Балаҕан ыйын 21-23 күннэригэр «Сайсары» Бааһынай ырыынагар «Ас-үөл — 2018» быыстапка-дьаарбаҥка буолан ааста. Бу кэм устата анаабыт курдук чаҕылхай күннэр турдулар. Ырыынак тиэргэнин иһинээҕи эт эрээттэриттэн саҕалаан суолу икки өттүнэн сэлэлээн, Хомсомуол болуоссатын биир эҥээрин толору хаһаайыстыбалар бородууксуйаларын тардан кэбистилэр, хаппыыстаны, хортуоппуйу, атын да оҕуруот аһын хайа курдук кыстаатылар. Көрдөрүүгэ аҕалбыт бородууксуйаларын улуустарынан наардааннар, Хомсомуол болуоссатын иилии балаакка-павильоннарга туруордулар. Көрөөччү да, атыылаһааччы да кэмэ суох буолла.
edersaas.ru.
Амуртан тиийэ кэлбиттэр
Быйылгы быыстапка-дьаарбаҥка сүүрбэһис төгүлүн ыытыллар. Сылын ахсын кыттааччы ахсаана элбээн иһэрэ үөрдэр. Мэлдьи кыттар илин эҥээр, киин, Бүлүү эргин улуустар хаһаайыстыбаларын сэргэ ыраах хотугу улуустар хаһаайыстыбалара кэлбиттэр.
Өрөспүүбүлүкэ таһыттан эмиэ бааллар. Ол курдук, Амур уобалаһыттан “Долинскай” биирдэм тэрилтэ ыыһаммыт, тууһаммыт көтөр уонна сибиинньэ этин, Новосибирскайтан «Спартак-Агро» хампаанньа сүөһүнү чиптиир тэриллэри аҕалбыттар. Итинэн быыстапка-дьаарбаҥка эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы таһымҥа тахсан эрэр чинчилэммит.
Аллайыаха сибиэһэй балыгар халыҥ уочарат
Ас да, таҥас да
Туох суоҕуй? Өрүс эҥэрдээхтэр оҕуруот аһа, алаас сирдээхтэр үрүҥ ас, арыы, отон, эт, Аллайыаха, Булуҥ, Эдьигээн, Кэбээйи сибиэһэй балык, Нерюнгри көтөр этэ, Алдан, Томпо таба тыһын, этэрбэс уонна араас түүлээх таҥас арааһын аҕалбыттар. Бөдөҥ хаһаайыстыбалары сэргэ бааһынай хаһаайыстыбалар, биирдиилээн ыаллар бааллар. Амма улууһун Болугурутт Саввиннар дьиэ кэргэннэрэ эттэн 80 суол бүлүүдэни, оҕуруот аһыттан 50 көрүҥ кэнсиэрбэни астаан аҕалбыттар.
Бородууксуйа көрүҥэ үксээн, байытыллан, суута-хаата тупсарыллан иһэрэ харахха быраҕыллар. “Дьокуускайдааҕы килиэп кэмбинээтэ” 250 суол бурдук аһы астаабыт! «Тымныы полюһа» ТХПК (Дьааҥы) убаһа этин ыыһаан, таба төбөтүттэн салтиссон оҥорон, Нерюнгритааҕы көтөр фабриката бройлер бородууксуйатын, «Бөртө» кэпэрэтиип (Хаҥалас) эт ас арааһын аҕалбыттар, аҕыйах сыллааҕыта тэриллибит «Үрдэл» кэпэрэтиип гриль халбаһыыны «сүрэхтээтэ». Сыыры оҥорууга өлүөхүмэлэр наар аатырар буоллахтарына, илин эҥээр улуустар бу аһы балачча баһылаабыттарын көрдөрдүлэр. Ыҥырыаны иитэн мүөт сүүрдэр, кучуну уонна эмтээх оттору хомуйан чэйи оҥорор хаһаайыстыбалар дьон болҕомтотун бэркэ тартылар.
Агро-оскуолалар үүннэрбит оҕуруоттарын аһын уонна экзотическай үүнээйилэрин толору тартылар
Саҥа технология тыа сиригэр хардыылыыр
«Таба» хампаанньа таба өҥүргэс муоһуттан, хааныттан оҥорор косметикатын, битэмииннээх эбииликтэрин, «Саха сирин түүлээҕэ» фирма этэрбэстэрин, бэргэһэлэрин сэҥээрээччи элбэх буолла. «МТЗ» тыраахтартан саҕалаан Кытай дьоҕус тыраахтардарыгар уонна кинилэргэ холбонор тиэхиникэни аҕалар «Сельхозтехника» уонна «ВостокевроТехника» ХЭУо-лар болуоссат биир эҥээрин сабардаатылар. Суортары чинчийэр ситим Саха сиригэр үүннэриллэр хортуоппуй суортарын, Агрохимическэй тэрилтэ почваны чинчийии анаалыстарын, ходуһа сирин тупсарыы, күрүөнү тутуу докумуоннарын тустарынан кэпсээтилэр.
Үс күннээх дьаһал атыынан эрэ муҥурдаммата. Киин подиумҥа быыстапка-дьаарбаҥка кыттыылаахтарын, эстрада артыыстарын кэнсиэртэрэ буолла, араадьыйа-хаһыат үлэлээтэ. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр балаҕан ыйын 21 күнүгэр «Эт хайысхалаах сүөһүнү иитии кэскилэ», балаҕан ыйын 22 күнүгэр оттооһун түмүгүн таһаарыыга, кыстыкка бэлэмнэниигэ анаммыт сүбэ мунньахтар ыытылыннылар.
Чулуулар салаанан быһаарылыннылар
Астыыр-таҥастыыр салааҕа бурдук аска «Дьокуускайааҕы килиэп комбината» ААУо (ген. дир. Светлана Кынакытова), үрүҥ аска “Хаҥалас-Ас“ ТХПК (Валентин Иванов), аһытыллыбыт үүт аска «Сыа Бүлүү» ТХПК (Алексей Кондратьев), арыыга «Амма» ТХПК (Айысен Черноградскай), сырга «Өлүөхүмэ кыладабыайа» ХЭУо (Николай Ефимов-Владимиров), эт аска «Үрдэл» ТХПК (Том Макаров), халбаһыыга «Түмэн» ТХПК (Айаал Макаров, Дьокуускай к.), итирдибэт утахтарга уонна ыраас ууга «Амма» ТХПК, балык аска «Туймаада-Агроснаб» ААУо (Павел Чириков), сир аһын бородууксуйатыгар «Хаҥалас-Ас», мүөккэ “Солдатова” биирдэм тэрилтэ (Лариса Солдатова), сымыыкка «Дьокуускайдааҕы көтөрү иитэр фабрика» ААУо (Наталья Дягилева) бастыҥынан ааттаннылар. «Саха сирин бүлүүдэлэрэ» куонкуруска «Саха сирин бастыҥ бүлүүдэтэ» номинация хаһаайынынан «Дыгын Дархан» уопсастыбаннай аһылык сулууспата» ГУТ, «Хамаанданы билиһиннэриигэ бастыҥынан «Махтал» ресторан, «Бастыҥ киэргэтии» номинацияҕа чулуунан «Сладкие мечты» кондитерскай фабрика ааттаннылар. «Сиртэн үүнээйини ылыы» салаатыгар «Күһүҥҥү фантазия» номинациянан Дмитрий Илларионов (Уус Алдан), «Күһүн көмүһэ» номинацияҕа Розалия Петрова (Хаҥалас) бааһынай хаһаайыстыбалара, «Бастыҥ агро-оскуола» номинациянан Абаҕа агро-оскуолата (дир. Людмила Александрова, Амма) бэлиэтэннилэр.
Улуустарга Амма улууһа (баһылык Николай Архипов), астыыр-таҥастыыр салааҕа «Чурапчы» кэпэрэтиип (сал. Николай Аржаков), сиртэн үүнээйини ылыыга «Тумул» кэпэрэтиип (сал. Таисия Десяткина) Гран-при хаһаайынынан буоллулар!
20-с үбүлүөйдээх быыстапка-дьаарбаҥкаҕа 23 улуустан 153 араас киэптээх хаһаайыстыба, 22 агро-оскуола кытынна, 600 араас көрүҥ ас-үөл аҕалылынна. 3 күн устата 40 тыһ. киһи сырытта, 80 мөл. солк. суумалаах ас-үөл батарылынна.
Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» edersaas.ru.