«Бүлүү» федеральнай суол: 2018 сылга Дьокуускайтан Бэрдьигэстээххэ диэри асфалланыа

13.07.2017
Бөлөххө киир:

Федеральнай статустаах «Бүлүү» суолу өрөмүөннээһин, саҥардан оҥоруу саҕаламмыта хас даҕаны сыл буолла. Быйыл элбэх учаастакка үлэ бара турарын Бүлүү бөлөх улуустарга айаннааччылар көрөр буолуохтаахтар. Ордук киэҥ былааннаах үлэ Дьокуускай уонна Бэрдьигэстээх икки ардыгар ыытыллар.

Улахан ыйааһыннаах самосваллар кумаҕы, гравийы түүннэри-күнүстэри таһан, оҥоһуллуохтаах учаастактарга куталлар. Улахан көлөлөр барыылара-кэлиилэрэ элбэх буолан, үлэ ыытыллар учаастактарыгар суол-иис туруга мөлтөҕө өйдөнөр. Аҕыйах кэми тулуйуохха эрэ наада, сотору үчүгэй буолуо.
«Бүлүү» суола управлениетын пресс-сулууспата иһитиннэрэринэн, бүгүҥҥүттэн 55-с км-тэн 69-с км диэри учаастагы саҥардан оҥоруу саҕаланна. Ити учаастакка баар суолу кэҥэтэн уонна кумахтаах щебени эбэн биэриэхтэрэ. Бу үлэни үмүрүтүүгэ 120 киһи уонна 90 тиэхиньикэ үлэлииллэр.
Гаврил Матвеев, «Бүлүү» суола управлениетын пресс-сулууспатын үлэһитэ:
Бүгүҥҥү күҥҥэ «Бүлүү» федеральнай суолга 270 км уһуннаах учаастакка өрөмүөн уонна саҥардыы ыытылла турар. Былаан быһыытынан, 2018 сыл алтынньытыгар диэри Дьокуускайтан Бэрдьигэстээххэ (181 км) диэри суол асфалланыа.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0