Бүгүн Бүлүүгэ Өрөспүүбүлүкэтээҕи ХI Олоҥхо ыһыаҕа үөрүүлээхтик аһылынна.
Олоҥхо ыһыаҕа бэс ыйын 28-29 күннэригэр Хомустаах түөлбэҕэ ыытыллар. Ол эрээри, ыһыах тэрээһиннэрэ хайыы-үйэҕэ хас да хонук анараа өттүгэр саҕаламмыттара. Ол туһунан биһиэхэ Олоҥхо ыһыаҕын бэлэмнээн ыытыыга Өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрийэр кэмитиэт чилиэнэ Николай Макаров билиһиннэрдэ.
Татьяна Маркова, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru/
Николай Макаров, СӨ култууратын, духуобунай сайдыытын миниистирин солбуйааччы, ХI Олоҥхо ыһыаҕын сүрүн тэрийээччилэриттэн биирдэстэрэ:
—Бүлүүгэ Олоҥхо ыһыаҕын аан бастакы тэрээһининэн бэс ыйын 26 күнүгэр киэһэ 8 чаастан саҕаламмыт “Уустар түһүлгэлэрин” үөрүүлээхтик аһыы буолла. Ол кэнниттэн киэһэ 9 чаастан Бүлүүтээҕи Олоҥхо дьиэтигэр олоҥхону истии саҕаланна. Манна биир интэриэһинэйэ баар — өрөспүүбүлүкэ салайааччыларын күргүөмүнэн олоҥхону толорууларын истии тэрилиннэ. Ол курдук,манна кыттыыны ыллылар Сунтаар, Таатта, Бүлүү улуустарын бэрэстэбиитэллэрэ, Бүлүү улууһун “Олох суола” хаһыатын сүрүн эрэдээктэрэ Василий Мандаров, СӨ “Олоҥхо” Ассоциациятын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Февронья Шишигина, онтон да атыттар.
Бу күн СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Алексей Дьячковскай Тэрийэр кэмитиэт түмүктүүр мунньаҕын ыытта, кэккэ боппуруостары быһаарда.
Олоҥхо ыһыаҕын эбийиэктэрин барытын хамыыһыйа тутта.
Бэҕэһээ, бэс ыйын 27 күнүгэр сарсыардаттан өссө биир интэриэһинэй тэрээһин буолла, ол курдук, Бүлүү сүнньүн 5 улууһуттан төрүттээх талааннаах дьон быыстапкалара аһылынна. Ол курдук, муосчут Константин Мамонтов, худуоһунньук Лена Гоголева, уустар Александр Гоголев, Александр Манжурьев айар үлэлэрин быыстапкалаатылар итиэннэ саха норуодунай худуоһунньуга Тимофей Степанов олоҥхо тиэмэтигэр үйэлээх хартыыналара дьон-сэргэ көрүүтүгэр туруорулуннулар.
Оттон күнүс 2 чаастан Олоҥхо ыһыаҕар ананан тахсыбыт саҥа 10 кинигэни итиэннэ композитор Марк Жирков үбүлүөйдээх сылыгар анаммыт 3 саҥа тахсыбыт кинигэни билиһиннэриигэ, ырытыһыыга, кэпсэтиһиигэ аналлаах кэмпириэнсийэ буолла.
Маны таһынан, киэһэ 6 чаастан Олоҥхо дьиэтин тиэргэнигэр Бүлүү аатырбыт олоҥхоһута Баһылай Каратаевка өйдөбүнньүк туруорулунна.
Татьяна Маркова.