Бүлүү Дьөккөнүгэр гаас тардар туһунан сөбүлэҥҥэ илии баттанна
Атырдьах ыйын 4 күнүгэр Бүлүү улууһун дьаһалтата «Сахатранснефтегаз» хампаанньаны кытта «Хампа – Дьөккөн» гаас ситимин тардар туһунан сөбүлэҥҥэ илии баттаатылар. Бу сөбүлэҥ чэрчитинэн «Сахатранснефтегаз» ААУо бэрт уустук тутуулаах бырайыагы – бөһүөлэктэр икки ардыларыгар 35 км усталаах гаас ситимин тардарга эбэһээтилистибэ ылла.
Бу бырайыак үлэҕэ киирдэҕинэ Дьөккөн киин хочуолунайа гааска көһүөҕэ, олохтоох дьон мас кэрдэри, оһох манаһары умнуохтара. Ону таһынан Дьөккөнү гаастааһын сорох олохтоох дьоҥҥо үлэ миэстэтин биэрэрэ күүтүллэр.
Монтаж үлэтигэр бэлэмнэнии 2022 сыл иккис аҥаарыгар саҕаланыаҕа. Ситими дэриэбинэҕэ киллэрии 2023 сылга былааннанар.
“Билигин Бүлүү улууһугар биһиги хампаанньабыт “Кыһыл Сыыр – Мастаах” магистральнай гаас ситимин түмүктүүр үһүс түһүмэҕин ыыта турар. Инникитин өссө элбэх нэһилиэнньэлээх пууннары гаастыырга барыл баар”, — диир «Сахатранснефтегаз» генеральнай дириэктэрэ Алексей Колодезников.