Бүлүүгэ икки оҕо уокка былдьанна

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бүлүү улууһун Лөкөчөөн сэлиэнньэтигэр алдьархай буолла — икки оҕо баһаарга суорума суолланна. 

edersaas.ru

Баһаар буолбутун туһунан иһитиннэрии быраабы араҥаччылыыр уорганнарга ахсынньы 25 күнүгэр, киэһэ 21.00 чаас саҕана, киирбит.

Барыллаан быһаарыынан, киэһэ 20.00 чаас саҕана 4 саастаах кыыс уонна 1,5 саастаах уол оҕо дьиэлэригэр бэйэлэрэ эрэ хаалбыттар. Ийэлэрэ баран баран, 10 мүнүүтэнэн кэлэн, хойуу буруоттан сылтаан, оҕолоро дьиэҕэ ханан баалларын кыайан быһаарбатах.

Билигин да оҕолор өлүктэрин көрдөөһүн үлэтэ барар…

РФ Силиэстийэлиир кэмитиэтин Саха сиринээҕи управлениета иһитиннэрбитинэн, бу чахчынан «Сэрэҕэ суохтан икки киһини өлүүгэ тиэрдии» ыстатыйанан холуобунай дьыала тэриллибит.

Санатар буоллахха, маннык иэдээн бу дьыл сэтинньи 20 күнүгэр Дьокуускай куоракка эмиэ тахсыбыта: Каландаришвили уулуссатыгар турар биэс этээстээх дьиэҕэ баһаар туран, онно икки оҕо былдьаммыта.

Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0