Бүлүү федеральнай суолга өрүһү туоруур кыһыҥҥы икки суол аһылынна
01.12.2021
Бүлүү федеральнай суолун управлениета иһитиннэрбитинэн, ахсынньы 1 күнүттэн Бүлүү федеральнай суолга Бүлүү өрүскэ 660-с км (Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин аннынан) уонна 807-с км (Ньурба улууһун Күндээдэтэ) 4 туоннаҕа диэри ыйааһыннаах тимир көлөлөргө кыһыҥҥы суол аһылынна.
Бу учаастактарга 10 туоннаҕа диэри ыйааһыннаах массыыналар сырыылара ахсынньы 10 күнүттэн көҥүллэнэр. Бүлүү федеральнай суол 956-с км Бүлүү өрүскэ Устье аннынан кыһыҥҥы суол сарсын, ахсынньы 2 күнүгэр, аһыллар.
Ону тэҥэ, ахсынньы 3 күнүгэр Халыма федеральнай суолга 365-с км Хаандыга – Мэҥэ Алдан учаастакка кыһыҥҥы суол аһыллыа. Оттон Дьокуускай – Аллараа Бэстээх хайысханан кыһыҥҥы суол быһа быһарыллаан 2022 сыл тохсунньу 5 күнүттэн аһыллыаҕа.
edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1