«Бүлүү» федеральнай суол: понтуон муосталары алтынньы 5 күнүгэр хомуйуохтара

Бөлөххө киир:

Халлаан тымныйан эрэр, кэлэн иһэр кэлэн эрдэҕэ. Сотору кырыа кыһыммыт былааһы ылыа.

«Бүлүү» суолун управлениета Бүлүү федеральнай суолга баар Түүкээн (702-с км) уонна Оччугуй Ботуобуйа (1151-с км) үрэхтэргэ турар понтуон муосталары быһа барыллаан, алтынньы 5 күнүгэр хомуйуоҕа. Онон ити иннинэ тэрилтэлэр, биирдиилээн дьон наадалаах таһаҕаскытын тиэйэргитигэр сүбэлииллэр. Санатар буоллахха, алтынньы 5 күнүгэр булгуччу хомуйуллар диэн буолбатах, халлаан туругуттан көрөн, күнэ уһатыллан да, эрдэлээн да биэриэн сөп.

Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0