«Бүлүү» федеральнай суолун биир кэтэһиилээх-манаһыылаах Таас Үрэх – Верхнемарково хайысхатынан (Иркутскай уобалас) кыһыҥҥы суол быһа холоон ахсынньы 15 күнүгэр аһыллара күүтүллэр. Бу туһунан «Бүлүү» федеральнай суол управлениета иһитиннэрдэ.
Бу хайысханан кыһыҥҥы суолу оҥоруу үлэтэ номнуо сэтинньи 2 күнүттэн саҕаламмыт. Оттон Сунтаар, Ньурба, Миирнэй олохтоохторун Бүлүү өрүһэ долгутар. Муус турда даҕаны айан-сырыы саҕаланыахтаах. Ол эрээри суол официальнайдык аһылла илигинэ, «экстремал» суоппардар өрүһү туораабытынан бараллар.
Ахсынньы 1 күнүттэн Бүлүү умнаһын улуустарыгар, ол иһигэр Үөһээ Бүлүү – Хоро, Марха – Дьаархан, Ньурба – Күндээдэ, Устье – Сунтаар, Кириэстээх – Мирнэй туорааһыннарынан айан-сырыы олохтонуо. Быраабыла быһыытынан 3 – 4 тоннаҕа диэри ыйааһыннаах тиэхинньикэ 22 – 25 см халыҥнаах мууһунан айанныан сөп. Мантан чараас муус массыыналарга ордук сэрэхтээх буолар.
Күн-дьыл туругуттан графикка уларыйыылар киириэхтэрин сөбүн туһунан «Бүлүү» федеральнай суол управлениета иһитиннэрэр.
Анивера АКИМОВА.