Ийэ сылыгар бүгүн, олунньу 9 күнүгэр, үтүөкэннээх киһи, тапталлаах ийэ, маанылаах эбээ Бүлүү улууһун Чочу нэһилиэгин олохтооҕо, сэрии кэмин оҕото, үлэ бэтэрээнэ, «Күн күбэй ийэ» бочуоттаах бэлиэ хаһаайката Варвара Чиряева (Баайа) үбүлүөйдээх 85 сааһын туолла.
7 оҕо тапталлаах ийэтэ, элбэх сиэн, хос сиэн эйэҕэс эбээтэ Варвара Дмитриевна Чиряеваны (Баайаны) кытта мин 2016 сыллаахха кулун тутар 11 күнүгэр Бүлүү Чочутугар командировкаҕа тиийэ сылдьан билсибитим.
Тыа сиригэр кимнээх хантан кэлбиттэрэ түргэнник сонун буолан тарҕанар. «Саха сирэ» хаһыат суруналыыстара матырыйаал хомуйа, хаһыаттарын билиһиннэрэ кэлбиттэр» диэн сурах түргэнник тарҕана охсубут этэ. Эбиэттээн баран, оскуола олоҕун кытта билсэ сырыттахпытына биир эдэрчи дьахтар миэхэ чугаһаан кэлэн баран: «Мин ийэм Варвара Дмитриевна эйиигин дьиэтигэр ыҥырар. Баран көрсөр үһүгүн», — диэтэ. Оскуола олоҕор бүтүннүү «киирэн турар» киһи «оттон бэйэтэ манна кэлэ сылдьыбат дуо?» диэн ыйыттым. «Суох. Кини хараҕынан көрбөт инбэлиит. Дьиэттэн тахсыбат. Өрүү араадьыйатын кууһан баран олорор киһи. Эйиигин араадьыйаҕа истэн билэр. Онон бачча бэйэтинэн кэлэн баран, көрүстүн» диэн көрдөһөр диэтэ. Мин кэллиэгэлэрбин сэрэтэн баран, Варвара Дмитриевна кыыһын батыстым. Баран иһэн кэпсэттибит. Варвара Дмитриевна глаукома ыарыыттан икки хараҕа көрбөт буолбут эбит. Саамай күндү доҕоро — араадьыйата.
Варвара Дмитриевна киирэн дорооболоспуппар, «оо, оҕом куолаһын тута биллим. Кэл олор, кэпсэтиэх», — диэтэ.
— Саамай сөбүлүүр биэриилэрим тыа сирин олоҕун туһунан уонна араадьыйа пуондатыттан биэриилэр. Илгиирэ кэпсээн ааҕарын олус сөбүлүүбүн. Суруйан ыыттаххытына өссө кэпсиэҕим диир ээ. Ааспыт ыйга Местникованы, Решетникованы уонна Фекла Ивановы иһитиннэрдилэр. Оо, кинилэр куоластара сүрэҕим-быарым ортотунан киирэр. Араадьыйа кэлин наһаа тубуста. Тэлэбиисэргэ эмиэ холбонор буолбуттар. Хаарыаны, харахтаах дьон көрөн эрдэхтэрэ, — диэн араадьыйа эрэлээх истээччитэ санаатын үллэстибитэ.
Кырдьаҕас киһи оччолорго санаатын тиэрдибитэ — «Араадьыйа пуондатыттан биэриини киэһэ 10 чаас кэннэ биэрэллэр. Мин эрэ буолуо дуо, тыа сирин дьоно үксэ саатанарбыт эрэ араадьыйа буоларын өйдөөн туран, ити баҕа санаабын ылыналлар ханнык», диэбитин, мин командировкаттан кэлээт, араадьыйа салалтатыгар тиэрдибитим. Дьолго, уһаппатахтара, ол биэрии күнүскү бириэмэҕэ көспүтэ. Онон араадьыйалар эрэллээх истээччилэрин баҕа санаатын толорбуттара.
Варвара Дмитриевна киэҥ аймахтаах киһи буолан, дьонун-сэргэтин олоҕун күннэтэ билсэ олорор.
Таптыыр кэргэнинээн Чемпион Сергеевичтыын 44 сыл дьоллоохтук олорбуттара. Кинилэр сэттэ оҕоҕо күн сирин көрдөрбүттэрэ.
Варвара Дмитриевна Чочутааҕы участковай балыыһаҕа өр сылларга санитарканан үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Тапталлаах кэлэктиибэ кинини күн бүгүнүгэр диэри умнубат, өрүү өйүүр.
… Сыдыбыл ытык олохтооҕо сарсыарда аайы суунан-тараанан баран эрэллээх доҕорун — араадьыйатын холбуур. Сонуннары биири да көтүппэккэ истэр буолан, оҕолорун, сиэннэрин сырдатар. Сайын, күһүн хайаан да сибиэһэй салгыҥҥа тахсан, дьиэтин кирилиэһигэр чочумча тура түһэн киирэрин сөбүлүүр. Илиитин иминэн өссө массыынанан иистэнэр, ас астаһар. Онон күн солото суох. Варвара Дмитриевна хоһоон айар эбит. Дьиктитэ баар, ол хоһооннорун барытын нойосуус билэр.
— Биир сарсыарда сайын таһырдьа таҕыстым. Салгына сибиэһэйэ сүрдээх. Аттыбар чыычаах ыллыыр. Мин испэр «бу кэрэни илэ бэйэтинэн көрбүт киһи ньии…» дии саныы олорон, саҥа таһааран айан бардым:
«Ыллыыр-туойар чыычааҕым, чырыбынай чыычааҕым,
Сарсыардааҥҥы саһарҕа тахсар кэрэ кэмиттэн
Күнүм тахсар сириттэн көтөн-ааһан иһэҥҥин,
Күндү көмүс ытыспар,
Өлбөт мэҥэ уутуна ууран ааһыый, чыычааҕыам!
Харахтарбын эмтэнэн, күнүм кэрэ сырдыгын
Көрөн ааһыах этим мин…
Ыллыыр, туойар чыычааҕыам,
Аһыммаккын дуо миигин?..».
Бу хоһоонун Варвара Дмитриевна ырыа гынан сотору-сотору ыллыыр эбит. Тахсаары турдахпына ыллаан биэрбитигэр, уйадыйан, хараҕым уута кэлбитин биллэрбэт буола сатаан:
— Санааҕын олох түһэрбэт киһи эбиккин. Кытаат, ити курдук бэйэҕин уоскутан, сааратан, оҕолоргор, сиэннэргэр өрүү наадалаах киһи буола сырыт!», — диэн алҕаппыппар, наһаа үөрбүтэ. «Эн эмиэ үчүгэйдик сырыт дуу, тоойуом. Аны билистэхпит дии. Сүтэн хаалыма, бааргын биллэрэ олор«, — дии хаалбыта.
Күн бүгүҥҥэ диэри Варвара Дмитриевна кыыһа Галинаны кытта билсэ олоробут. Онон үтүөкэннээх киһим туһунан күннээҕинэн истэ-билэ сылдьабын. 2016 сыллаахха кулун тутар 24 күнүгэр «Чырыбынай чыычааҕым, өлбөт мэҥэ уутуна ууран ааһыый» диэн Варвара Дмитриевна туһунан матырыйаалбын кэриэстээн уура сылдьарын бу күннэргэ хаартыскаҕа түһэрэн ыытта.
Варвара Дмитриевна 85 сааһын туолбут өрөгөйдөөх үбүлүөйүнэн бүгүн Сыдыбылтан, 1-кы Күүлэттэн, Бүлүү, Кэбээйи, Уус Алдан, Үөһээ Бүлүү улуустарыттан, Дьокуускайтан, Мииринэй Айхалыттан, Калининградтан оҕолоруттан уонна үтүмэн үгүс сиэннэриттэн эҕэрдэ тыл маанытын истэр.
Бүгүн кини ыччаттара: «Эн биһигини үрдүк үөрэхтээх оҥорон, олох киэҥ аартыгар үктэннэрбиккинэн, аныгы үйэ сиэринэн сайдыылаах олоххо бигэ бэлэмнээх дьон буолбуппутугар көмөҥ, сүбэҥ-амаҥ, ахсаабат кыһамньыҥ иһин барҕа махталбытын тиэрдэбит. Билигин сиэннэриҥ, хос сиэннэриҥ эн сылаас сыһыаҥҥар угуттанан, үтүө сүбэҕин-амаҕын, эн олоххо дьулуургун көрөн өссө чугастык ылынабыт. Биһиги эйиигин холобур оҥостобут. Эн үтүөҥ бэйэҕэр уон оччонон төннүөҕэ. Барыбыт ситиһиитэ уон оччонон эн олоххун уһатыаҕа”, диэн социальнай ситимнэргэ суруйбуттарын кыыһа Галина Чемпионовна Догоюсова таптыыр ийэтигэр ааҕан биэрэн, санаатын угуттуур.
Варвара Дмитриевна, эйиигин Ийэ сылыгар 85 үбүлүөйдээх сааскын туолбуккунан «Саха сирэ» хаһыат кэлэктиибин аатыттан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит. Хаһыаппыт дьоруойугар өрүү бүгүҥҥүҥ курдук олох уустуктарын этэҥҥэ туоруургар баҕарабыт. Эн кытаанах дурдаҥ-хаххаҥ — дьиэ кэргэниҥ кэккэтэ өссө да хаҥаан истин, кинилэр ситиһиилэринэн толору дьоллоннон олор диэн эҕэрдэбитин ыытабыт!
Елена ПОТОЦКАЯ, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска — Галина Догоюсова тиксэриитэ.