Бүлүү куорат поэт Михаил Тимофеев аатынан уулуссаланна

15.03.2017
Бөлөххө киир:

Саха норуодунай поэта, өрөспүүбүлүкэ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөй ырыатын ааптардарыттан биирдэстэрэ, үлэ-тыыл бэтэрээнэ Михаил Тимофеев бүгүн, кулун тутар 15 күнүгэр, төрөөбүтэ 85 сылын туолла.


Кини Бүлүү оройуонун Модут нэһилиэгэр дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Аҕата Елисей Тимофеевич Тимофеев, ийэтэ Мария Ивановна Каратаева булдунан-балыгынан ииттинэн, биэс оҕону атахтарыгар туруорбуттара. Модукка оскуола суох буолан, үс көстөөх Дьооху 6 кылаастаах оскуолатыгар 1940-1941 сс. үөрэх дьылыгар үөрэнэ киирбитэ. «Биһиги, Модут оҕолоро, нэдиэлэ устата аһыыр аспытын илдьэ барарбыт. Сорохпут билэр ыалларыгар кэпсэтэн, сорохпут оскуола иччитэх турар уопсай дьиэтигэр олорон үөрэнэрбит. Аспыт үөлүллүбүт мунду, сулуллубут биир эмит куобах, аҕыйах быһыы лэппиэскэ эбэтэр хааһы бурдуга буолара. Кыһын ол да аспыт баранара. Дьоммут лыыба, хохту, барча, муҥха собото хаһаастаах буоллахтарына үөрэнэрбит...» — диэн ол ыар сыллары ахтыбыта баар.

Сэрии саҕаланан, Дьооху оскуолата түөрт кылаастаах начаалынай оскуола буолбута. Михаил бастакы кылаас кэнниттэн салгыы үөрэнэр кыаҕа суох буолан тохтоон, сэрии бастакы сылларыгар Сталин аатынан холкуоска кыһынын үүт ферматыгар, сайынын от, бурдук хомууругар үлэлээбитэ. Оскуолатын 1943-1944 сс. үөрэх дьылыгар салгыыр кыахтаммыта. Дьооху начаалынай оскуолатын 1946 с. бүтэрэн, уонтан тахса көстөөх Балаҕаччы сэттэ кылаастаах оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. Иккис дьылыгар үөрэнэ тиийбитин интэринээккэ ылбаккалар, Бүлүү куоракка барарга күһэллибитэ. Милииссийэҕэ үлэлиир убайыгар Христофорга олорон үөрэнэн истэҕинэ, аны убайын ыраах Анаабырга ыытаннар, олорор сирэ суох буолан, эмиэ үөрэҕин быраҕар куттал тирээбитэ. Хата, кини дьолугар, кылааһын салайааччыта В.С.Заровняева оскуола дириэктэригэр “үчүгэй үөрэнээччим, хайаан да үөрэниэхтээх” диэн туруорсан, интэринээттэн паектанар буолбута. Алтыс кылааһы бүтэрээт, оройуон араадьыйатыгар дикторынан киирбитэ уонна оскуоланы бүтэриэр диэри үлэлээбитэ.

Оскуолатааҕы ол сылларын туһунан поэт «Билэр дьонум» диэн кинигэтигэр маннык суруйар: «… Кылааһым салайааччыта, кэлин биллиилээх языковед-славянист буолбут Вера Семеновна Заровняева биирдэ паарталар быыстарынан хаама сылдьан, мин хоһоон суруйа олорор кумааҕыбын «тутан ылбыта». Ол хоһоонум сотору оскуолабыт бырааһынньыктааҕы хаһыатыгар дьэргэйэн тахсыбыта!.. Дьиктитэ диэн баара, миигин биир да оҕо хоһоонньут, «бэйиэт» эҥин диэн күлбэтэҕэ. Учууталларым аны, ордук саха тылын учуутала Лариса Ксенофонтовна Сивцева, кэнсиэртэргэ, куорат кулуубугар тиийэ, хоһоон аахтарар үгэстэммиттэрэ».

Икки ый аармыйаҕа сулууспалаан, үс ый Иркутскай байыаннай балыыһатыгар эмтэнэн, онтон сулууспаттан сыыйыллан кэлэн, орто үөрэҕи Бүлүүгэ бүтэрбитэ. 1953 с. Дьокуускайга пединститут историко-филологическай факультетыгар үөрэнэ киирбитэ. Устудьуоннуур сылларыгар «Сэргэлээх уоттара» литературнай түмсүүгэ дьарыктаммыта. Эдэр дьон бэйэлэрин айымньыларын, хоһооннорун ырытыһаллара. Ити кэмтэн бэчээттэнэн барар. Ол курдук, 1957 с. «Эдэр коммунист» хаһыакка Михаил Тимофеев П.А.Ойуунускайга анаммыт «Хагдарыйбат харыйа» диэн хоһооно бэчээттэнэр.

Бу кэмҥэ Александра Константиновна Крылованы көрсөн, олохторун холбууллар. Улахан уоллара Айаал Михайлович физика-математика билимин дуоктара, ХИФУ физика-техника институтун теплофизика уонна теплоэнергетика кафедратыгар профессора. Иккис уол Максим Михайлович идэтинэн быраас, Дьокуускай куораттааҕы оҕо клиническэй балыыһатын реаниматолог-анестезиолога. Кыыстара Айина Михайловна С.Ф.Гоголев аатынан педколледжка өр сыл үлэлээн баран, бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор.

М.Тимофеев 1959 с. үөрэҕин бүтэрэн, Уус Алдаҥҥа Түүлээх 7 кылаастаах оскуолатыгар история учууталынан анаммыта. Эһиилигэр Дьокуускайга араадьыйа кэмитиэтигэр литературнай-драматическай биэрии эрэдээктэринэн үлэлии киирбитэ. 1961 с. кинигэ кыһатыгар маҥнай ыстаарсай эрэдээктэринэн, кэлин уус-уран литература сэбиэдиссэйинэн 1975 с. доруобуйатын туругунан биэнсийэҕэ тахсыар диэри үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ.

«Маҥнайгы хаар» диэн бастакы хоһооннорун хомуурунньуга 1960 с. тахсыбытыгар кинини «литератураҕа истиҥ иэйиилэээх лирик-поэт киирдэ» диэн сыаналаабыттара. 1963 сыл ыам ыйын 7 күнүгэр Москваҕа буолбут Бүтүн Сойуустааҕы эдэр суруйааччылар төрдүс сүбэ мунньахтарыгар Саха сириттэн соҕотоҕун кыттыбыта. Онно «Советский писатель» издательствоҕа хоһооннорун кинигэтин таһаарарга мэктиэлээбиттэрэ. Михаил Тимофеев 1964 с. ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ буолбута. Нууччалыы тылбаастанан, «Огонек», «Дружба народов», «Октябрь», «Сибирские огни» курдук киин сурунаалларга бэчээттэммитэ. Михаил Тимофеев 1968 сылтан эдэр поэттары өйүүр «Чэчир» диэн кассета олохтоммутугар эрэдээктэринэн анаабыттара. Кини — аҥаардас хоһоон эрэ буолбакка, сэһэн, очерка, публицистика, ыстатыйалар кинигэлэрин ааптардара. Ону тэҥэ, талааннаах тылбаасчыт, араас омук аатырар поэттарын сахалыы саҥардыбыта.

П.Н.Харитонов-Ойуку «Саха поэзиятын кыталыга» диэн ыстатыйатыгар: «Михаил Тимофеев – лирик поэт. Инньэ дии санаатахпына, кини баараҕай поэзиятын ситэтэ суох курдук көрөбүн. Поэт литература араас жанрдарыгар айыталаабыт публицистическай хоһоонноро, музыкальнай композициялара, маассабай ырыалара, фельетоннара, оҕолорго аналлаах айымньылара, хоһоонунан сэһэнэ, поэмалара, кэпсээннэрэ, сэһэннэрэ, ырыалара, тылбаастара киһи ааҕан сиппэт элбэх», — диэн суруйар уонна … «Хайа да жанрга, ханнык баҕарар кээмэйдээх айымньытыгар тыл маастара буолара көстө сылдьар. Кини лирическэй айымньы ис кыаҕын толору туһаммыт, саха поэзиятыгар ону байытыспыт поэт» диэн сыана быһар.

Опера уонна балет тыйаатырыгар Михаил Тимофеев 80 сааһын туоларыгар аналлаах кэнсиэр режиссера Саргылаана Адамова Михаил Елисеевиһи ирбэт тоҥ буортан үүнэн тахсыбыт киил маска холообута. Михаил Елисеевич быраатын кыыһа Аида Константиновна уонна мин, эдьиийин кыыһа, буоламмыт аатырбыт снайпер Д.А.Гуляев туһунан «Бастакы снайпер» диэн докумуонунан сэһэнэ 40 сыл кэнниттэн иккиһин 2011 с. тахсарыгар уонна 2012 с. 80 сааһыгар икки тахсыбатах кинигэтэ бэчээттэнэригэр илии-атах буолан көмөлөспүппүт. Бүлүү улууһун дьаһалтата (баһылык С.Н.Винокуров) өйөөн, Бүлүү куоракка Михаил Тимофеев аатынан уулусса баар буолла. Саха норуодунай поэтын аатын үйэтитиигэ үлэлэспит уонна үлэлэһэ сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар М.Е.Тимофеев дьиэ кэргэнин уонна аймахтарын ааттарыттан махталбытын тиэрдэбит.

Регина ТИМОФЕЕВА, Дьокуускай.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0