Бүлүүгэ элбэх кыбартыыралаах дьиэ тиэргэнигэр түөрт саастаах оҕоҕо ыттар саба түстүлэр. Бүлүү улууһунааҕы Биир кэлим диспетчерскэй сулууспа СИА-ҕа иһитиннэрбитинэн, быһылаан бэҕэһээ, от ыйын 22 күнүгэр, буолбут.
«Оҕо хирургияҕа киирдэ. Бу буолбут быһылаанынан Бүлүү дьаһалтата уонна полицията дьарыктанар», — диэн сулууспа иһитиннэрэр.
Ыттар кыысчаан көхсүтүн уонна удьуҥаҕын ытырбыттар, ону тикпиттэр. Саба түһүүнү дьиэ олохтоохторо түбэһэ көрөннөр быыһаабыттар.
Быһылааны борокуратуура бэрэбиэркэлиир.
Социальнай ситимнэргэ суруйалларынан, Бүлүүгэ бэйдиэ сылдьар ыттар олус элбээбиттэр.
СИА.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1