Ааһан эрэ нэдиэлэ саҥата Сунтаар улууһугар Бүлүү өрүскэ кугастыҥы өҥнөөх тааҥ тахсыбытын көрөн, олохтоохтор дьиксиммиттэрин биллэрбиттэрэ. Ити эргин халлаан ичигэһинэн сибээстээн, итинник хабааннаах тааҥ бу күннэргэ аны Ньурба куоратын аннынан тахсыбыта билиннэ.
СӨ Экологияҕа министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, Сунтаар сэлиэнньэтин аттыттан өрүстэн ылыллыбыт уу боруобатын анаалыһа туга-ханныга биллибит. Ол курдук, анаалыстаммыт ууга минераллар суураллыылара аҕыйах уонна туус кэмпэниэннэрэ букатын кыра диэн быһаарыллыбыт. Тимир, алтан, марганец эмиэ нуорумаҕа эппиэттииллэр. Онон кугастыҥы өҥнөөх тааҥ айылҕаны кытта сыһыаннааҕын туһунан тустаах министиэристибэ иһитиннэрэр. Онон Бүлүү өрүһү атын хабааннаах бэссэстибэлэринэн киртитии тахсыбыт диэн уорбалааһын тохтоото.