Бүлүүгэ чөлүгэр түһэрэр киин өрөспүүбүлүкэҕэ бастакынан аһылынна

Бөлөххө киир:

Ахсынньы 15 күнүгэр Бүлүү куоракка коронавирус инфекциятынан ыалдьыбыт дьон доруобуйатын чөлүгэр түһэрэригэр күнүскү чэбдигирдэр киин өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн биир бастакынан үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылынна.

Бу Киин улуус дьаһалтатын уонна Оройуоннааҕы киин балыыһа тэрийиилэринэн арылынна. Билигин саҥа коронавирус инфекциятынан ыалдьыбыт дьон чөлүгэр түһэригэр, реабилитацияланарыгар дойду уонна өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн улахан болҕомто ууруллара олох ирдэбилинэн буолла. Ыалдьыбыт киһи этэ-хаана 2-3 ыйынан чөлүгэр түһэр. Ол эрээри, хомойуох иһин, ыарыһах дьарҕа ыарыылаах буоллаҕына, толору чөлгө түһүү уһаан-кэҥээн хаалар. Онон, бу Киин ковидынан ыалдьыбыт дьоммутугар олус наадалааҕын улуус баһылыга Сергей Винокуров эҕэрдэ тылыгар тоһоҕолоон эттэ уонна доруобуйа харыстабылын бары үлэһиттэригэр бу ыарахан кэмҥэ күнү-дьылы аахсыбакка үлэлэрин иһин, түгэнинэн туһанан, улаханнык махтанна.


Кииҥҥэ массаас, физиотерапия, эмтиир физкультура, фитотерапия, ону тэнэ психологтары кытары үлэлэр ыытыллыахтара. Манна терапевт ыыппыт дьоно кэлэн эмтэниэхтэрэ

«Саха сирэ», edersaas.ru cайтка анаан Алевтина КОНДАКОВА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0