Бэс ыйын 8 күнүгэр, киэһэ 8 чаас саҕана, «Бүлүү» федеральнай суолга үс киһи эчэйиилээх суол быһылаана тахсыбыта. Ол курдук, 1988 сыллаах төрүөх «Тойота-Хайс» суоппара 699 км массыынатын кыайан салайбакка, түҥнэстибит.
Саахал кэмигэр микрооптуобуска олорсон испит биэс пассажиртан үһэ эчэйиини ылбыт. Массыына Дьокуускай куораттан Бүлүүгэ уонна Ньурбаҕа айаннаан испит. Суоппар пассажирдары таһыыга лиссиэнсийэтэ суох эбит. Биир пассажир кэпсээбитинэн, кини «Индрайвер» сулууспа өҥөтүнэн туһанан, Ньурбаҕа диэри такси сакаастаабыт. Айаннаан иһэн Орто-Сурт аттыгар биир көлүөһэлэрэ тэстибит. Нэһиилэ көлүөһэлэрин уларытан баран, салгыы айаннаабыттар уонна Хоро сэлиэнньэтин таһыгар саахалга түбэспиттэр.
Билигин суол саахалынан бэрэбиэркэ ыытыллар. Госавтоинспекция пассажирдартан түбэһиэх таксига олорсубаттарыгар, хайаан да лиссиэнсийэлээх суоппардар өҥөлөрүнэн туһаналларыгар сүбэлиир.
edersaas.ru