Бүлүү федеральнай суолга икки эбийиэк үлэҕэ киирдэ

Бөлөххө киир:

«Бүлүү» федеральнай суолга өрөмүөн күүскэ барар.
Бу күннэргэ федеральнай суол 402-с км баар Эйим үрэх муостата уонна 459-с км Тыргыллай үрэххэ ууну аһардар анал турбалар үлэҕэ киирдилэр.

Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Эйим үрэх муостата

Суол эбийиэктэрин үлэҕэ киллэрэр үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ «Бүлүү суола» управление начаалынньыгын солбуйааччы Игорь Толстых, Бүлүү улууһун баһылыгын 1-кы солбуйааччы Василий Лукин, Дьөккөн нэһилиэгин баһылыга Альбина Ионова уонна Лөкөчөөн нэһилиэгин баһылыга Анна Доргонова кытыннылар.
Эйим үрэх муостата бу иннинэ туруга адьас мөлтөх этэ, биир эрэ тимир көлө ааһар туруктаах турбута. Бу тимир көлөлөөхтөр сылдьалларыгар харгыһы үөскэтэрэ. Итини учуоттаан, саҥа муоста тирэҕэ саҥардылынна, үрдэ уларытылынна. Эбийиэк уһуна — 28 м.
459-с км баар Тыргыллай үрэххэ ууну аһардар турбалары таҥан оҥордулар. Урукку өттүгэр кыра кээмэйдээх турбалартан сылтаан, Тыргыллай сааскы дохсун уута кыайан ааспакка, суолу алдьатар түгэннэрэ элбэхтик тахсыталыыра. Ити кыһалҕаны туоратар инниттэн улахан кээмэйдээх турбалары таҥнылар. Онон аны саас үрэх уута этэҥҥэ ааһыа диэн суолу тутааччылар эрэнэллэр.

Тыргыллай үрэххэ

Суол икки эбийиэгин «Строймост» ХЭУо 2016 сылтан тутан саҕалаан, былаан быһыытынан, быйыл алтынньыга үлэҕэ киллэриэхтээх эбит. Социальнай өттүнэн суолталааҕын өйдөөн, эбийиэктэр үс ый иннинэ үлэҕэ киирэллэрэ ситиһилиннэ.

Александр Тарасов, «Саха сирэ» хаhыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0