Бүлүү федеральнай суолга кыһыҥҥы суол хаһан аһыллар?

Бөлөххө киир:

Халлаан хам ылан эрэр, үгүс улуустарга 20 кыраадыс тымныыны лаппа куоһарда. Бүлүү бөлөх улуустарга  кыһыҥҥы өрүс суола хаһан аһылларын үгүс киһи күүтэр.

Бу күннэргэ Бүлүү суолун управлениета  Бүлүү федеральнай суолга 4 туоннаҕа диэри ыйааһыннаах тимир көлөлөр  Бүлүү өрүһү  туоруур  болдьохторун быһа барыллаан ыйда:

— 660-с км (Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтэ) – 2021 сыл сэтинньи 24 күнүттэн;

— 807-с км (Күндээдэ сэлиэнньэтэ) —  2021 сыл  сэтинньи 24 күнүттэн;

— 956-с км (Устье сэлиэнньэтэ) – 2021 сыл ахсынньы 5 күнүттэн;

— 1049-с км (Кириэстээх сэлиэнньэтэ) – 2021 сыл ахсынньы 10 күнүттэн.

 edersaas.ru

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0