«АЛРОСА» хампаанньа айылҕаны харыстыыр тэрээһиҥҥэ 2018 сылга 832 мөлүйүөн солкуобайы көрбүтэ. Бырамыысыланнас салаатыгар оҥорон таһаарыы тулалыыр эйгэҕэ куттала суох буоларын хааччыйарга, итиэннэ айылҕаны харыстыыр тэрээһини үбүлүүргэ тыырыллар үп-харчы сыл ахсын эбиллэн иһэр.
edersaas.ru
Дражнай котлованнар баар сирдэригэр былырыын Иирэлээххэ быһыт тоҕо барыытыттан эмсэҕэлээбит улуустар дьаһалталарын кытта тустаах үлэ барыаҕа. Ол туһунан «АЛРОСА» толорооччу дириэктэрэ, генеральнай дириэктэр бастакы солбуйааччыта Игорь Соболев Ил Түмэн уочараттаах пленарнай мунньаҕар тохсунньу 30 күнүгэр иһитиннэрдэ.
Хампаанньа Кэтээн көрөр сүбэтин быһаарыытынан, сыл ахсын Үүнэр көлүөнэ пуондатыгар 150 мөлүйүөн солкуобай бэриллиэҕэ. Ол харчыны Бүлүү умнаһыгар олорор улуустары ыраас уунан хааччыйарга, судаарыстыбаннай бырагыраамалары олоххо киллэрэргэ туттуохтара.
«Бүлүү эбэ туругун дьүүллэһиигэ анаммыт Парламент истиитигэр хампаанньа аатыгар элбэх хомуруйуу киирдэ, ону болҕомтоҕо ылан, баар итэҕэстэри туоратарга дьулуһабыт. Билигин биир чааска ханаал устун 250 куб. миэтэрэ уу ааһар кыахтанна, урут ол кыамтата 160 куб этэ. 55 квадратнай миэтэрэ иэннээх ханаал 250 диэри кэҥэтиллэн, уу таһыма эмискэ үрдээтэҕинэ, 2018 сыл атырдьах ыйыгар тахсыбыт алдьархай курдук халаанныа суоҕа», — диэн эттэ Игорь Соболев.
Бырайыактааһын үлэтэ саҕаланан, муус устарга ханаал сүнньүн кэҥэтии, бөҕөргөтүү түмүктэнэн, 2019 сыллааҕы халааны көрсөргө бэлэм буолуоҕа.
«Ону таһынан, Госреестргэ киирбэтэх 15 гидротиэхиньиичэскэй тутуу туругун тутулуга суох хамыыһыйаны ыҥыран бэрэбиэркэлэттибит. Быстах кэмҥэ үлэлиир гидротиэхиньиичэскэй тэриллэри ыксаллаах быһыы-майгы үөскээтэҕинэ, карьердар хайа үрдүгэр баар кыра ханаалларыгар туох куттал суоһуурун тургутан көрдүбүт. Иирэлээх бириискэтигэр саахал тахсар түгэнигэр төһө суумалаах хоромньу тахсыан сөбүн тутулуга суох тэрилтэ барытын ааҕа-суоттуу сылдьар, ол эмиэ бырайыакка киириэхтээх. Ол докумуона оҥоһулуннаҕына биирдэ бириискэ гидротиэхиньиичэскэй тэрилин реестргэ киллэрэр кыахтаахпыт”, — диэн быһаарда Соболев.
Бырамыысыланнаска дьон сыыһа-халты туттуутуттан алдьархай тахсыбатын туһугар, Мииринэйдээҕи хайаны байытар кэмбинээт Иирэлээх водохранилищетыгар бириискэттэн тутулуга суох күн ахсын уу таһыма төһө үрдүүрүн кэтээн көрөр тэрээһини ыытыаҕа. Уу таһымын хас суукка ахсын кэтээн көрүү оҥоһулуннаҕына биирдэ, алдьархай тахсыан иннинэ сэрэтэр үлэни ыытыахха сөп.
Игорь Соболев этэринэн, хампаанньа Бүлүү бөлөх нэһилиэнньэтин ыраас уунан хааччыйарга олохтоох дьаһалта материальнай-тиэхиньиичэскэй ороскуотун толуйарга эрэннэрбит мэктиэтин толордо. «Саахал кэмигэр дьону ыраас уунан олохтоох дьаһалта хааччыйбыта. Ол эрэн, 2018 сыл ахсынньытыгар ол ороскуоту сабан, хампаанньа 49 мөлүйүөн солкуобайы төлөөбүтэ. Маны таһынан, ыксаллаах быһыы-майгы кэмигэр материальнай ресурсанан хааччыйарга тэрилтэ 21 мөлүйүөн солкуобайы бараабыта», — диэтэ.
Хампаанньа быраҥаатта балык ыаматын Бүлүү өрүскэ киллэрии уонна ону хаҥатыы үлэтин үбүлүүр санаалаах. Билигин Чернышевскайдааҕы балык собуотун кытта кэпсэтии барар турар. 2019 сылга ити хайысханы үбүлээһин икки төгүл үрдүөхтээх. «Бу сыалга 10 мөлүйүөн солкуобай көрүлүннэ, ол курдук 1,5 мөлүйүөн балык ыамаларын эбии киллэриэхпит. Бүлүү өрүскэ баар атын күндү балык ыаматын эмиэ эбэҕэ угар санаалаахпыт эрээри, чинчийэн көрүү уонна тустаах тэрилтэ сөбүлэҥэ наада», — диэн түмүктээтэ Игорь Соболев.
Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ», edersaas.ru