Дьэ, “Таҥха-таҥха” дии-дии суксуруһуу кэмэ. Олох кыра эрдэхпиттэн туох эрэ дьиктини билэ охсоору бүлүүһэ сүүрдүүтүн көрүөхпүн баҕарарым. Маҥан бүлүүһэ остуол устун сүүрэрин, өссө инникигин кэпсиирин көрөртөн ордук дьол ол саҕана суохха дылыта.
Чээн, ол уон икки саастаах бэдиктэр хайдах дьылҕа күүтэн турарын өҥөйөн көрөөрү баҕа бөҕө этибит. Чугас чугас олорооччулар баанньык отто-отто, эбэтэр ким дьоно көҥүллүүрүнэн тиийэн бүлүүһэ сүүрдэрбит, билэр билбэт өлбүт киһибитин барытын ыҥырарбыт (өлбүтэ диэн оннооҕор тыыннаах киһини кытары ыҥыран турардаахпыт). Ол курдук таҥха аайы бүлүүһэ сүүрдэр үгэскэ кубулуйбута. Таах мээнэ буолар буолбат ыйытыылар, устунан кутталлаах түгэн улаатарбыт саҕана көргө-нарга кубулуйан хаалбыта. Устудьуоннуу сылдьан уопсайга, үлэһит да буолан баран уоскуйбакка дьиэбитигэр кытары бүлүүһэ сүүрдэрбит. Таҥха кэмигэр куйаар арыллар дииллэр, дьиҥэ, иһийэн сылдьыахтаах буоллахпыт. Сир халлаанныын силбэһэр кэмигэр чуумпурбакка айах атарынан алларастаһыы бөҕө буолар бэрдэ суоҕа биллэр. Кимиэхэ эргэ барарбытын билээри, онтон хаһан баай-талым олохтонорбутун билээри. Оннук хас киһини аймаабыппыт буолуой? Ол бүлүүһэ сүүрдүспүт доҕотторбут билигин сорохторо күн сириттэн күрэммиттэрэ, тыыннаахтар кэккэлэригэр, хомойуох иһин, суохтар. Оттон били аналлаахпытын билэргэ ыксаабыттар ким эрэ суох, ким эрин сүтэрбит, ким эрэ арахсыбыт бука бары быр-бааччы табылынныбыт диир кыахпыт эмиэ суохха дылы.
Төрдүө буолан бүлүүһэ сүүрдэ олордубут. Ханнык эрэ суруйааччыны дуу, ким эрэ аймаҕын дуу ыҥырдыбыт. Бүлүүһэбит чэпчэки баҕайытык “хамсанар” эрээри, бэйэм диэки тардан көрбүтүм ыарахан баҕайы. Ол курдук “ыҥырыылаах ыалдьыт” ыйытыыларбытыгар сөп буолуохпутугар диэри хоруйдаата, сүрдээх “кэпсэтинньэҥ” бүлүүһэ буолан биэрдэ. Ол быыһыгар, тыл тылга киирсибэккэ биир уолбутун үүрэн кэбистэ. Үһүө буолан быраһаайдаһа сатаатыбыт даҕаны, олох барбаппын диир, “быраһаай” диэн сурукка баран да бэрт, анньан көрдөххө кырдьык ыарахан баҕайы. “Чэ оччотугар бэйэҥ кэпсээ” диэн баран мээнэнэн көрөн баран олордубут. Онуоха бүлүүһэбит хап-сабар “Юрабын дии мин” диэн суруйан барда, били маарыын кэпсэтэ олорор суруйааччыбытыттан олох атын киһи буоларын, бэркэ диэн билэр уолбут буоларын сэһэргээтэ. Ол эрэ туһунан толкуйдаабакка олорор дьон, дьүөгэбинээн бэйэ-бэйэбитин көрсөн эрэ кэбистибит. “Мээнэ сылдьабын” диэх курдук тугу эрэ элбэҕи да элбэҕи кэпсээтэ (бу диэн өйдөөбөппүн). Утуктуу олорбут бэйэбит сэргэхсийэн хааллыбыт. Өссө буукубалары буккуйар, ону ситэрэн биэрдэхпитинэ “ээх” эбэтэр “суох” диэн быһалыы хоруйдуур, өйдөөбөтөхпүтүнэ кыыһырар курдук, өрө ыстана-ыстана сүүрэр. Сарсыарда буолуор диэри сүүрдэн баран дьэ биирдэ тарҕаспыппыт. Тугу ыйыппыппытын, төһө туолбутун бу диэн өйдөөбөппүн. Ол уол дьонугар сэрэнэн кэпсээбитим. Сааһыары уолларын уҥуоҕар тахса сылдьыбыттара, күрүөтэ сууллан хаалбытын булбуттар этэ. Эмиэ дьиибэ. Оттон бүлүүһэ сүүрдүбүт дьиэбитигэр хаста даҕаны дьиктини көрбүттэрин истибитим. Биирдэ быычыкаайык киһи ааны өҥөйөн турарын, иккис түһэҥҥэ көрүдүөргэ киһи хаамар атаҕын тыаһын.
Эдэр оҕолорго инникини билэр туһуттан дуу, бүлүүһэ сүүрэрин көрөр баҕаттан дуу бу кутталлаах көрүҥүнэн үлүһүйүмэҥ диэхпин баҕарабын. Ким итэҕэйиэ, ким илиитинэн сапсыйыа, ол эрээри туох да диэбит иһин өлбүт дьону уйгуурдар үчүгэйинэн аҕаабата биллэр. Ол кэриэтэ чүмэчитэ уулларан эбэтэр кумааҕыта уматан күлүктэ көрүҥ, кинигэтэ ааҕыҥ. Киһи өйүн тутан баран санаатаҕына — буолуохтаах син биир буолар, дьылҕаттан куоппаккын, бүлүүһэтэ да суох таптал кэлэр, холбоһуохтаах дьон ыал буолаллар, төрүөхтээх оҕо төрүүр, өлүөхтээх киһи өлөр. Чэ хайдах эрэ ити курдук…
Надежда Ильина, edersaas.ru
Хаартысканы Интернет ситимиттэн ыллыбыт