Биллэр төрүөтүнэн ааспыт икки сыл устата самаан сайыны уруйдуур ыһыахтарбыт онлайн-эрэсииминэн ыытылыннылар. Быйыл этэҥҥэ буолан, урукку үгэһинэн ыһыахтыахпыт. Бу күннэртэн ыһыахтар саҕаланан эрэллэр.
Ол курдук, бэс ыйын 11 күнүгэр Үс Хатыҥҥа Саха АССР 100, Халбаакы нэһилиэгэ 185 сылларыгар аналлаах Бүлүү улууһуттан төрүттээхтэр ыһыахтара буолуоҕа.
Сүрүн тэрийээччинэн «Бүлүү кэскилэ» уопсастыбаннай түмсүү (салайааччы А.К Павлова) буолар.
Бырагыраама
10.00-10.15 Комсомольскай болуоссаттан оптуобустар айанныыллар.
10.30-11.45 Түһүлгэлэри киэргэтии, симээһин (түөлбэлэринэн, нэhилиэктэринэн, тэрилтэлэринэн).
11.00 Ыһыах спортивнай күрэхтэригэр, оһуохайга, саха таҥаhыгар уо.д.а. күрэхтэргэ суруттарыы.
11.45 Нэhилиэктэринэн, тэрилтэлэринэн хааман киирии.
12.00 Ыһыах аһыллыытын сиэрэ-туома. Алгыс. Официальнай чааһа.
12.15 Ыалдьыттар – Халбаакы нэһилиэгин айар талааннарын эҕэрдэлэрэ.
13.00 Түөлбэлэринэн (нэһилиэктэринэн, түмсүүлэринэн) күнүскү аһылык (дьүүллүүр сүбэ түһүлгэлэри сыаналыыр)
13.00 Оҕо аймах түһүлгэтэ.
13.30 Оһуохай түһүлгэтэ.
14.30 Сахалыы таҥаһы көрүү.
15.00 Күүстээхтэр, сымсалар күрэхтэһиилэрэ (эр дьоҥҥо, кэрэ аҥаардарга, оҕолорго): мас тардыһыыга, хапсаҕайга, сүүрүүгэ.
16.30 Биир дойдулаахтарбыт уонна саха эстрадатын сулустарын эҕэрдэлэрэ, нэһилиэктэр түһүлгэлэриттэн ырыанан эҕэрдэлэр. Кыайыылаахтары эҕэрдэлээһин.
18.00 — 1 оптуобус, 19.00 — иккис оптуобус куоракка айанныыллар.
Ыалдьыттарга, кыттааччыларга анаан хорчуоппа үлэлиэ: кымыс, быыппах, үтэһэлээх эт атыыланыа.
Ити күн оптуобустар сарсыарда 10.00-10.15 чаастан Комсомольскай болуоссаттан автобустар айанныыллар (кэлэ-бара билиэт сыаната 200 солкуобай).
Билсэр төлөпүөҥҥүт: 89142710296 (WhatsApp)