Бүлүү, Марха уонна Алдан өрүстэринэн суол ахсынньыга арыллыаҕа

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бүлүү, Марха уонна Алдан өрүстэринэн кыһыҥҥы суол ахсынньыга арыллара былааннанар диэн СӨ Тырааныспарга министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

Быһа холоон ахсынньы 1 күнүттэн 4 туоннаҕа диэри уйуктаах массыыналар Марха уонна Бүлүү өрүстэри (А-331 «Бүлүү» 660-с км (Үөһээ Бүлүү с.), 752 км (с. Дьаархаан), 807 км (Күндээдэ), 956-с км (Устье с.) уонна 1049-с км (Кириэстээх с.) туоруохтарын сөп.

Оттон Алдан өрүһүнэн «Хаандыга-Мэҥэ Алдан» суол ахсынньы 14 күнүттэн бэлэм буолуоҕа.

Бүгүҥҥү күҥҥэ суол оҥорооччулар өрүскэ киириини оҥороллор, нэдиэлэ аайы муус халыҥын бэрэбиэркэлииллэр, суол бэлиэлэрин туруорбуттара.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0