Бүлүүгэ суукка иһигэр 4 ойуур баһаара эбилиннэ

Бөлөххө киир:

Бүлүү улууһугар күүстээх тыал түһэн уонна уһуннук ардаабакка, биир суукка иһигэр түөрт сиринэн ойуур баһаар турда. Бүгүҥҥү туругунан, улууска 15,8 тыһ. га иэннээх сир умайар.

Тыҥааһыннаах балаһыанньа үөскээн, Үөһээ Бүлүү, Ньурба, Сунтаар, Мирнэй улуустарыттан десантник-баһаарынайдар, парашютист-баһаарынайдар көмөҕө кэллилэр. Уопсайа, баһаары умулларыыга «Авиалесоохрана» 111 исписэлииһэ, «Якутлесресурс» 42 баһаарынайа, баһаарынай сулууспа 4 үлэһитэ уонна 85 олохтоох киһи үлэлиир.

От ыйын 21 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ 18462,7 га иэннээх сир умайар. Уопсайа, 17 ойуур баһаара бэлиэтэннэ.

Хаартыска: интэриниэттэн.

Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0