Бүлүү педучилищетын 100 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтииргэ көҕүлүүр бөлөх тэрилиннэ

Ааптар: 
28.08.2021
Бөлөххө киир:

Эһиил, 2022 сыл атырдьах ыйын 22 күнүгэр, Бүлүү педучилищетын (кэлин кэллиэһин) 100 үбүлүөйдээх сыла бэлиэтэнэр.

Тоҕо чуолаан бу сылга уонна күҥҥэ Саха сирин биир кырдьаҕас ааттаах-суоллаах орто анал үөрэҕин кыһатын үбүлүөйэ бэлиэтэнэрий? Бу ыйытыыга хоруйу тобулаары устуоруйаны хасыһыахха.

Бүлүү педучилищетын устуоруйата 1922 сыл атырдьах ыйын 22 күнүттэн саҕаланар. Ол курдук, Саха сирин Наркомпроһун  кэллиэгийэтин ыйааҕынан Бүлүү куоратын 2-с сүһүөх оскуолата “Бүлүүтээҕи педагогическай хайысхалаах 2-с сүһүөх оскуолата” диэн ааттаммыт.

1926 сыл сэтинньи 26 күнүгэр Саха АССР Совнаркомун быһаарыытынан педагогическай техникум  буолбут. 1928 сыллаахха Саха АССР ЦИК Президиумун ыйааҕынан техникумҥа Николай Гаврилович Чернышевскай аата иҥэриллибит.

1937 сыл саҥатыгар РСФСРС педагогическай техникумнара бары педагогическай училищеларга уларытыллыбыттар. Бу сылтан ыла «Калинин, 30» уулуссаҕа аадырыстанан, Бүлүү педучилищетыгар өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар уонна нэһилиэктэригэр  төһөлөөх элбэх сурук төттөрү-таары  тиэстибитэ буолуой?

Сэбиэскэй кэмҥэ почта үчүгэйдик сылдьар буолан, училищеҕа үөрэнэр оҕолорго сүрүн сибээс сурук эрэ буоллаҕа. Ол суруктар төһөлөөх күндүлэрин билигин хоту-соҕуруу улуустарга тарҕанан олохсуйан олорор аастыйбыт баттаахтаах педагогическай үлэ бэтэрээннэриттэн саҕалаан, орто саастаах уопуттаах учууталларга тиийэ билэн эрдэхтэрэ.

2002 сыл балаҕан ыйыттан  педагогическай училище кэллиэс статустаммыт. Былырыын 2020 сылга СӨ Бырабыыталыстыбатын ыйааҕынан Н.Г.  Чернышевскай аатынан педагогическай кэллиэс уонна Бүлүүтээҕи техникум холбоһон, «Н.Г.  Чернышевскай аатынан профессиональнай-педагогическай кэллиэс» диэн саҥа тэрилтэ буолан үлэлиир.

100 сыл устата кэллиэс 12000 араас идэлээх педагогическай үлэһиттэри иитэн-үөрэтэн таһаарда. Кинилэр ортолоругар Социалистическай Үлэ Дьоруойдарыттан саҕалаан,  үөрэҕирии туйгуннарыгар тиийэ убаастанар учууталлар, араас бочуоттаах ааттаах суруналыыстар, суруйааччылар, министиэристибэлэр, биэдэмистибэлэр, хампаанньалар  уонна тэрилтэлэр салайааччыларын ааттарын киһи хас да чааһы быһа ааттыан сөп.

Атырдьах ыйын 27 күнүгэр, бээтинсэҕэ,  Бүлүү педучилищетын араас сылларга бүтэрбит дьон өрөспүүбүлүкэ биир баар суох кыһатын 100 сыллаах үбүлүөйүн тэрийиигэ үлэлэһэр анал көҕүлүүр бөлөҕү тэрийэр мунньахтара буолла.

Онно философскай наука доктора, профессор, СӨ Наукаларын академиятын академига Егор Махаров,  профессор, СӨ  норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ  Платон Тумусов, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, бэйиэт Вера Солдатова, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Святослав Григорьев, «Манчаары оонньууларын» төрүттээбит спорт бэтэрээнэ Афанасий Алексеев, 2015-2020 сылларга кэллиэс дириэктэринэн үлэлээбит, үөрэх министиэристибэтин лицензиялары биэрии салаатын салайааччыта Семен Иванов,  Н.Г. Чернышевскай аатынан профессиональнай-педагогическай кэллиэс дириэктэрэ Иван Алексеев,  «Арчы-Забота» хаһыат сүрүн эрэдээктэрэ Василий Мандаров уонна училищены араас сылларга бүтэрбит выпускниктар кыттыыны ыллылар. Мунньах кыттыылаахтара бу күн олохтон туораабыта 40 хонуга туолбут училищеҕа үөрэммит араас көлүөнэ выпускниктара ытыктыыр учууталлара Ульяна Федоровна Кондакова сырдык мөссүөнүн кэриэстээн аастылар.

Кэллиэс дириэктэрэ Иван Алексеев үөрэх кыһатын бүгүҥҥү олоҕун билиһиннэрдэ. Ол курдук, училище 8 отделениетыгар 900-тэн тахса устудьуон — күнүскү, 250 устудьуон кэтэхтэн үөрэнэр. Үөрэх кыһатыгар 215 педагог үлэлиир. Онтон — 3 педагогическай үлэ кандидата, 1 РФ үтүөлээх учуутала, 5 СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһиттэрэ, 16 РФ үөрэҕириитин Бочуоттаах үлэһиттэрэ, 60-тан тахса  СӨ үөрэҕириитин туйгуннара.

2022-2023 үөрэх сылыгар үөрэх кыһата үбүлүйдээх сылынан сибээстээн кэллиэс салатата б.дь. бэс ыйын 16 күнүгэр үөрэх миниистирэ Михаил Сивцев аатыгар үбүлүөйү  ыытыыга бырабыыталыстыба  кэмитиэтин тэрийэргэ этии киллэрэн сурук суруйбута.

Кэллиэс дириэктэрэ Иван Алексеевтан СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Вера Солдатова «педагогическай кэллиэс уонна Бүлүүтээҕи техникум холбоһуулара төһө көдьүүстээҕий уонна икки атын-атын хайысхалаах үөрэхтэр бэйэ-бэйэлэригэр мэһэйдэспэттэр дуо?» диэн ыйытта. Онуоха дириэктэр «педагогическай салааҕа үөрэнэр оҕолор үөрэхтэрин кэнниттэн массыына ыытар куурустарга холбуу үөрэнэллэр, араас оробуочай идэни баһылыырга дьулуһаллар, онон үөрэхтэрин олоххо бары өттүнэн бэлэмнээх эбии үөрэҕи ылан бүтэрииһилэр» диэн бэлиэтээтэ.

Көҕүлүүр бөлөх мунньаҕа, ааттаах-суоллаах улахан таһымнаах дьон мустубут тэрээһиннэрэ диэх курдук, бэрт дириҥ ис хоһоонноох, хоннохтоох буолла. Ол онтон, мин суруналыыс быһыытынан, сүрүнүн бэлиэтэммиппиттэн сырдатарга сананным.

Мунньах кыттыылаахтара бары кэриэтэ бэлиэтээбиттэринэн, бэлиэ тэрээһин эһиил өрөспүүбүлүкэ 100 сылыгар  түбэһиннэрэн, үгүс тэрээһин быыһыгар ыытылыннаҕына, суолтата сүтэн, үтүрүллэн хаалыан сөп. Кырдьык, оннук да курдук. Эһиил бэрт улахан өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрээһиннэр ыытыллаллара былааннаналлар. Аҥардас Үөһээ Бүлүү улууһугар ыытыллар үбүлүөйдээх Олоҥхо Ыһыаҕа да дьон болҕомтотун киинигэр киириэҕэ.

Онон көҕүлүүр бөлөх  дьүүллэһэн баран, үбүлүөйдээх үөрэх дьыла 2022-2023 сылларга түбэһэринэн сибээстээн, суолталаах тэрээһини 2023 сыл кулун тутар ыйга ыытыахха сөбүн бэлиэтээтилэр. Оччотугар Бүлүү педучилищетын бүтэрбит араас көлүөнэ дьон, саас кыһыҥҥы суол баарына, үөрэх каникулларыгар сөп түбэһиннэрэн, үбүлүөйдэрин киэҥник чаҕылхай эдэр саастара ааспыт Бүлүүлэригэр тиийэн, биир улахан бырааһынньык курдук бэлиэтиэ этилэр диэн түмүк санааҕа кэллилэр. Дьокуускай куоракка «Бүлүү педучилищетын үбүлүөйдээх күннэрэ» диэн тэрээһини ыытарга этии эмиэ киирдэ.

Үбүлүөйү бэлиэтииргэ өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымнаах тэрээһиннэри ыытыыга эмиэ үгүс этии киирдэ. Хас биирдии этиини мунньах кытааччылара болҕомтоҕо ылан, дьүүллэһэн, «илдьиритэн» ырыттылар. Ол курдук, философскай наука доктора, профессор, СӨ Наукаларын академиятын академига Егор Махаров Бүлүү педучилищета өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар сүҥкэн кылаатын киллэрбитин туһунан хайаан да научнай-практическай кэмпириэнсийэни ыытары наадалааҕынан аахта.

Кырдьык, олус сөптөөх этии. Саха сиригэр үөрэҕирии сайдарыгар сүҥкэн кылаатын киллэрбит Бүлүү педучилищетын кылаатын киэҥник арыйан, кэмпириэнсийэҕэ киирбит үлэлэри түмэн, улахан энциклопедическай кинигэ да таһаарыахха сөп. Кэнэҕэс устудьуоннарга олус туһалаах буолуо этэ.

Маныаха бэйэтин санаатын СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Святослав Григорьев «100 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир Бүлүүтээҕи педучилище суолтатын быһаарар редакционнай сэбиэт тэриллэн, училище преподавателэ, ытык киһи Ульяна Кондакова бэлэмнээн таһаарбыт икки ахтыы кинигэтин холбоон, учуонайдар санааларын киллэрэн, «фундаментальнай» дэнэр үйэлээх кинигэни бэлэмнээн таһаарыахха. Ол онно өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрийэр кэмитиэт өйөбүлүнэн анал бөлөх үлэлиэн наада» диэн санаатын эттэ.

Профессор, СӨ  норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ  Платон Тумусов педагогическай кэллиэс  статуһун уларытан, «институт буолар кэмэ кэллэ» диэн бэлиэтээһинэ бэрт улахан кэпсэтиини таһаарда. Академик Егор Махаров институт буоларга туох ирдэбил турарын, уопсай үөрэхтээһин кыһалара, оскуолалар учууталларынан хааччыллыылара хайдаҕын, каадырдарынан хааччыллыыга туох тирээн турар боппуруос  турарын барытын ырытан туруорсуохха диэн санаатын тиэртэ.

Кэллиэс дириэктэринэн үлэлээбит, билигин үөрэх министиэристибэтин эппиэттээх үлэһитэ Семен Иванов институт статуһун эрдэттэн туруорса сылдьыбыттарын туһунан иһитиннэрэн туран, институт буоларга, бастатан туран,  профессорскай-педагогическай састаап 30%-на истиэпэннэрдээх учуонай ааттаах-суоллаах буолуохтаахтарын ыйда. Онон бу боппуруоска дириэктэр бэйэтин кэмигэр үлэлэһэн, хас да преподаватель учуонай истиэпэнин көмүскээбиттэр. Маны таһынан, Семен Викторович туруорсубут боппуруостарын сүмэтин билиһиннэрэн туран, бу боппуруоһу быһаарсыыга үгүс сүбэни биэрдэ.

Ил Дархан итэҕэллээх киһитэ, уопсастыбаннай сүбэһитэ, Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, спорт бэтэрээнэ Афанасий Алексеев Бүлүү педучилищетын 100 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтииргэ көҕүлүүр бөлөх бириэмэни ыыппакка, күнү-дьылы баттаһан, бу күннэргэ туруорсар боппуруостары чопчулаан, сааһылаан, тустаах инстанцияларынан сылдьан туруорсарга этии киллэрбитин, мунньах кыттааччылара  биир санаанан ылыннылар.

Онон Бүлүү педучилищетын бүтэрбит өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар тарҕанан олорор дьон, эдэр сааскытыгар олох киэҥ  аартыгар сирдээн киллэрбит үөрэммит кыһаҕыт  100 сыллаах үбүлүөйүн көрсөргө бэлэмнэниҥ, куурустарынан ахтыы кинигэлэргитин таһаарыҥ, тапталлаах училищеҕытын үйэтитиҥ. Бүлүү педучилищетын 100 сыллаах үбүлүөйүн көҕүлүүр уопсастыбанньыктар батсаапка анал бөлөх тэриннилэр. Онно кэллиэс дириэктэрэ Иван Алексеев бэлиэтээбитинэн, Емельян Ярославскай аатынан мусуой дириэктэрэ Николай Бугаевы кытта кэллиэс салалтата быйыл Учуутал күнүттэн саҕалаан, өрөспүүблүкэтээҕи түмэлгэ  выпуһунан чулуу выпускниктар айымньылаах олохторун сырдатарга саала аныырга  анал Сөбүлэҥҥэ илии баттастылар. Онон быйылгы сылтан мусуойга үбүлүөйдээх 2022-2023 үөрэх дьылыгар диэри выпустар бүтэрбит сылларынан  Бүлүү педучилищетын выпускниктарын туһунан матырыйааллары билсиэхпит. Бу иһитиннэриини выпускниктар эмиэ болҕомтоҕо ылыахтара диэн эрэнэбит.

Өрөспүүбүлүкэҕэ тарбахха баттанар кырдьаҕас үөрэх кыһата — Бүлүүтээҕи педучилище  100 сылын бэлиэтииргэ тэриллибит көҕүлүүр бөлөх үлэтин суруналыыстар салгыы билиһиннэрэн иһиэхпит.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: Бүлүүтээҕи педкэллиэс саайтыттан уонна ааптар түһэриитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0