Бүлүүгэ 34 быыбардыыр учаастак арылынна

Бөлөххө киир:

Бүлүү улууһугар бүгүн сарсыарда 8 чаастан 34 быыбардыыр учаастак арылынна. Улуус үрдүнэн барыта 17685 быыбардааччы баар. Бүлүүлэр улуус баһылыгын таһынан 13 нэһилиэккэ, ол иһигэр Бүлүү куоракка, баһылыктары уонна 15 нэһилиэккэ дьокутааттары талыахтара.

Аграфена КУЗЬМИНА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru.

Улуустааҕы быыбардыыр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Тимофей Иванов иһитиннэрбитинэн, сарсыарда аҕыс чааска барыллаан куоластааһын бүлүтүөннэрин уурунаҕа укпуттар. “Кэтээн көрөөччүлэр бары баалларыгар уурунаҕа 701 киһи эрдэ куоластаабыт бүлүтүөннэрин уктубут. Уруккуну кытары тэҥнээтэххэ, ити үс төгүл ордук көрдөрүү”, — диэн этэр Тимофей Николаевич. Санатан эттэххэ, быыбар күнүгэр кыайан кэлбэт буоллахха, уонча хонук иннинэ быыбардыыр учаастакка кэлэн куоластыахха сөп этэ.
Улуус баһылыгын быыбарын туһунан эттэххэ, билигин бэйэ туруорунутуунан предприниматель Александр Григорьев, улуус дьокутаата, Бүлүүтээҕи педколледж дириэктэрин солбуйааччы Еремей Чиряев “Сиэрдээх Россияттан” улуус баһылыгынан олорбут Сергей Винокуров уонна “Биир ньыгыл Россияттан” улуус баһылыгын бастакы солбуйааччынан үлэлээбит Василий Лукин киирсэ сылдьаллар.

Аграфена КУЗЬМИНА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0