Бүлүүчээннэр сөрүө оҥоһуутун баһылаабыттар

07.04.2017
Бөлөххө киир:

Бүлүүчээн — Сунтаар улууһун саамай ыраах нэһилиэгэ. Улуус кииниттэн 160 килэмиэтир тэйиччи сытар. “Сахамедиа” холдинг суруналыыстара “Улуус олоҕо” бырайыак чэрчитинэн дьон-сэргэ хайдах тэринэн олорорун илэ харахпытынан көрөөрү ол диэки айаҥҥа туруннубут.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Бүлүүчээҥҥэ суол олус тупсубутун аргыстарбыт кэпсииллэр. Аҕыйах сыллааҕыга диэри хонон баран эргиллэр сиргэ билигин икки-үс чааһынан тиийиллэр буолбут. Массыынабыт сындыыстана көтөр. Айылҕа кэрэтин өйдөөн-дьүүллэн көрбөккө, дуоһуйбакка хаалыах курдукпут. Ити эрээри кэрэ-бэлиэ миэстэлэргэ, айылҕа анаан оҥорбут дьикти сирдэригэр тохтоон аастыбыт. Дэриэбинэҕэ чугаһыырбытыгар хаар хайалар көһүннүлэр. Бүлүү өрүс кэрэ-бэлиэ кытылынан тайаан сытар үрдүк очуос таастар көстөллөр. Бүлүүчээн Наахара нэһилиэгин кытта кыраныыссалаһар.

Биһигини «Улуус маастара», «Саха сиригэр норуот оҥоһуктарын маастара» уонна «Норуот маастара» диэн үрдүк ааттары сүгэр Марфа Контогорова балаҕаныгар сирдээн аҕаллылар.

Тастан көрдөххө, аныгылыы быһыылаахтык тутуллубут балаҕан иһэ сылааһынан илгийэ, көмүлүөк оһох тачырҕас тыаһынан көрүстэ. Сунтаардар ыраахтан-чугастан кэлбит ыалдьыттары айах тутан, кыынньар кымыһынан, сылаас алаадьынан көрсөр үтүө үгэстээхтэр. Ол сиэринэн хаһаайка Марфа Николаевна алгыс тылын этэ-этэ, сүүспүтүгэр оһох күлүн аҕаата.

Харахпыт балаҕан эркиннэригэр кичэллээхтик ыйаммыт сиэл, кыл оҥоһуктарга хатанна. Улахан паннолар, дьэрэкээн көбүөрдэр, хартыыналар айар куттаах, ураты талааннаах маастардар бу нэһилиэккэ олохсуйбуттарын кэпсииргэ дылылар. Балаҕан түннүктэрин сабыылара эмиэ аныгылыы моһуоннаахтар, үрүҥ сиэлтэн оҥоһуллубуттар. Быыстаах-хайаҕастаах өрүллүбүт буолан, сырдыгы төһө баҕарар киллэрэллэр. Хаһаайка этэринэн, үрүҥ сылгылар күн энергиятын ордук күүскэ хомуйаллар.

Хартыыналары биһирии көрбүппүт кэннэ Марфа Николаевна кэпсээнин саҕалаата:
Кэргэним Константин Михайлович дьиэбит тэлгэһэтигэр балаҕан тутуутун саҕалаабыта. Кэлин баһылык Федор Прокопьевич 150 тыһыынча харчынан көмөлөһөн, силигин ситэрбиппит. Онон, нэһилиэк 2014 с. балаҕаммыт аанын биир дойдулаахтарбытыгар тэлэччи арыйбыппыт. 2001 сылтан «Саха саргыта» диэн түмсүү тэринэммит сиэлинэн оҥоһуктары айабыт-тутабыт. Сыыйа-баайа үөрэнэн, уопутуран, билигин сөрүө оҥоһуутугар ылыстыбыт. Сөрүөлэрбит сорохторо Национальнай художественнай мусуой биир салаатыгар уонна нэһилиэкпит уус-уран галереятын мусуойугар дьон көрүүтүгэр тураллар. Быһааран биэрэр буоллахха, Бүлүүчээннээҕи галерея 1987 с. аһыллыбыта. Бүгүҥҥү туругунан, бастакы уонна соҕотох дьиэ буолар. Манна араас тэрээһиннэри ыытабыт. Холобур, бэҕэһээ биир үөрэнээччим Клеопатра Контогорова «Өбүгэ илдьитэ» быыстапкатын туруорда.

Дьокуускайдааҕы «Симэх» галереяны кытта ыкса сибээстээхтик үлэлииллэр. Өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар быыстапкаларга үксүн сөрүө оҥоһуктарынан кытталлар. Үлэлэрин хайысхаларынан, тутулларынан уус-уран прикладной искусствоҕа киирсэллэр. Онтон олбохторо, сөрүөлэрэ саха үгэс буолбут, күн бүгүҥҥэ диэри харыстаан илдьэ кэлбит оҥоһуктара.

Марфа Николаевна тарбахтара соло буолбаттар. Үрүҥ сиэл төкүнүктэри биир кэм имигэс-имигэстик эргитэ-урбата тутар, ойуу таһаарар, ол быыһыгар оҥоһуктарын астыммыт харахтарынан имэрийэ көрөр.

Кини салайар түмсүүтүгэр 12 киһи баар да, сорохтор кыһыҥҥы кэмҥэ Мирнэйгэ, Дьокуускайга кыстыы барар буоланнар, билигин дьаныһан туран үлэлээччи аҕыйаан биэрэр кэмэ эбит.

Маннык үлэ уһун унньуктаах бириэмэни, тулууру эрэйэрин, сорохтор сиэли ыраастыыры кирдээх-хохтоох үлэ курдук санаан тохтуулларын сибигинэйэ былаан кэпсиир.

Марфа Колмогорова сиэлинэн хайдах үлэлиири биир дойдулаахтарыгар, кэлэр кэнчээри ыччаттарыгар үөрэтэр баҕалаах буолан, оскуола үөрэнээччилэрин «Эбээ оскуолатыгар» алта сыл дьарыктаабыт. Хомойуох иһин, «Оҕолору учуутал идэтэ суох киһи үөрэтиэ суохтаах» диэн үөһээттэн ыйыы-кэрдии кэлэн, дьарыгы тохтоппуттар. «Ол гынан баран, сыыһа бобуу буолбутун өйдөөтүлэр быһыылаах. Норуот маастардара үөрэттинэр диэн буолла, онон оҕолорбутун салгыы мантан инньэ дьарыктыырбыт буолуо. Биһиги түмсүүбүтүгэр Клеопатра Контогорова, Матрена Морозова курдук улуус маастардара бааллар», — диэн норуот маастара салгыы кэпсиир.

«Саха саргыта» түмсүү далбар хотуттарын үлэлэрэ элбэх сыраттан, кыһамньыттан, саха үгэс буолбут дьарыгар тапталларыттан, бэриниилэриттэн тахсарын көрөн сөхтүбүт. Марфа Николаевна «биэс харахтаах» диэн ааттыыр паннотын 16 дьахтар биир кыһыны быһа тикпит. Балаҕан ыйыттан саҕалаан баран, ыам ыйыгар бүтэрбиттэр. Түмсүү чилиэннэрэ үгүстэрэ саастаах уонна сиэн-уруу элбэх дьоно буоланнар, нэдиэлэҕэ биирдэ эрэ мусталлар эбит.

Бүлүүчээн маастардарын сиэлтэн үлэлэрэ өссө биир уратылаах. Ол үгүс панноларыгар суругу тиһэллэрэ буолар. «Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат», «Айыы суолун аргыстаах аартыга» уо.д.а. суруктаах оҥоһуулар олус тупсан, бу дьарыгы баһылаабыттарын көрдөрөллөр.

Марфа Николаевна биһиги сэргээбиппитин таба көрөн: «Сунтаардар сиэлгэ үлэбит биир уратытынан ити буолуон сөп. Сорох үлэлэрбитин араас тиэмэҕэ аныыр буолан, суругунан-бичигинэн ситэрэн-хоторон биэрэбит, хатыламмат гына оҥоро сатыыбыт. Итинник суругу-бичиги киллэриини биһиги саҕалаатыбыт быһыылаах. Искусствоведтар быһааралларынан, бу үлэлэрбит мөлүйүөнүнэн сыаналаахтар үһү», – диэн кэпсээтэ.

Бүлүүчээн маастардарыгар үөрэниэн баҕалаах элбэх. Ол курдук, Марфа Контогорова ыраах сытар Кутана нэһилиэгэр тиийэн маастар-кылаас ыытыаҕыттан, анарааҥҥылар дьаныһан туран үөрэнэн, билигин өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр-көстөр, сураҕырар маастардарга тиийэ сайыннылар. Кутаналар бэйэлэрэ «Ситии» түмсүү тэринэннэр, кылынан-сиэлинэн дьарыктаналлар. Ат симэҕин оҥорон, кыбытыылаах тигиинэн элбэх быыстапкаларга кытталлар.

Бу курдук, Бүлүүчээн нэһилиэгин олохтоохторо сынньалаҥнарын туһалаахтык атаараллар. «Саха саргыта» түмсүү кыл, сиэл оҥоһуктара өрөспүүбүлүкэтээҕи, аан дойдутааҕы быыстапкаларга биһирэнэллэр. Кинилэр үлэлэрэ ис хоһоонунан, сабардамнара улаханынан, хабар тиэмэлэрэ киэҥинэн уратылаахтар. Олохтоох далбар хотуттар ону тэҥэ нэһилиэнньэни эмтээх оттору хомуйууга, туһаныыга үөрэтэллэрэ хайҕалга сылдьар.

Марфа Контогорова бэлиэтээһиннэрэ:

— Сиэлинэн, кылынан дьарыктаныы эмтиир уратылаах. Мин улаханнык ыалдьан баран, кырдьаҕастар сүбэлэринэн сылгы иигинэн-сааҕынан эмтэнэ сылдьыбытым. Онтон устунан сахам сылгытын сиэлинэн дьарыктанан барбытым. Хас биирдии кыл үтүө энергиятын ылан, доруобуйабын чөлүгэр түһэрэргэ санаммытым, чахчы туһалаата.

— Кылы, сиэли имитии эккин-сииҥҥин массаастыыр, илбийэр. Оҕо тарбахтарын моториката сайдар.

— Кылынан үлэ эридьиэстэрин уолаттар ордук ылыналларын бэлиэтии көрдүм. Кыргыттар үлэлэрин түргэнник бүтэрэ охсуохтарын баҕараллар, онтон уолаттар тулуурдаахтар, силигин ситэрэн баран биирдэ уоскуйаллар. Ол иһин, кинилэр үлэлэрэ ордук хаачыстыбалаах буолар.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0