Бүлүү мүөтэ бренд буоларын туһугар

Ааптар: 
30.11.2017
Бөлөххө киир:

Бүлүү улууһун Чинэкэ олохтооҕо Мария Орлосова бэйэ дьыалатын быйылгыттан ыла тэриммит. edersaas.ru

Тигээйини ииттиэн уруккуттан баҕарар эбит. Дьолго, кини санаата быйыл туолбут. Бүлүүгэ Татарстан Өрөспүүбүлүкэтиттэн кэлэн профессор Валентин Шилов тигээйини иитиэн баҕалаах дьоҥҥо анал үөрэх тэрийбит.

Практическай уонна теоретическай кууруһу 19 киһи ааспытыттан саамай баҕаран туран үөрэммит мин хаалан, бу дьыалаҕа анаан таттаран, иитэ сылдьабын. Мин биэс оҕолоохпун. Ол иһин оҕолорум доруобуйаларыгар улахан болҕомтобун уурабын, — диэн кэпсиир эдэр ийэ.

Мария Саввична Валентин Шиловка үөрэнэн, салгыы суруйсан баран, тигээйи ииттээри анаан сакаастаабыт. Сонно тута “пчелопакет” диэн анал 7 контейнеры ыыппыттар.

“Тымныы ампаарга туран тигээйилэр 50-60 кыраадыс тымныыны хайдах тулуйалларый?” — диэн интэриэһиргээбиппэр, Мария маннык быһаарар:

Былырыын Арбугаевтар базаларыгар Чочур Мырааҥҥа тигээйилэри Саха сирин усулуобуйатыгар кыстатарга анаан эксперимент оҥорбуттара. Онно “Карпатка” уонна “Среднерусскай” диэн тигээйи көрүҥнэрин боруобалаан тоҥорон көрбүттэр. Ол түмүгэр “Среднерусскай” дэнэр тигээйи улахан тымныыны тулуйбут. Бу тигээйи олус кырыктаах эбит. Бэйэтин уйатыгар кими да чугаһаппат, халыҥ да таҥас нөҥүө ыарыылаахтык тигиэн сөп үһү.

Мария Орлосова ампаарыгар быйыл 5 ийэ тигээйини анал контейнерга кыстатан туруорар. Предприниматель тигээйилэрин сэтинньи саҥатыгар ампаарыгар киллэрэн баран, кулун тутарга диэри кинилэр ууларын уйгурдубат гына аанын “лип” гына хатаан кэбиһэр. Биһиги сылдьар кэммитигэр ампаарын аанын хатыы илигэ. Ол иһин сибигинэйэн кэпсэтэргэ күһэллибиппит. Киһи саҥатын иһиттэхтэринэ, айманан, бэйэ-бэйэлэрин кытта “иирсэн”, аны кыстыыр мүөттэрин сиэн бараллар эбит.

Ампаарга кыһалҕаттан кыстатабын. Дьиҥэр анал кыстатар туспа дьиэ баар буолуохтаах этэ. Чэ, ол ону граҥҥа киирсэн кыайдахпына, анаан дьаһаныам. Ититэр гына оһохтуом, электричество уотун киллэриэм, — диэн былаанын кытта үллэстэр элбэх оҕолоох ийэ. Аны саас Мария Орлосова “Саҥа саҕалаан эрэр фермер” граныгар кыттар баҕалаах. Оччотугар 50-60 ийэ тигээйини ииттэн, бу дьыалатын кэҥэтэр соруктаах. Предприниматель тигээйилэрин таһаарыан иннинэ чох ыһан, от тэлгээн, сайылатар сирин эрдэттэн бэлэмниир. “Ол оннук анал быраабылалаах дуо?” – диэн ыйыппыппар Мария:

Тигээйилэр сайылыыр сирдэрин үөрэтэн, кыстыыр сирдэриттэн тахсаат, көппүтүнэн бараллар. Оннооҕор бастакы үнүгэстэн кытта мүөт ылаллар эбит, — диэн кэпсиир. Мария дьиэтигэр киирэн, тигээйилэрин быйылгы “үлэлэрин” амсаппыта – үйэбэр амсайбатах аһым буолан биэрдэ. Бэйэ оҥорон  таһаарар бородууксуйата олох чыҥха эбит!

Өссө тэнитэр кыах баар

Мария Орлосова тигээйини саҥа ииттэн эрэр буоллаҕына, Бөтүҥ олохтооҕо Раиса Петрова бу олус туһалаах дьыаланан дьарыктаммыта номнуо 3-с сыла. Онон уопуттаах киһи диэх курдук, тигээйилэрин харайар дьиэтэ-уота тупсаҕайа дьикти!

“Хантан истэн тигээйи иитэргэ санаммыккыный?” – диэн ыйыппыппар Раиса Николаевна маннык кэпсээтэ:

— Тигээйи ииттиэхпин уруккуттан баҕарарар этим да, быраабылатын билбэт буоллаҕым. Хата биир күн батсаапка: “Тыа хаһаайыстыбатын академиятыгар тигээйи ииттиэн баҕалаах дьоҥҥо куурус ыытабыт”  диэн биллэриини ааҕан баран, анаан үөрэнэ диэн Дьокуускай  туһаайыытын тутуспутум.Онно 4 күн үөрэнэн, сертификат ылбытым. Онтон Өктөмнөөҕү агрооскуолаҕа кууруска үөрэммитим. Кинилэр нөҥүө 5 ийэ тигээйини сакаастаабытым. Биир ийэҕэ 5-7 тыһ. тигээйи киирэр. Сотору буолан баран, биир ийэ икки ийэҕэ арахсар. Оччоҕуна тигээйи ахсаана аҕыйыыр. Ону кытта биэрэр аһа да кыччыыр. Тигээйилэр бары кыахтарын бэйэлэрин күүстэрин бөҕөргүтэнэргэ уураллар. Төһө мүөтү таһаараллара күнтэн-дьылтан наһаа тутулуктаах. Ардахтаах дьылга мүөт нэһиилэ хомуллар. Куйаас күҥҥэ, дьэ, элбэх мүөт кэлэр. Ол кэмҥэ тигээйи мүөт угар арааматын 3-4 см үлүннэрэр. Биир ийэ 12 арааманы толорор. Тигээйи айылҕаны харыстыыр аналлаах: үүнээйини бууһатар, тупсарар, үүннэрэр.

Раиса Николаевна тигээйилэрин пасекатын дьиэтин таһыгар уонна Буукаан алааска туруорар. Көрүүгэ-истиигэ наадыйар буолан, тигээйи иитиитэ наһаа үлэлээх эбит. Раиса Петрова тигээйилэрин үөн-көйүүр сыстыбатын диэн мэлдьи көрө-истэ сылдьар. Ол курдук, кымырдаҕас, кутуйах, чыычаах – тигээйи уйатын саамай өстөөхтөрө. Тигээйилэрин кыстатарыгар анаан Раиса Николаевна кыһыҥҥы дьоҕус дьиэни туттарбыт. Онно кини 7 контейнер тигээйини кыстатар. — 10 кыраадыска тиийэ ититэр. Саас тигээйилэрин саахарынан сироп оҥорон эбии аһатар.

Үчүгэйэ диэн мүөт сытыйбат. Холодильникка туруорар буоллахпына атын ас амтана, сыта иҥмэтин диэн мүөт кутуллубут иһитин хас да хос суулаан уурабын. Мүөтү сиир киһи минньигэскэ олох кыһаммат буолар эбит.  Чэйи кытта саахар оннугар сии сылдьаҕын, — диэн санаатын үллэстэр Раиса Николаевна.

Кэлиҥҥи сылларга Саха сирин бары улуутарыгар тигээйини анаан ииттэн, доруобуйаҕа олус туһалаах мүөтү ылар буолбуттара олус кэрэхсэбиллээх. Сотору кэминэн аны Дьокуускай, Нам, Амма, Хаҥалас, Бүлүү мүөтэ диэн бренд быһыытынан биллэр бэйэ бородууксуйата элбииригэр толору эрэл баар. Ол туоһутунан бүлүүлэр мүөтү оҥорон таһаарыыга олохтоохтук ылсыылара буолар.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0