлиирэ, сатабыллаах салайааччы, үтүө санаалаах, дириҥ билиилээх дириэктэрбит устудьуоннаабыт кэрэ сылларбыт умнуллубат өйдөбүлэ буолан үгүспүтүгэр сырыттаҕа.
Иванов Толябыт Михаил Спиридонович туһунан маннык иһирэх тылларынан ахтар: «…Училище директора Михаил Спиридонович Иванов мин олохпор оруола улахан диэхпин баҕарабын. Тоҕо? Бастакытынан, идэбин таларбар тосту уларытыыны оҥорбута диэххэ наада. Учуутал идэтин ыларбар быһаччы оруоллаах. Худуоһунньук идэтигэр үөрэнэр баҕалаах этим. Художественнай училищеҕа 10 кылаас кэнниттэн ылбаккалар, Бүлүүнү таарыйан дойдулаан истэхпинэ, училищеҕа күүһүнэн кэриэтэ киллэрэн, учуутал оҥорбута. Иккиһинэн, хайа эрэ өттүнэн, оччолорго эдэр киһиэхэ, кыратык эмэтик кини өйө-санаата, характера оруолу оонньообут буолуохтаах. Ол курдук кинини студент аймах барыта олус сөбүлүүрэ, ытыктыыра, холобур оҥосторо. Ол, чахчы. Үсүһүнэн, мин сөбүлүүр дьарыкпын, уруьуйдуурбун таба көрөн, училище ис – тас оформлениетын оҥорууга, миигин итэҕэйэн, оҥорор ньымабын сыаналаан, үлэлэтэрэ. Төрдүһүнэн, училищены бүтэрэр экзамен кэннэ тута кэриэтэ саҥа үөрэҕи бүтэрбит учууталлар ханна үлэлии баралларын быһаараллар. Бэйэлэрин баҕаларын аахсан туран, ханна миэстэ баарынан анаталыыллар. Ол собеседованиеҕа директорым училищеҕа сөбүлүүр идэбинэн, художественнай үөрэҕэ суох да буолларбын уруһуй, ТСО учууталынан үлэлии хааларбар этии киллэрбитэ. Онон, училищебар үлэлии хаалар буолбутум.
Киирэр аан уҥа өттүгэр гардеробу холтан араарар тимир боробулуоханан мэһэйи Саха сирин сайдыытын тематыгар композициялаан туруорбуппут. Сваркатын Лёха Молчанов диэн ЛЭП сварщига биир түүн устата үлэлээн бүтэрэн, улаханнык көмөлөһөн турар. Барахсан үтүө да уол этэ. Ол сыл тимир лииһинэн эмиэ оҕолору кытта кружковой үлэнэн Н.Г.Чернышевскай Бүлүүтээҕи сылларын санатар панно оҥорбуппут. Оҕолорго чеканка туһунан өйдөбүл син хааллаҕа.
Ити курдук үөрэммит училищебар 3 сыл үлэлээбитим. Онтон кэлин Таатта улууһун Харбалааҕар көһөн тиийэн, ханна да халбарыйбакка 40-ча сыл уруһуй, технология учууталынан, оскуола директорынан үлэлээн пенсияҕа тахсыбытым.»
Директорбыт Михаил Спиридонович чахчы да эрдэттэн Сахабыт сирин ыччатын үрдүк кирилиэскэ дабатар сыаллаах – соруктаах үлэлиирэ – хамсыыра. Бэйэтин норуотугар бэриниилээҕэ көстөрө. Хас биирдиибитин билэрэ, иһирэхтик сыһыаннаһара. Михаил Спиридонович училищеҕа ыытар үлэлэрин бары көрүҥүн студеннары кытта бииргэ ыытара. Барыбытыгар олус ыалдьара, бэрэбиэркэлиирэ. Кэргэнэ Варвара Михайловналыын олус үлэһит, студеннарыгар болҕомтолоох педагогтар буолан, махтал ылыахтарын ылаллар
Барыбыт ытыктыыр учууталбыт Василий Иванович Санников музыкаҕа үөрэппит үтүөтүн, билигин даҕаны умнубаппыт.Киниэхэҕэ духовой оркестрга дьарыктаммыттара: Егоров Валерий, Иванов Толя, Борисов Дима, Батарина Варя, Лыткина Зина, у д.а.Уолаттар оркестрга оонньуу кэлэллэрин улахан бырааһынньык курдук саныыллара. Училище биэчэрдэригэр, улахан бырааһынньыктарга духовой оркестр күүтүүлээх ыалдьыт буолара.
Оччолорго оркестр училище эрэ буолбакка,Бүлүү оройуонун киэн туттуута буолара. Оройуоҥҥа ыытыллар араас үөрүүлээх мероприятиелар оркестра суох ыытыллыбат этилэр. Биһиги, студеннар республика, оройуон салалтатын трибунатын анныгар, норуоту утары туран үөрүүлээх марштары оонньуурбут улахан дьолунан ааҕыллара. Бу мероприятиеларга сылдьан оркестр уолаттара бэрээдэктээх, тэрээһиннээх буоларга үөрэммиттэрэ, онньуур дьоҕурдара өссө сайдара, дьон-сэргэ махталын ылаллара
Итинник кэрэҕэ уһуйуллуу түмүгэр, Борисов Дмитрий Васильевич – үрдүк категориялаах музыка учуутала Бүлүү оройуонугар бастакынан аҕыс кылаастаах оскуолаҕа оҕолорго хору уонна духовой оркестры тэрийбитэ.
Егоров Валерийбыт ырыа эйгэтигэр кырачаан ыччаттары уһуйар, кинилэргэ анан мелодия суруйар. «Оҕолор-быыкаан күннэр» диэн бастакы ырыанньыгын таһааттарбыта.
Музыка дьиктилээх эйгэтигэр уһуйбут бастакы учууталбытыгар Василий Иванович Санниковка бары махтал тылларбытын аныыбыт, үрдүк аатыгар сүгүрүйэбит,
Василий Иванович итини таһынан саха тылын учууталын быһыытынан үрдүк таһымнаах уруоктары ыытара.Кыргыттарбыт Борисова Саргы, Лебедева Соня Степанова Ира, Саввинова Аня, саамай сөбүлүүр уруоктара саха тыла буолбута. «…Кабинекка үөрүүнэн киирээччибит уонна сорудах бөҕөнү толорон, тиритэн-хорутан тахсарбыт. Ким диктант суруйан, ким перфокартанан үлэлээн, ким дуоскаҕа этии ырытан ити дьарык барыта биир уруок иһигэр ситиһиллэрэ “ Василий Иванович такайыытынан Саха тылыгар үүнэр ыччаты уһуйууга олохторун анаан кэллилэр Степанова Ира саха тылын эбэҥки оҕолоругар, Борисова Саргы Томпо улууһугар араас сахалыы күрэстэри тэрийиигэ сүүрбүтэ-көппүтэ, нуучча тыллаах Алдан улууһун хаһыатыгар сахалыы сыһыарыыга корреспонденнаабыта, Саввинова Аня Саха Гимназиятыгар тереебут тылы үөрэтэн СР Үтүөлээх учууталын үрдүк аатын сүгэн үлэлии сылдьар.
Училищебытыгар физкультурнай отделение аһыллан, спорт күүскэ сайдыбыта. Биһиги курс спортан да туора турбатахпыт. Абрамов Прокопий Нифонтович чахчы бэйэтин үлэтигэр бэриниилээх, талааннаах учуутал этэ. Иванова Аня баскетболга, волейболга сылдьан, бары күрэхтэһиилэргэ активнайдык кыттара. Ол курдук сүүрүүгэ, ыстаныыга, үрдүгү көтүүгэ күрэхтэһэрэ..
. Бастыҥ спортсменкабыт Кычкина Ира ахтар: «… Үчүгэй да этэ, эдэр саас кэрэ кэмнэрэ. Сотору- сотору күрэхтэһиилэргэ училище чиэһин көмүскүү барааччыбыт. Саас ыйы быһа Бүлүү-Якутск көтөн ахан биэрбитим. Жатай, Марха, Тулагы, Чочур- Мыраан, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Ньурба лыжняларыгар үөрэнэр кэммэр сүүрбүтүм 5км,8км 10км сүүрэн баран дэлби ыран хааламмын , училище остолобуойугар эбии аһаталлар этэ. Күрээхтэһиигэ сылдьар кэммэр стипендиябын эбэллэр этэ.
ВПУ-лар 13 орто үөрэх заведенияларын кытта күрэхтэһэр этибит. ВПУ-лар наар 2 миэстэ буоларбыт, ЯПУ физкультурнайа бастыыр этэ.Алдан, Мирнэй,Ленскэй, Якутскай кыргыттара үөрэнэр этилэрэ. Нифонтович миигин финишка ыытарыгар булгуччу 2 миэстэ буолаҕын диэн модьуйара
…Бүлүү педучилищета миэхэ элбэх үчүгэйи иҥэрбитэ Саха АССР 50 сылыгар Бүлүү сборнайыгар киирэн ыйы быһа Покровскайга сборга сытан эрчиллибиппит уонна муус устарга 6-гар олимпиецтары кытта сүүрбүппүт. Аан дойду 6 төгүллээх чемпионнарын Тихоновы, Кулаковскаяны кытта биир лыжняҕа сүүррбүппүнэн киэҥ туттабын.»
Прокопий Нифонтович ирдэбилигэр иитиллэн, олоҕун спорка анаабыт доҕорбутунан Огонеров Сергей буолар. 1972 с. бүтэрэн, төрөөбүт нэһилиэгэр физкультура учууталынан ананан, 35 сыл устата ситиһиилээхтик, бэйэтин идэтин сөбүлээн үлэлээбитэ. Оҕолор үчүгэй доруобуйалаах, көрсүө — сэмэй бэрээдэктээх буолалларыгар улахан сыалы туруоруммута. Уруокка туттар инвентарь суоҕунан,бэйэтэ ааҕан, дьонтон көрөн үгүс элбэх оборудованиены оҥорон оҕолору таптаан үөрэнэллэрин, дьарыктаналларын ситиспитэ. Баччааҥҥа диэри Таатта улууһун Кыйы нэһилиэгэ “спортивнай” нэһилиэк аатын ылар. Онно кини өҥөтө кырата суох. Ордук легкай атлетикаҕа, хайыһарга, волейболга, национальнай көрүҥнэргэ, гимнастикаҕа ситиһиилээх буолаллара. Бэйэтин туйаҕын хатарар үгүс элбэх физкультура учууталлара үлэлии- хамсыы сылдьаллар. Төрөппүт үс оҕото физкультура учууталлара.Кини үрдүк категориялаах ветеран учуутал этэ. Улууска “Сыл учуутала” конкурс кыайыылааҕа. Республикаҕа номинант буолбута.
Кэргэннии Роман Дмитриевич Поповка, Мария Ивановна Захароваҕа дуобакка дьарыктарыгар Атласова Розабыт дьарыктанан республика күүстээх дуобатчыттарын кытта күрэхтэспитэ, көрсүбүтэ, билсибитэ.
Үөрэнэ сылдьан «Тыҥ хатыыта» литературнай куруһуокка сылдьар этибит: Кычкина Ира, Атласова Роза, Батарина Варя. Онно Ира суруйбут айымньыларын «Кыым » хаһыакка Михаил Спиридонович бэчээттэтэр этэ. Ону ааҕан дойдутун дьоно наһаа үөрэллэр эбит этэ.
Биһигини үөрэппит учууталларбыт бэйэлэрин предметтэригэр дириҥ билиилээх, үрдук култууралаах учууталлар этилэр. Бары өттүнэн сайдарбытыгар усулуобуйа баар этэ. Хаһан даҕаны иистэммэтэх дьоннор иистэнньэн, аһы астаабатах дьоннор асчыт, хаартыскаҕа түһэрбэт киһи сатыыр буолан, музыка уонна ырыа кистэлэҥнэригэр, спорт араас көрүҥүгэр эрчиллэн, уһуйуллан тахсыбыппыт, хас биирдиибит музыкальнай инструмеҥҥа холкутук оонньуур буолбуппут. Мандалинаҕа Тараховскай А.В. дьарыктаабыта. Нотнай грамотаны олох билбэт киһини, талааннаах учуутал үөрэтэн, холкутук нотанан көрөн оонньуур гына үөрэппитэ. Михайлов М.М. хаартыскаҕа түһэрэргэ, бэчээттииргэ, кинопроекторы кытта үлэлииргэ көрдөрөн үөрэппитэ үлэбитигэр олус туһалаабыта.
«Учуутал» буолан уруоктарбытын Базовай оскуолаҕа боруобалыыр этибит. Базовай оскуола учууталларыгар наһаа улахан махталлаахпыт. Хас биирдии уруок ыытыллыбытын кэннэ, ырытар этилэр. Туох ситиһиллибитин, туохха өссө болҕомтобутун ууруохтаахпытын сүбэлииллэрэ, уруок ыытарбытыгар методическай көмөнү оҥороллоро.
Оччолорго бу курдук дэлэй ас – таҥас суоҕа. Тыаларга тахсан үлэ араас көрүҥүн толорорбут. Практикаҕа ынах ыан, хортуоска хостоон, бурдук ыраастаан, тутууга көмөлөһөн ыларбыт. Оттор маспытын бэйэбит бэлэмнээччибит. Онно барытыгар үөрэ – көтө, көхтөөхтүк сылдьарбыт. Саас аайы куурсунан тыаҕа тахсан саһаан охсорбут. Эдэр буолан сылайарбытын да, тоҥорбутун да аахсыбат этибит. Былааннаах үлэ күөстүү оргуйара, биирдэ өйдөөбүппүт киэһэрбит буолара. Оонньуу-күлүү, күргүөмнээх үлэ тэҥҥэ барара. Онтон эмиэ үөрэх күнтэн –күн салҕанан барара. Сайыҥҥы каникулбутугар үлэ практикатыгар хааларбыт. Уолаттар биир сайын уопсай дьиэ тутуутугар үлэлээбиттэрэ. Кыргыттар уопсай дьиэ оһоҕун тутуутугар көмөлөспүттээхпит. Биир сайын үлэлээн кирпииччэ оһох тутуутун баһылаабыппыт. Оҕолор үксүлэрэ бэйэлэрин нэһилиэктэригэр баран үлэлииллэрэ. Күһүн кэллэхтэринэ сонуннарын ирэ-хоро кэпсииллэрэ.
Үөрэхпитин бүтэрэн биһиги куурустан 4 кыыспыт Өлөөҥҥө ананан барбыттара. Борисова Саргы, Романова Зоя, Николаева Клава уонна Саргы Егорова. Кыргыттары ыраах Дьэлиҥдэ 8 кылаастаах.оскуолатыгар ыыппыттара, Саргыны Харыйалаах 8 кылаастаах.оскуолатыгар учууталы солбуйууга хаалларбыттара. Саҥа дьыл кэннэ учуутал үлэтигэр тахсыбытын кэннэ Дьэлиҥдэ интернатыгар иитээччинэн ыыппыттара. Кыргыттарын кытта бииргэ олорор дьолломмута. Борисова Саргы 1-гы кылааһы үөрэтэ сылдьара, Клава, Зоя саха тылын, нуучча тылын үөрэтэллэрэ. Саргы үлэтиттэн олус астынара, кэпсээнэ күнү быһа үөрэтэр оҕолорун туһунан буолааччы, уруогар күн аайы кыһаллан да бэлэмнэнээччи диэн дьүөгэлэрэ сөҕөн ахталлара. Нэһилиэк араас тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кытталлара. Тымныы дьиэҕэ олорбуттар, кирпииччэ оһохтооҕун үрдүнэн хос ортотугар улахан тимир буочука оһоҕу түүн оттон хоноллоро. Кыргыттар бары да сахалыы сайаҕас, сымнаҕас майгылаах дьоннор этэ.. Саргылана, Клава үөрэммит идэлэринэн үлэлээн, оҕо төрөтөн сирдээҕи олохторун олорон аастылар. Кинилэр олохторун оҕолоро, сиэннэрэ салҕыыллар,
Билигин биһиги ортобутугар суох доҕотторбут сырдык мөссүөннэрэ биһигини кытта куруук бииргэ бааллар. Көрүстэхпит аайы ахтан- санаан ылааччыбыт. .Биһиги курспутугар умнуллубат суолу-ииһи хаалларбыт дьүөгэбитинэн Алексеева – Мушникова Муза Михайловна буолар. Кини Бүлүү куоратыгар 2№-дээх 8 кылаастаах оскуолаҕа учууталынан, пионер баһаатайынан ситиһиилээхтик, тахсыылаахтык үлэлээбитэ. Бу үлэлиир сылларыгар Бүтүн Сойуустааҕы пионерскай тэрилтэттэн «Туйгун үлэтин иһин» бэлиэнэн уонна грамотаны туппута. Кэлин сыралаах үлэтэ сыаналанан «Россия үөрэҕириитин туйгуна» буолбута дьиҥ чахчы ирдэбиллээх учуутал, баһаатай этэ.
Борисова Саргы, Николаева Клава, Григорьева Маша, Огонеров Сергей ылбыт идэлэринэн үлэлээн, дьиэлэнэн-уоттанан, оҕолонон-урууланан, дьоллоохтук олорон аастылар.
Биһиги ахтан-санаан ааһабыт, ис сүрэхтэн тахсар махтал тылларын аныыбыт күндү учууталларбытыгар: химия Биология учууталларыгар Марк Михайлович Михайловка,Тамара Николаевна Прокопьеваҕа; математика учууталларыгар Тамара Ивановна, Василий Александрович Александровтарга; нуучча тылын үөрэппит Нина Ильинична Егороваҕа,Розалия Унегиновна Унегиноваҕа; психология, педагогика учууталларыгар Татьяна Ильинична Болуроваҕа ,Иван Пудович Чабыевка ; обществознаниеҕа, дуобакка үөрэппит Роман Дмитриевич Поповка; Саха сирин историятыгар Михаил Спиридонович Ивановка; ырыа учууталларыгар Елена Дмитриевна Олбутцеваҕа, музыка теориятыгар -Валентина Даниловна Каратаеваҕа; музыкальнай инструменнарга үөрэппит Валентина Федоровна Корженевскаяҕа , Комеш Иннокентьевич Мегежекскайга, Василий Иванович Семеновка,Абрам Владимирович Тараховскайга, физикаҕа үөрэппитВасилий Маркович Шадриҥҥа, Василий Александрович Александровка, саха тылыгар- Николай Петрович Жирковка, Василий Иванович Санниковка; таҥас технологията уонна иис — Серафима Степановна Уткинаҕа о.д.а.. Көстөрүн курдук, училищебытыттан учуутал бары сатабылыгар уһуйбуттара.
Курспут салайааччытынан Каратаева Валентина Даниловна оҕо сааспыт ааһан. дьоһумсуйа сатыыр кыргыттардааҕар, биһигиннээҕэр ордук эдэр дууһалаах. Ардыгар биһигинниин тэҥҥэ мэниктэһэн ылар тиэхэлээх дьиҥнээх талааннаах педагог үлэлээбитэ. Учууталбыт чахчы күннээҕи түбүккэ баттаппакка наар үөрэ-көтө сылдьар, бүгүҥҥү олоҕунан астынан олорорго тыыннаах үтүө холобур буолар. Кини билигин Краснодарскай кыраайга олорор. Казактар хордарын солиһа.Учууталбытын кытта сибээспитин быспаппыт. Күннэтэ эҕэрдэлэһэбит.
Училище педколлективын санаатахпытына, дьиҥнээх педагогтар диэн маннык буолуохтаахтар диэн өйдөбүл хаалбыта. Республика араас муннуктарыттан мустаммыт, тыа сирин муҥкук оҕолоро өй-санаа өттүнэн сайдан, саха буоларбытынан киэн туттан тарҕаспыппыт .
Тапталлаах Бүлүүбүтүгэр үөрэммит сылларбыт үйэҕэ умнуллубакка сырдыгынан сыдьаайа туруохтара. Михаил Спиридонович Иванов-Багдарыын Сүлбэ директордаах Николай Гаврилович Чернышевскай аатынан Бүлүү педучилищетыгар үөрэммиппитинэн киэн туттабыт.
Үүнэ-сайда тур, тапталлаах училищебыт ! Тупса, улаата тур эдэр сааспыт биһигэ!
Ахтыылартан таҥан суруйда
Варвара Попова.
Саха республикатын үөрэҕириитин
туйгуна, РФ суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ

.