«Бүлүү» федеральнай суол билигин уруккута буолбатах, лаппа тубуста. Ол үрдүнэн «кутуйах түүлэннэҕинэ, чыып» дииринии, сорох дьон суол мөлтөҕүн бэлиэтииллэрэ үгүс. Сайын устата саҥа өрөмүөннэниллибит суолга ардах түстэҕинэ, улахан ыйааһыннаах тиэхиньикэ тоҕута үктээн алдьаталлара баар суол. Аҕыйах учаастак мөлтөҕөр сигэнэн, саба быраҕан мөлтөх туруктаах диир, арааһа, сыыһа буолуо. Билигин халлаан тымныйан суол өссө тубуста.
Быйыл «Бүлүү» суолугар өрөмүөн
- 611-с км 629-с км диэри учаастак (Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин аттыттан ) ресайклинг ньыматынан оҥоһулунна;
- 645-с км 653-с км учаастакка (Үөһээ Бүлүү улууһун Нам нэһилиэгин аттынан) кумахтаах гравийы битуму кытта булкуйан кутулунна;
- 653-с км 659-с км учаастакка (Үөһээ Бүлүү улууһун Нам нэһилиэгин аттынан) кумахтаах гравийы битуму кытта булкуйан кутулунна;
- 911-с км 915-с км (Сунтаар улууһун Элгээйи уонна Хоро нэһилиэктэрин икки арда) уонна 914-с км 956 км учаастактарга (Сунтаар улууһун Хоротуттан Кэмпэндээйи суолугар диэри) кумахтаах гравий кутулунна;
- 204-с км 214 км учаастакка (Горнай улууһун Аһыма нэһилиэгин диэки) ресайклинг ньыматынан оҥоруу бара турар;
-
338-с км 349 км учаастакка (Бүлүү улууһун кыраныыссатыттан) кумахтаах гравий кутулунна;
- 621-с км 628-с км (Үөһээ Бүлүү улууһун Харбалааҕыттан) уонна 635-с км 645-с км учаастактарга (Үөһээ Бүлүү Ороһу нэһилиэгин аттыттан) ресайклинг ньыманан суолу оҥоруу ыытыллар.
Ресайклинг – саҥа ньыма
Кэлиҥҥи кэмҥэ «Бүлүү» суолун управлениета суолу оҥорууга саҥа технологияны туһаныыны олоххо киллэрдэ. Бастаан утаа Чыбыыда уонна Үөһээ Бүлүү икки ардыгар баар учаастакка 9 км уһуннаах суолу оҥорбуттара.
Бу ньыманы ресайклинг диэн ааттыыллар. Управление бу технологияны Сибиирдээҕи ньиэп уонна гаас институтун кытта бииргэ үлэлээн, быһаччы суолу тутууга туһанан эрэр. Манна эргэ суол үрдүнээҕи араҥата матырыйаал быһыытынан туһаныллар. Анал ресайклер диэн тиэхиньикэ суол үрүт араҥатын кыһыйан ылар. Ол үнтү мэһийиллэр уонна онно тута цемени эбэтэр битуму (эмульсия) кытта буккуллан, төттөрү суолга кутуллан, асфальт курдук дэхсилэнэр. Маннык ньыманан оҥоһуллубут суол ууну аһарбат (герметичнэй) буолан, быдан бөҕө уонна адаархайа суох буолар. Ити – бастакыта. Иккиһинэн, маннык технологиянан суолу оҥоруу сыаната биллэрдик чэпчиир эбит.
Бу суолу оҥорор ураты ньымаҕа биир сүрүн оруолу «Сларри сил» диэн технология ылар. Ресайклер диэн анал тиэхиньикэ суолу оҥорбутун кэнниттэн бөҕө буоллун диэн анал эмульсионнай-минеральнай булкадаһыгы үрдүнэн 1,5 см халыҥнаах гына куталлар. «Сларра-сил» эмульсионнай-минеральнай булкадаһык састаабыгар кыра гына бытарытыллыбыт таастар, кыра туораахтардаах, араас эбиликтээх эмульсия бааллар. Маннык анал матырыйаалынан бүрүллүбүт суол алдьанан быстыбат, быдан бөҕө буолар.
Бу саҥа ньыманан суолу ресайклер диэн Германскай тиэхиньикэ оҥорор. Ханнык баҕарар бетоннаах, таастаах суолу үнтү мэһийэр кыахтаах күүстээх массыына. Анал көлүөһэлэрдээх буолан, туохтан да иҥнибэккэ сылдьар.
Александр ТАРАСОВ